«Ыскааптары сөргүйсүү» өссө да иннибитигэр

Среда, 07 Сентября 2011 21:48
Оцените материал
(0 голосов)
09cart14Быйыл кыһыҥҥыттан саҕалаан быыбардар түһүмэхтэрэ утуу-субуу субуллан барыахтаахтар. Госдума дьокутааттарын талыы, эһиил дойду президенин быыбара, онтон мээрбитин, Ил Түмэммит, Гордумабыт дьокутааттарын талаттыахтаахпыт.

Ахсынньытааҕы быыбар сир-буор аннынааҕы сахсаана инньэ бу сааскыттан саҕаламмыта. Баартыйалар бэйэ-бэйэлэрин ыскааптарын сөргүтэн, хаһааҥҥы эрэ быыллыйбыт, курсуйбут «дьардьамаларын» булаттаан, сотору-сотору Интернет-сайтарга «бэлэх ууналлар». Хомуньуустары «миллионнердарга» кубулуттулар, «едролары» эрдэттэн оҥоһуллубут праймеризтарынан сирэй-харах астылар, Грызловтарын массыанньыктыын куодарыһыннаран «Ыраас ууга» таһаардылар, «сиэрдээхтэр» сиэрэ-суох хараабылларыттан куоталларын хоттулар.

Эрдэ сылыктааһынынан, Саха сиригэр 3 баартыйа улаханнык утары туран күөн көрсөн күрдьүөттэһиэхтээҕэ: КПРФ, «Биир ньыгыл Арассыыйа» -- дьаһалта, салалта, былаас «миҥэтэ» уонна 2001 сыллаахтан «суон сураҕырбыт» Федот Тумууһап, кини кэннигэр турар «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйа олохтоох салаата.

Кэлиҥҥи аҕыйах кэм иһигэр тип-тап курдук пиарданан «Правое дело» баартыйа быыбар биэтэгэр сэниэлэнэн таҕыста. «Алданзолото» хампаанньаны атыыласпыт, үс улахан көмүстээх сирбитин бас билэр  «Полюс Золото» хаһаайына, дойду олигархтарын ахсааннарын ситэри толорор -- Михаил Прохоров «Правай дьыалатын» өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын ким баһылыыра билиҥҥитэ биллибэт. Хара маҥнайгыттан үс киһи аата ааттанара: Ил Түмэн дьокутаата Владимир Федоров («Виктория» миэбэл-салона), Ил Түмэн дьокутаата Афанасий Максимов («Якол», «Саханефтегаз» урукку гендриэктэрэ) уонна «Эрэл» судаарыстыбаннайа суох пенсионнай фонда дириэктэрэ Федор Луковцев. Федоров уонна Максимов «Михаил Прохоровтыын илэ бэйэтин кытары көрсөн кэпсэттибит» диэн хаһыаттарга интервью биэрдилэр. Региональнай отделение салайааччытынан буолар күн баҕалаах киһи -- Федор Луковцев Москуба көстүүнэйигэр «Прохоровы манаан өрүү сытара» иһиллэр. Билиҥҥитэ Владимир Федоров «баартыйа Саха сиринээҕи салаатын баһылыыртан» аккаастанным диэн интервьютугар этэр. Ол гынан баран, дьыала чугаһаатаҕына, хайдах-туох «ырыа ылланыа» биллибэт. Оттон «правайдар» олохтоох салайааччыларынан Максимовтаах Луковцевтан таллардахтарына, «саха электората» бука кимин чорботуоҕа сэрэйиллэр. «Харизма» диэбиккэ дылы, «Максимов уобараһа» дьоҥҥо ордук чугас.

Өссө биир сураҕынан, 2001 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ президенин дуоһунаһыгар кандидатуратын туруоруна сылдьыбыт Василий Филиппов «саҕахха көстүбүтүн» кэпсииллэр. Василий Васильевич дойдутугар төннүбүт официальнай версията – Арассыыйатааҕы наука академиятын Саха сиринээҕи филиалын салайааччытын дуоһунаһын быыбарыгар кытта кэлбит. Филиппов хайа баартыйаҕа сыстыаҕын билэ-таайа сатыыр киһи үгүс.

«Саха быыбардааччытын» өссө биир сурах соһутта: ЛДПР кэккэтигэр, соторутааҕыта айдааннаахтык «ньыгыллартан» тахсыбыт Гордума дьокутаата -- Алексей Петров киирдэ. Алексей Дмитриевич бастакы баартыйатыттан тахсарыгар «ньыгыллары» көрүнньүк баартыйа диэн суустаан баран барбыта.

«Күрэстэһии баар буолуохтаах. Аҥардастыы тоҕо биир эрэ баартыйа күөнтүөхтээҕий? Хаһан баҕарар, ханна баҕарар сайдыы күрэстэһиигэ олоҕуран барыахтаах. ЛДПР-га киириим улаханнык ырытыллыбыт, анаарыллыбыт дьыалам буолар», -- диэн кини этэр.

Алексей Петров бэйэтэ Тааттаттан төрүттээх. Онон илин эҥээр улуустартан куолас сулбу тардан ылыан сөп. «Балаҕан ыйын 10-гар Москубаҕа ЛДПР сийиэһэ тэриллиэхтээх. Саха сирин региональнай салаатыттан сийиэскэ сүрүн этиибит – гаас сыаната буолар. Саха сирин гааһа Азия Тиихэй акыйаан тулатынааҕы дойдуларын гааһынан хааччыйан олорор. Өрөспүүбүлүкэ экспортанар гаас сыанатааҕар ыарахан сыаналаах гааһы туттан олорор. Сирбит гааһын ыарахан сыанаҕа атыылаһан олоробут. Гааспыт турбатын нэһилиэнньэ бэйэтин харчытыгар таттарар, эбиитин ол турбанан кэлэр гааспытын ыарахан сыанаҕа атыылаһабыт! Бу маннык батталлаах балаһыанньаны уларытыахха наада диэн туруорсабыт», -- диэн Алексей Петров этэр.

Бу иннинэ ЛДПР регионнааҕы салалтатыгар биир да саха суоҕун кэриэтэ этэ. Мантан антах Алексей Петров Гордумаҕа ЛДПР фракциятын тэрийиэхтээх, олохтуохтаах. «Мин үрдүкү былаас үлэтигэр-хамнаһыгар быһаччы орооһор, ханна эрэ утары турсуутугар кыттыһар былааным суох. Онно төрүт кыһаммаппын. Мин дьыалам – куорат дьокутаатын быһыытынан, Дьокуускай куорат кыһалҕатын быһаарсыахтаахпын. Куорат дьокутааттарыгар куруук инньэ диирим, диэм даҕаны. Биһиги бүтүн дойду глобальнай боппуруостарын быһаарсар Госдума дьокутааттара буолбатахпыт. Дьокуускай куорат дьокутааттара – Дьокуускай проблематынан дьарыктаныахтаахтар!» -- диир.

Биир өттүнэн, «бэйэ киһитэ» ЛДПР-га киирбитэ бэрдин бэрт эрээри, атын  өттүнэн, «саха куолаһа» бытарыйарыгар тиэрдиэн сөп.

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru