Ким кимниин күрэстэһэрий?
Воскресенье, 05 Марта 2017 01:47
“Алаастаһыыны”, “улуустаһыыны” тохтотуохха наада диэн улуйбаппыт эрэ. Ордук итини былаастарга сыһыаннаан, сирэй-харах анньан, кэриэтээн этэбит. Ол да буоллар, бэйэ иннигэр бэрэбинэ сытарын өйдөөн көрбөппүт.
Билиниҥ эрэ, хас “Вацап” группатыгар ким эрэ оҕото, сиэнэ, аймаҕа, ийэтэ, балта, биир дойдулааҕа, коллегата ханнык эмэ күрэхтэһиигэ кыттар “ҮҺҮ” дии-дии төһө ссылка кэлэрий? Дьэ, “кимим эрэ куоталаһан эрэр, маннык сайтка киирэн манна куоластааҥ, биллэриини салгыы тарҕатыҥ” диэн суруктар төһө дэлэйдэрий?
Кимин-тугун, туохха куоталаһарын билбэт да эрээри киирэн куоластыыбыт – “бэйэ киһитигэр”. Атын күрэхтэһээччилэр, баҕар, ити “бэйэбит киһибитинээҕэр” ордук, тутум үрдүк, чаҕылхай буолуохтара диэн өйбүтүгэр оҕустаран да көрбөппүт. “Билэр киһим билэр киһитэ”, эбэтэр “оҕото”, “аймаҕа” – талар, куоластыыр критерийбит ити эрэ.
Соторутааҕыта , учууталлар күрэхтэһиилэригэр кыттар “биһиги” оскуолабыт учууталыгар куоластааҥ диэн сорудах-илдьит кэлбитэ. Бу учууутал хайдах үөрэтэрин, идэтигэр төһө талааннааҕын мин билбэппин. Сатахха оҕобун дуу, сиэммин дуу үөрэтэрэ буоллар син удумаҕалатыам этэ. Ону тоҕо мин “биһиги гиэнэ” эрэ диэнинэн сирдэтинэн киниэхэ куоластыахтаахпыный? Оччотугар баҕар олох да көтүмэх учууталы “бастатан” таһаарыахпыт, дьиҥнээх талааннаах учууталы “атын” диэн хотторуулаах оҥоруохпут суоҕа буолуо дуо?
“Биир дойдулаахпыт кыттар үһү – куоластааҥ”. Мин кини үлэтин да, бэйэтин да, талаанын да билбэппин. Оччотугар тоҕо куоластыыбын? Мин алааһым, улууһум эрэ оҕотун иһин дуо? Оҕолорбутун ити күрэхтэртэн да саҕалаан “алаастаһыыга-улуустаһыыга” бэйэбит үөрэтэбит буолбаат? “Бу, таатталар кыайаары гыннылар, чэ эрэ, ньурбалар кытаатыҥ”...
Ити алааһынан-улууһунан күрэхтэһии буолбакка тугуй? Дьиҥнээх талааннаах оҕо “алааһа-улууһа” суох буоллаҕына, итинник күрэхтэргэ хоттороругар тиийэр. Уонна хантан чулуулартан чулуулары иитэн таһаарыахпытый, “бэйэ гиэнэ” эрэ диэнинэн сирдэтинэ сылдьар дьон?!
Аны ырыаһыттар сольнай концертара буолар. Үчүгэй баҕайы ырыаһыт диэн, куолаһын, талаанын сыаналаан тиийэҕин. Оттон сыанаҕа да турааччы, саалаҕа да олорооччу артыыс төрөөбүт улууһун эрэ чорботон бэлиэтээ да, биэлиэтээ, “кинилэргэ эрэ” туһаайан айар-тутар буолан хаалар... Атын улууска төрөөбүт “буруйдаах” көрөөччү, туспа ыал түһүлгэтигэр ыҥырыллыбакка эрэ кэлбит курдук хом сананар.
Онон, “алаастаһыыны-улуустаһыыны” тохтотобут, утарабыт диир буоллахпытына, бастатан туран, бэйэбититтэн, ити кыра курдугун да иһин, ыччаппытыгар холобур өйү-санааны угар, күннээҕи дьайыыларбытын тохтотуох кэриҥнээхпит. Саха – үөһээ бүлүү, чурапчы, дьааҥы буолбакка, биир сомоҕо норуот – САХА буолуохтаах. Оннук өйгө-санааҕа тиийэр кэм кэллэ эбээт.
***
Прасковья НИКАНОРОВА,
“Аартыкка” анаан.
Комментарии
Дойдубун санаан Дьоллономмун үөрэбин.
Санаабар миигин көрсөр Ийэ салгын сиккиэрэ,
Хойуу оттоох өҥ хочо,Наҕыл хатыҥ сипсиэрэ.
Дойдум дьоно дууһабар Аанньал курдук ыалдьыттар,
Ахтан, суохтаан көрсөрбөр Аҕам, ийэм курдуктар.
Уерэтэн бут Борускуобуйа!!!