- Өйдөөн.
- Халаан кэнниттэн Ленскэй чөлүгэр түспүтүн бэлиэтиир 10 сыллаах үбүлүөйгэ баран кэллигит?
- Олус үчүгэй тэрээһин буолан ааста...
- Путин тоҕо кэлбэтэ?
- һык! – соһуйар. Итинник ыйытыы арааһа бэриллиэ суохтаах быһыылаах. Кыйахаммыттыы – Ону правительство бэрэссэдээтэлиттэн ыйытыахха наада. Бука атын былаана элбэх буолан кэлбэтэҕэ буолуо. БИ¤ИГИ кинини кэлэригэр көрдөспүппүт. Кини «кэлэбин» диэн эрэннэрбэтэҕэ эбээт...
- Оттон олох чопчу кэлэрин курдук, биир ый инниттэн асчыттар, артыыстар барбыт сурахтаахтара дии.
- Эс! Суох.
- Ленскэйгэ улахан тойоттортон ким кэлэ сырытта?
- Арассыыйа МЧС-тарыттан кэлбиттэрэ, ыаллыы регионнарбыт бэрэстэбиитэллэрэ бааллара. «Газпром» бэрэстэбиитэллэрэ…
- Ленскэй 100% чөлүгэр түһэрилиннэ?
- Өссө 2001 сыл күһүнүгэр куорат толору чөлүгэр түһэриллибитэ. Дьиэ-уот, суол-иис, инженернэй коммуникация… барыта.
- Халаантан эмсэҕэлээбит дьон бары дьиэ ылбыттара?
- Бары. Ол гынан баран, хаһан баҕарар, ханна баҕарар буоларын курдук, санаалара туолбат, астыммат табаарыстар көстүтэлииллэр. Ол курдук, ханнык эрэ биричиинэнэн 2001 сыллаахха Ленскэйгэ суох дьон, кэлин «көстөн» кэлэн баран -- 51 киһи, суутунан быһааттаран дьиэ ылыахтаахтар.
- Ол дьон халаан кэмигэр атын сиргэ этилэр?
- Ленскэйгэ суохтар этэ, ол иһин испииһэккэ киирбэтэхтэр.
- Ханна сылдьыбыттарый?
- Ким эрэ хаайыыга олорбут, ким эрэ аармыйаҕа сулууспалыы сылдьыбыт, ким эрэ дуогабарынан ыраах үлэлии барбыт, сорохтор Ленскэйтэн көһөн баран, «тоҕоос көстүбүтүгэр» пропискаларын санаан төннөн кэлэн дьиэ туруорсубут түбэлтэлэрэ эмиэ баар. Ол 51 киһини, биллэн турар, сир-халлаан икки ардыгар бырахпатахпыт, син онно-манна «кыбыталаабыппыт». Ол гынан баран, суут бу дьон эмиэ туспа дьиэлэниэхтээхтэр диэн быһааран турар. Онон дьиэ ылыахтаахтар.
- Интернеккэ суруйалларынан, Ленскэй сорох олохтоохторо Путин кэллэҕинэ бырачыастаары сылдьыбыттар үһү дии?
- Проблема хаһан баҕарар баар. Санаалара дуоһуйбат дьон ханнык баҕарар былааска, систиэмэҕэ баар буолаллар. Ленскэйгэ эмиэ оннук дьон бааллара буолуо диэн сэрэйэбин эрээри, тус бэйэм кинилэри кытары көрсүбэтэҕим, билбэтим. Үбүлүөй тэрийиитин мин салайбытым. Проблема ончу суох диэбэппин. Ити эппит 51 дьоммут кыһалҕалара, моҥкурууттаабыт тэрилтэ хамнас төлөөбөтөх үлэһиттэрин кыһалҕалара… өссө туох эрэ атын кыһалҕа син биир баар буоллаҕа дии.
- Былырыыҥҥы халаан содулун…
- Барытын туораппыппыт, быһаарбыппыт.
- Былырыын телевизорынан Анатолий Скрыбыкин «барыта этэҥҥэ, үчүгэй» диэбит, сарсыныгар Намы уу ылбыт…
- Ээ, ити тиэмэ илдьиритиллэн номнуо бүппүтэ – сапсыйар.- Мин «барыта этэҥҥэ» диэн эппэтэҕим -- «хонтуруолга ылылынна», «хонтуруолланар» диэбитим. «Хонтуруолланар» диэн тыл уонна «этэҥҥэ» диэн тыл ис хоһоонноро, суолталара атын-атын. Ону сорох дьон ситэ быһаарбакка «бутуйбуттара». «Хонтуруолланар балаһыанньа» диэн ол аата – быыһыыр сулууспа, бөлөх үлэлиир, халааны кэтиир штаб баар, быһыы-майгы сытыырхайдаҕына дьону сэрэтэр, көһөрөр, быыһыыр кыахтаахпыт диэн өйдөнүллүөхтээҕэ…
- Соторутааҕыта Дьокуускайга МЧС-тар уонна учуонайдар холбоһоннор, Аан дойдутааҕы конференция ыыттылар. Онно биир улахан кэпсэтиини сааскы халаан ылбыта. Туох эмэ түмүккэ кэллигит дуо?
- Биир түмүккэ кэллибит -- өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан эрэ буолбакка, федеральнай хааһынаттан эмиэ научнай чинчийиигэ харчы көрүллүөхтээх диэн. Айылҕа көстүүтүттэн тахсыбыт уонна техногеннай төрүөттээх саахалы сэрэтиигэ, содулун туоратыыга билим ыкса үлэлэһиэхтээх. Мантан инньэ Арктиканы баһылааһын күүскэ барыаҕа. Онон араас ыксаллаах быһыы-майгы тахсыталыан сөп. Аны, айылҕа билигин уларыйа турар. Ол төрүөтүн учуонайдарбыт чуолкай быһаара иликтэр. Ким эрэ 100 сылга биирдэ буолар уларыйыы тахсар дииллэр. Ким эрэ глобальнай итийии (тымныйыы) суоһаата диэн этэллэр. Туох да диэбит иһин, айылҕа уларыйыыта үөрэтиллиэн, чинчийиллиэн наада. Оттон ол, биллэн турар, үбү-харчыны эрэйэр. Өр сыллаах кэтээн көрүүнү, анаалыһы ирдиир.
- Ханнык институттар кэтиир-маныыр, быыһыыр-сэрэтэр үлэнэн дьарыктаналларый?
- МЧС иһинэн научнай-чинчийэр институт баар. Ол институт саҥа прибордары айар, сэрэтэр-быыһыыр механизмнары толкуйдуур. Ону сэргэ Арассыыйатааҕы наука академиятыгар киирэр институттар учуонайдара үлэлэһэллэр. Холобур, билигин хотугу өрүстэргэ муус харара олус элбээтэ. Кытыллара сиҥнэллэр, халаан туох да киэҥ сиринэн халыйан тахсан хоромньу бөҕөтүн таһаарар. Итини үчүгэйдик чинчийиэххэ, үөрэтиэххэ наада.
- Уопсайынан, МЧС наука ситиһиилэрин төһө туһанарый?
- Учуонайдары, чуолаан гидрологтары кытары ыкса үлэлиибит. Ол иһин маннык научнай-практическай конференциялар тэриллэн эрдэхтэрэ. Ол гынан баран, наука аата, наука. Биир, икки сыл түмүгүнэн, бүтүн айылҕа көстүүтүн төрүөтүн быһаарар кыаллыбат. Уһун, киэҥ, дириҥ үөрэтии, кэтээн көрүү эрэ тугу эмэ көдьүүстүөҕэ.
- Оттон сорох дьон, учуонайдар эмиэ, Өлүөнэни туоруур муоста тутулуннаҕына, муус харара өссө элбиэ диэн этэллэр.
- Элбиэн сөп… (толкуйдуу түһэн баран) инньэ диир сатаммата буолуо... Уларыйыы тахсыаҕа. Ол эрээри, киһи-аймах муоста тутан-тутан кэллэҕэ эбээт! Ол муостаттан тахсар моһоллору эмиэ быһаара үөрэннэҕэ, үөрэниэ турдаҕа. Анаан муоста тутарынан дьарыктанар, үөрэтэр, чинчийэр билим салаата кытары баар.
– Өлүөнэҕэ тутуллуохтаах баараҕай муоста саҕа ирбэт тоҥҥо өссө атын муоста тутуллубута дуо?
- Бааллар. Онтооҕор уһун муосталар тутуллубут холобурдара бааллар. Ол гынан баран биир өрүс атын өрүскэ хаһан да майгыннаабат. Мууһун халыҥа, сааһа, сүүрүгэ, дириҥэ эмиэ уратылаһар. Онон киһи «чопчу маннык буолуо, буолуохтаах» диэн быһа этэрэ табыгаһа суох. Муоста тутуллар, туттуллар, көрүллэр-истиллэр ол аайы үөрүйэҕиҥ элбээн, мунньуллан иһэр буоллаҕа.
- Анатолий Николаевич, Чокурдаахтан биһиэхэ маннык сурук киирэ сылдьыбыта. Саас правительство оччуотун саҕана, Чокурдаахха көтөр бөртөлүөккэ, эппэрээһийэлэнэн кэлэн иһэр кыһыл оҕолоох дьахтары «делегация көтөр» диэн Скрыбыкин бөртөлүөккэ ыллаттарбатах. Ол дьахтар сиринэн -- массыынан барарга күһэллибит диэн.
- Аайыбын!!! (сахалыы). Тоҕо сүрэй, ама оннук буоллаҕай! Кырдьаҕастары, оҕолоохтору биһиги хаһан баҕарар ылаттааччыбыт… Миэстэ баар буоллаҕына, куруук! Итинник түбэлтэ хайдах да тахсыан сатаммат!
- Баһааҕырдыы даа?
- Биллэн турар (саннын ыгдах гыннарар).
- Анатолий Николаевич, идэҕинэн, тутааччыгын? Эт эрэ, олохтоох дьон тоҕо тутууга аҕыйахтарый?
- Элбэхтэр ээ, манна (Дьокуускайга) көстүбэт буоллахтарына «суохтар» диэн буолбатах. Тыаҕа, улуустарга тутууга үксүн бэйэбит дьоммут үлэлииллэр. Уонна билигин тутууга специализацияланыы бара турар. Ким эрэ каркас оҥорор, атыттар кэлэн кирпииччэ уураллар, үһүстэр кэлэн сарай туталлар. Сахалар монолит каркас тутары баһылаан эрэллэр. Каркас туруорбуттарын кэннэ, армяннар кэлэн бетон үлэтин оҥороллор. Ити улахан стадион тутулла турарын көрөҕүн буолбат дуо? Итиннэ аҥаара биһиги дьоммут үлэлии сылдьаллар. Онон биһиэннэрэ букатын суохтар диир баһыылаах.
- «Бүлүү аартыга хаһан тупсуой?» диэн ааҕааччыбыт М.Николаев ыйытар.
- Бүлүү суолугар элбэх үлэ ыытыллара былааннанар. 4 муоста тутуллуохтаах, Дьокуускайтан Бэрдьигэстээххэ диэри асфальт ууран саҕалаатыбыт. Бүлүү аартыгын тупсарарга 2020 диэри барыта 41 млрд кэриҥэ солк. көрүллүөхтээх.
- Оччоҕо 2020 сылга тиийбит киһи, Дьокуускайтан Мииринэйгэ диэри асфальт устун сырылатан тиийиэхтээх?
- Суох (күлэр). Барыта буолбакка, сорох-сорох учаастактара асфальтаныахтаах. Ол гынан баран суол киһи сөҕүөн курдук тупсуоҕа.
- Суол-иис, инфраструктура сайдарыгар эмиэ улахан конференция буолан ааста. Ол түмүгүнэн, Саха сирин правительствотын делегацията балаҕан ыйыгар Лондоҥҥа барар буолла. Эн барсаҕын?
- Ээ, суох мин барбаппын (сахалыы саҥарар).
- Тоҕо? Ылбаттар дуу?
- Ылбаттар (күлэр). Балаҕан ыйыгар үлэм олус элбэх. Байкаллааҕы экономическэй форумҥа кыттан дакылаат ааҕыахтаахпын. Сергей Шойгу субъектар ыксааллаах быһыыга-майгыга сулууспаларын кэмитиэтин салайааччыларын Бүтүн Арассыыйатааҕы хомуурун (сбор) ыытыахтаах. Онно кыттабын. Аны, навигациям түмүгэ... элбиэх.
- Хоту улуустарга таһаҕас таһыыта мөлтөх диэн эрэллэрэ.
- Олус ыарахан балаһыанньа. Дьааҥы өрүскэ уу түһэн, пароходтарбыт сүгүн сылдьыбатылар. Онон, билигин флоппутун саҥаттан аттаран баран таһаҕаспытын Өлүөнэнэн Быковскайга диэри илтэриэхпит. Онтон салгыы муора флота хотугу өрүстэр атахтарыгар илдьэн таһаҕастары сүөккэтэлиэҕэ.
- Анатолий Николаевич, өрөспүүбүлүкэ кэлэр сылларга саамай сүрүн соруга диэн тугу этиэҥ этэй?
- Бастатан туран, тимир суолу Дьокуускайга диэри аҕалыы. Өлүөнэни туоруур муоста тутуута (70 млрд. солк. ирдэнэр). Хаандыгаҕа Алдан өрүһү туоруур муоста тутуута (14 млрд. солк.). Бүлүү аартыгын тутуутун түмүктээһин. Лена – федеральнай трассаны асфальтааһын. Охотскай трагын сөргүтүү.
- Ити барыта хаһан туолуохтааҕый?
- 2020 сылга диэри.
- Ааҕааччыларга баҕарыаҥ этэ…
- Өр сылларга -- дьолу, чэгиэн доруобуйаны!
Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА.
Скрыбыкин А.И. – СӨ правительствотын солбуйар бэрэссэдээтэлэ. Тырааныспары, суолу-ииһи, ойуур хаһаайыстыбатын, уматыгы-оттугу таһыыны, аччаабат ас-үөл саппааһын хааччыйыыны, саахалы туоратыыны онтон да атын суһал боппуруостары быһаарар боломуочуйалаах.
Дьокуускай куоракка 1960 сыллаахха тохсунньу 13 күнгүэр төрөөбүт. Ийэтэ нуучча, аҕата саха. 1985 сыллаахха СГУ-ну бүтэрбит, идэтэ – инженер-тутааччы. 1993 с. – Арассыыйатааҕы госсулууспа академиятын бүтэрбит.
1981-1989 сс. – «Якутскэнергоспецремонт» тэрилтэҕэ маастарынан үлэлээбит. ЖЭУ – 8 начальнигынан о.д.а. сиргэ үлэлээбит.
1992 – 1996 сс. СГУ экономикакаҕа проректора.
1996-1997 сс. - СМЭ АСК ЛОРП начальнигын солбуйааччыта.
1997-1998 сс. – Энергетикаҕа уонна коммунальнай хаһаайыстыбаҕа госкомитет начальнига.
1998-2000 сс. – Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччыта.
2000-2006 сс. – СӨ дьоҕус урбаан уонна дьарыктаах буолуу министиэристибэтин салайар.
2006 – вице-премьер.