Политиктар «оскуоланан» оонньуулларын түмүгэр, уопсай үөрэхтээһин эйгэтигэр тахсыбыт кэхтии тохтуур кыаҕа суох.
Бу сыл олунньутугар РФ Росстатын дакылаатыгар этиллибитинэн, былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар 2 тыһ. тахса оскуола сабыллыбыт. Росстат, маны үөрэнэр оҕо аҕыйаҕар сигээбит. «Оптимизация» диэн уларыта тутуу содулугар аҕыйах үөрэнээччилээх оскуолалары сабан – оҕо аҕыйаҕа төрүөт буоллаҕа. Киһитэ-сүөһүтэ элбэх, бэйэ-бэйэтигэр ыкса турар дэриэбинэлэргэ, сэлиэнньэлэргэ кыра оскуола сабыллыбыта, баҕар, улахан содула суох буолуо. Оттон киэҥ, суола-сырыыта уустук регионнарга, чуолаан, хоту сытар субъектарга кыра оскуолалары сабыы – кыра омук дьылҕатын сарбыйыыга тэҥнээх.
90-с сс. иннилэрэ-кэннилэрэ биллибэт будулҕаннаах кэмнэригэр оҕо төрөөһүнүн көрдөрүүтэ супту сурулаан таҥнары түспүтэ. Ону сэргэ өлүү-сүтүү муҥутаан элбиир. Биллэн турар, дойду демографическай балаһыанньата улаханнык эмсэҕэлиир. «Дьиикэй ырыынак» кэмигэр төрөөбөтөх көлүөнэ суотугар, 2000 сылларга оскуолаҕа үөрэнэр оҕо ахсаана аҕыйыыр. Онуоха сөп түбэһиннэрэн «малокомплектнай» оскуолалары сабыы политиката ыытыллар. Ол иннинэ дьыссааттары кууһунан сабыллаллар. Дьиэлэр атыыланара атыыланар, алдьанара алдьанар.
Олохпут арыыйда көнөн, орто саастаах дьахталлар саастарын баттаһа 2005-07 сыллартан саҕалаан оҕолонон бараллар. Ону сэргэ 1986 сыл кэнниттэн «сухой сокуон» кэмигэр төрөөбүт көлүөнэ улаатан оҕо-уруу тэринэр сааһа кэлэн оҕо төрөөһүнэ элбиир. Путин Ийэ хапытаалынан манчыыктаан оҕону элбэттэ диир биир кырдьык. Ол гынан баран харчы туһугар умса-төннө төрүүр дьахтар бэрт аҕыйах бырыһыаны ылара буолуохтаах. Ол да буоллар 2007 кэнниттэн төрөөбүт оҕолору дьон күлэн «путинкалар» диэн ааттаата. Дьэ, бу «путинкаларбыт» урут дьыссааттары саппыттарыттан сылтаан чааһынай ньээҥкэлэр илиилэригэр киирдилэр. Биллэн турар, төрөппүттэргэ ол улахан стресс – харчы да өттүттэн, сана-оноо да өттүттэн. Хайдах-туох киһиэхэ оҕобун туттарбытым биллибэт. Оттон өрүү стресскэ сылдьар ийэ, аҕа үлэтигэр, күннээҕи олоҕор онто көмөлөһөрө саарбах.
Аны, 3-4 сылынан оскуолаҕа барар саас кэлэр. Билигин оскуола тиийбэт, аны, үс сылынан хайдах буоларбыт биллибэт.
2005-06 үөрэх дьылыгар 63 174 оскуола баар эбит буоллаҕына, былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар 53 102 оскуола үлэлээбит. Быйыл 49 558 оскуола аһыллар буолбут. Көрөргүт курдук, сылтан сыл ахсын оскуола ахсаана аҕыйаан иһэр. Ити дойду сүрүн санитарнай бырааһын Г.Онищенко дакылаатыттан ылыллыбыт сыыппаралар. Оттон А.Фурсенко министиэристибэтин сыыппарата 2010–2011 үөрэх сылыгар — 51 878, онно 13 135 867 оҕо үөрэниэхтээх диэн этиллэр.
Сыыппаралар араастаһыылара биһиги Үөрэхпит министиэристибэтигэр эмиэ сыһыаннаах. Холобур, пресс-сулууспа эрэдээксийэлэргэ икки пресс-релиз ыытар. Бастакы суруйууга 528 оскуола оҕолору үөрэтэргэ бэлэм (80 бырыһыан) диир. Уопсай оскуола ахсаана – 659. Онтон сотору соҕус атын даннай кэлэр. Өрөспүүбүлүкэ 569 оскуола баара, бары 100 бырыһыан үөрэтэргэ бэлэмнэр. 100 оскуола ханна барда, диэн мунаахсыйабыт.
Оскуолалар дьылҕалара политика оонньуутугар кубулуйда
Вторник, 30 Августа 2011 10:20РФ уопсай үөрэхтээһинин туруга политика мэнэйдэһигэ буолан бүттэ. 1 маай параадыгар хомуньуустар РФ үөрэхтээһинин миниистирин «А.Фурсенконы устарга!» диэн туруорсубуттара. Былааска «оппозиция» диэн ааттанар баартыйалар эмиэ «оскуола дьылҕатын» бэйэлэрин быыбар иннинээҕи программаларыгар «тутаах пуунунан» киллэриннилэр. «Былаас баартыйата» былааһа оҥорорун утарар кыаҕы суох.