Ил Түмэн: Айдааннаах сокуон барылын дьүүллэһии
Вторник, 21 Февраля 2017 23:02
Бүгүн, олунньу 21 күнүгэр, Ил Түмэн икки кэмитиэтэ холбоһон, улуус (оройуон) кииннэригэр – куораттыы типтээх бөлүөлэктэргэ уонна куораттарга баһылыгы (мээри) талыы быыбарын тохтотор туһунан саҥа сокуон барылын дьүүллэстилэр.
Кэмитиэттэр мунньахтарын Ил Түмэн госстроительствоҕа кэмитиэтин салайааччыта Алексей ЕРЕМЕЕВ уонна бэйэни салайыныы боппуруоһугар кэмитиэт салайааччыта Василий МЕСТНИКОВ иилээн-көҕүлээн ыыттылар.
Алексей ЕРЕМЕЕВ киирии тылыгар ханна-туохха олоҕуран бу сокуону көҕүлээбиттэрин быһааран биэрдэ: РФ Конституционнай суутун уурааҕын, быһаарыытын, Федеральнай сокуон ыстатыйаларын, Саха Республикатын сокуоннарын ааҕыталаата.
Депутаттартан хас да киһи, ол иһигэр ЕРЕМЕЕВ уонна МЕСТНИКОВ, куораттыы типтээх бөһүөлэктэргэ уонна куораттарга мээрдэр уонна улуус/оройуон баһылыктара тыл-тылга киирсибэт балаһыанньалара баар, ол үлэни атахтыыр, онон бөһүөлэк/куорат депутаттара уонна улуус баһылыктара бэйэлэрэ хамыыһыйа тэрийэн, куонкурус ыытан, баһылыктарын таллыннар диэн тыл көтөҕөллөр.
Холобур, Ньурба улууһун баһылыга ПОПОВ Ньурба куорат мээрин ИННОКЕНТЬЕВЫ кытары сатаспат. Өскөтүн ПОПОВ “киһитэ” мээр буолбута эбитэ буоллар, мээр кырата былаах тутан баран нэдиэлэ аайы Ленин памятнигын анныгар ПОПОВУ көмүскээн күүстээх миитин тэрийиэхтээх этэ. Кырата “Бигэ – 2” буолуохтаах этэ. Ону баара сатаспат уонна кини миэстэтигэр дураһыйар онон миитиннээччилэри кый ыраахха кыйдаан ойбон тула хаамтарар-хайыыр.
Былырыыҥҥа диэри Нерюнгри куорат мээрэ Леонид ОЛЕЙНИК уонна оройуон баһылыга Андрей ФИТИСОВ хас да сылы быһа уһун унньуктаах сэриигэ ылахтаһан да биэрээхтээбиттэрэ. Түмүгэр ФИТИСОВ оройуон баһылыгын быыбарыгар кыайтаран сир-буор сирэйдэнэн турар.
Уус Майа улууһун баһылыга Уус Майа бөһүөлэгин кытары эмиэ атааннаһан аҕыс айдаан тарпыттара диэн, сокуон барылын көҕүлээбит депутаттар аҕыннылар.
Улуус баһылыктарыгар олус барыстаах сокуон барыла, дьиҥинэн. Бэйэ дьонун мээринэн аныыр бэрт буоллаҕа – истигэннэр, дуоһунаскар дураһыйбаттар. Ол-бу араас буолан тараҥнаары гыннахтарына уураталыахха да сөп, быраап бэриллэр. Онон, баһылыктарга итинник сокуон киирэрэ эгэ эрэ буоллаҕа.
***
Ол гынан баран...
Ол гынан баран, бу саҥа сокуон барыла, өссө биирдэ санатабыт – куораттыы типтээх бөһүөлэктэргэ уонна куораттарга (Дьокуускайтан ураты) эрэ дьайар кыахтаах. Холобур, Амма улууһун баһылыга Амма сэлиэнньэтин баһылыгын хайдах да быһа “аныыр” кыаҕа суох. Томпо улууһун баһылыга пгт (поселок городского типа) Хаандыга баһылыгын “аныыр” кыахтаах. Алдан улууһун баһылыга - Алдан куорат мээрин, Мииринэй улууһун баһылыга - Мииринэй куорат мээрин “аныыр” кыахтаах.
Оттон Уус Алдан улууһун баһылыга Бороҕон баһылыгын, Мэҥэ Хаҥалас – Майа баһылыгын “аныыр” кыаҕа суох. Тоҕо диэтэххэ олор – сэлиэнньэлэр. Ол “сэлиэнньэлэр” баһылыктарын “аныыры” федеральнай сокуон бобор. Арай, сэлиэнньэлэр депутаттара бэйэлэрэ “ананарга” бэлэммит диэн устааптарын уларыттахтарына, баҕар, ананыахтарын да сөп.
Толкуйдаан көрдөххө, оттон куораттарга, пгт-ларга үксүн кимнээх олороллоруй?.. Буот. Онон, ол дьон, биллэн турар, уорбалыы саныахтара, бу “титульнайдарбыт” хайдах буоллулар: бэйэлэрин дэриэбинэлэригэр баһылыктары талаллар, оттон биһигини “анаары” гыналлар диэн.
Билигин кэлэн, дьэ арыый ити дьоммутун кытары өйдөспүппүтүн кэннэ, туох гынаары ити боппуруоһу тыытыахха сөбүй, айдааны тардан? Буолаары буолан, бу айылаах быыбардар ыга анньан турдахтарына? Эбэтэр барыларыгар тэҥ “ананар” усулуобуйалары олохтуохха наада: улуустарга да, оройуоннарга да.
Уонна бу куораттар, пгт-лар бэйэлэрэ онно сөбүлэһэллэрин дуу, сөбүлэспэттэрин дуу этиэхтээхтэр этэ буоллаҕа. Баҕар, кырдьык “хайдыһыы төрүөтэ тахсар быыбары аччатыахха” диэн эмиэ бэйэлэрэ саныллара буолуо? Көҕүлээһин аллараттан тахсыахтаах, үөһэттэн дьаһайыы бэрээдэгинэн буолбакка.
Сэрэйбит курдук, ити саҥа сокуон барылын Владимир ФЕДОРОВ (партията суох), Ольга БАЛАБКИНА (ЕР), Гаврил ПАРАХИН (ЛДПР), Юрий ГРИГОРЬЕВ (СР), Александр НОГОВИЦЫН (ЕР), Виктор ГУБАРЕВ (КПРФ) утардылар. Кинилэргэ дьуһуурунай утарсааччылар көх-ньэм буоллулар. Ити - биир.
Иккиһинэн, быыбары аҕыйатыы – аймахтаһыыны, кланнаһыыны тохтотуо дииллэр. Бэйэ дьонун анааһын бардаҕына дьэ өссө кланынан киирсии сэтэриэ суоҕа дуо?
***
Уоттаах-төлөннөөх мунньах сарсын 10 чааска салгыы дьүүллэһиллиэҕэ.
Быыбар чугаһаабыта биллэр. Суруналыыстарга анаан депутаттар “сөптөөх балаһыанньаҕа” тутталлара-хапталлара бэргээбит. Норуот туһугар тиритэ-хорута сылдьалларын сүрдээҕин көрдөргө дьулустулар. Ама буолуо дуо, биир депутат миэстэтигэр кырата түөрт-биэс саҥа киһи уочараттаан турдаҕа - кыһалҕа.
Онон, 2018 сылга диэри, көр-нар көҕүлүттэн тутуллара сэрэйиллэр. Ордук олус уһуннук депутаттаабыт “дьарҕа” депутаттар үрдүлэригэр холуун сүгэ сүгүллэн турар. Дойду үрдүнэн эдэр-эрчимнээх дьон анана турар кэмнэригэр саастаах дьон халбарытыллыахтарын да сөп. Оннуга да ордук курдук. Олоххо уларыйыы наада.
...Көҕүлээччилэр былааннарынан уонна прокуратура туруорсуутунан, бу сокуон барыла общественность дьүүлүгэр тахсыахтаах. Саамай тоҕоостоох мөккүһэр-этиһэр түһүлгэ - кулун тутар эргэтигэр Саха сирин депутаттарын сийиэһигэр тэриллиэ диэн буолла.
Хата, диэбиккэ дылы, ыстанар ыас тиэмэтин Ил Түмэн депутаттара бу саҥа сокуон барылынан бырахтылар, онон сийиэс сэргэхтик ыытыллара күүтүллэр. Дьон да кэлэ түһүөх этэ.
***
Санатыы бэрээдэгинэн:
Саха сиригэр 34 улуус/оройуон баар.
1 - куорат уокуруга - Дьокуускай куорат.
360 - нэһилиэк (сельское поселение).
48 – куораттыы типтээх бөлүөлэктэр, куораттар (городское поселение).
Россияҕа 9 эрэ региоҥҥа туох баар баһылыктары норуот талар бэрээдэгэ баар. Атыттарга сорох баһылыктары бэрэстэбиитэллээх уоргаттар талаллар (ананааһын).
***
Aartyk.Ru
Комментарии
Дьонно ейдетен биэриэхтэрин оттон?
Учугэйин-куЬа5анын олох ейдеебекке сылдьаллар дии дьоннор.
Эсерам же хорошо было бы, чего опять недовольные мины соорудили?.