Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата ситэриилээх былаас уорганнарын үлэһиттэрин сахалыы таҥнарга ыҥырар
Понедельник, 13 Февраля 2017 12:58
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата мунньахтарга сахалыы таҥнар буолбута син балайда буолла.
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр республика ситэриилээх былааһын уорганнарын үлэһиттэрин улахан мунньахтарга сахалыы таҥнарга ыҥырда.
Хас биирдии омук бэйэтин төрүт таҥаһа дьүһүнүгэр, айылҕатыгар дьүөрэ айыллар, онон национальнай республика буоларбытын учуоттаан, ытыктаан, сахалыы таҥаһы ыһыахха эрэ буолбакка, күннэтэ таҥнар таҥас оҥостуохха, дьоҥҥо-сэргэҕэ холобур буолуохха, өбүгэ таҥаһын пропагандалыахха, диэн кинилэр этэллэр.
Сахалыы таҥас сахалар быһыыларыгар-таһааларыгар лоп курдук олорор. Дьахтары нарын-намчы, хотун-хаан таһаалыыр, эр дьону эрдээх, дьоһун-хаан оҥорор диэн Спиридон БОРБУЕВ, улуус дьаһалтатын баһылыгын солбуйар баһылыгын тыла оруннаах дии саныыбыт.
***
Aartyk.Ru
Комментарии