Мэҥэ Хаҥалас олохтоохторо улуус баһылыгын отчуотун үрдүктүк сыаналаатылар

Четверг, 02 Февраля 2017 16:19
Оцените материал
(0 голосов)
Тохсунньу ый 17-тэн 30 күнүгэр диэри норуот депутаттара, Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэллэрэ Юрий Баишев уонна Александр Романов улуус баһылыгын отчуотун чэрчитинэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун бары нэһилиэктэригэр сырыттылар.

Бу туһунан дьиэ кэргэн, оҕо, ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна спорка Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Баишев маннык кэпсээтэ:
«Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Николай Старостин нэһилиэнньэ иннигэр отчуотугар сылдьыстыбыт. Отчуот быйыл хаһааҥҥытааҕар да тэрээһиннээхтик, үрдүк таһымнаахтык ааста. Манна баһылык солбуйааччылара, дьаһалта бары салааларын салайааччылара кытыннылар. Инньэ гынан, хас биирдии сырыыга сүүрбэччэ кэриҥэ киһи сырытта. Күҥҥэ ортотунан үс нэһилиэккэ сылдьан, дьону-сэргэни кытта кэпсэттибит. Дьон олус көхтөөхтүк кытынна, санаалара бөҕөх. Ол курдук, 500-600 нэһилиэнньэлээх бөһүөлэккэ отчуоту истэ 70-80 киһи, улахан нэһилиэктэргэ – 240-250 киһиэхэ тиийэ элбэх дьон муһунна. 
 
Отчуот систиэмэтигэр уларыйыылар киирэннэр, тэрээһин бэрт сэргэхтик, тэтимнээхтик ааста. Дьон-сэргэ ону биһирээтэ. Урут-уруккаттан туруорсар боппуруостар үгүс өттө быһаарыллан, инники өттүгэр көрүллүөхтээх кыһалҕалары дьүүллэстибит. Бэлиэтээн эттэххэ, хас биирдии бөһүөлэккэ үчүгэй өттүгэр уларыйыылар тахсыбыттар. Холобур, суол оҥоһуллубут, социальнай суолталаах эбийиэк тутуллубут, уот, гаас ситимигэр дьиэлэр холбоммуттар, дьиэлэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыбыт. Инньэ гынан, нэһилиэнньэ санаата көтөҕүллүбүт. Биири бэлиэтээтим – улуус быһаарар боппуруостарын иһинэн сааһыланыы тахсыбыт. Кулууп, оскуола, спорт саала тутуутугар уочарат олохтоммут, бэрээдэк үөскээбит. Ханнык нэһилиэккэ туох эбийиэгэ тутуллуохтааҕын, онтон салгыы хайа бөһүөлэк уочарата кэлэрин билэн олороллор, дьон ону өйдүүр. Мэҥэ Хаҥалас уокуругуттан турбут норуот депутаттара буоларбыт быһыытынан, улуус салалтатын кытта хайдах быһыылаахтык үлэлиирбитин кэпсээтибит. «Улуус социальнай экономическай сайдыыта» диэн анал бырагыраама чэрчитинэн улуус таһымыгар көрүллэр кыһалҕалары бэйэлэрэ быһаараллар, оттон өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах боппуруостарга биһиги ылсан үлэлиибит. 
Мэҥэ Хаҥалас улууһун нэһилиэктэригэр күөллэр уолан, иһэр уу кыһалҕатын скважина нөҥүө быһаарар курдук дьаһанарга элбэхтик эттилэр.Сорох бөһүөлэктэри уу ылар, инньэ гынан бу хайысхаҕа ылсан үлэлиир уолдьаспыт. Саамай ыраах сытар Чыамайыкыга, Сыымахха суол кыһалҕата баар. Доруобуйа харыстабылыгар сыһыаннаах боппуруос эмиэ үгүс – каадыр тиийбэт, босхо бэриллэр эмп-томп үчүгэйдик кэлбэт. Тииһи эмтээһиҥҥэ, үүтү туттарааччыларга ирдэнэр медицинскэй көрүү чааһыгар кэккэ ыарахаттар үөскүүллэр эбит. Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбаҕа -  гаас ситимигэр холбонууну, ууну ыытар турба систиэмэтин сайыҥҥы өттүгэр үлэлэтиини нэһилиэктэр туруорсаллар. Уу таһар анал тиэхиньикэ эргэрэн, уунан хааччыллыы мөлтөҕүн бэлиэтээтилэр. Маны таһынан, хас биирдии сылдьыбыт нэһилиэкпитигэр уот ситимэ мөлтөҕүн, остуолбалар эргэрбиттэрин эттилэр. 
 
Үөрэнээччилэри оптуобуһунан тиэйиигэ саҥа киирбит ирдэбил барыыга-кэлиигэ мэһэйдэри үөскэтэрин туһунан санааларын эттилэр. Холобур, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэххэ кытта Нерюнгри куоракка баралларыгар икки суукка устата айаннаан биирдэ тиийэллэр. Ол төрүөтүнэн суоппар 7 чаас эрэ айанныыра көҥүллэнэр. Онуоха гараас булар, оҕолору хоннорор, биллэн турар, кэккэ ыарахаттардаах.
 
2017 сыл улууска олус эппиэтинэстээх, суолталаах. Ол курдук, 26 нэһилиэккэ баһылыктар уонна 27 нэһилиэккэ депутаттар талыллыахтаахтар. Манна даҕатан эттэххэ, билиҥҥи састаап күүстээх, бэйэтин кыаҕын толору көрдөрдө дии саныыбын. Ол биир төрүөтүнэн нэһилиэк баһылыктара, депуттаттара, управление салайааччылара эдэр дьон буолаллар. Кинилэр улуус баһылыгын тула түмсэн, биир хамаанда быһыытынан үлэлии сылдьаллар. Ол эбэтэр улуус баһылыга үлэлиир-хамсыыр кыахтаах күүстээх бүтүн хамаанданы таһаарда. Иккиһинэн, сыал-сорук чопчу туруоруллуутугар сытар. Мин Александр Афанасьевичтыын улуус сайдыытыгар күүс-көмө буолар туох үлэни ыытарбытын быһаччы билэбит, улуус уонна нэһилиэк эмиэ биир оннук үлэтин былааннаан олорор. Биһиги бары биир сыаллаахпыт-соруктаахпыт, хайдыһыы, тус-туһунан дьаһанан олоруу суох.
 
Сүүрэр-көтөр, көхтөөх, кыһамньылаах баһылыктаах нэһилиэктэр тута биллэллэр: онно отчуот өрө көтөҕүллүүлээхтик ааһар. Оттон нэһилиэгин дьонун кыһалҕатыгар ээл-дээл сыһыаннаһар, дьону түмпэт баһылыктаах нэһилиэктэргэ – боппуруос, кыһалҕа олус элбэх. Нэһилиэк баһылыга быһаарыахтаах бытархай кыһалҕалара онно тахсан кэлэллэр. 
 
Түмүктээн эттэххэ, дьон-сэргэ улуус баһылыгын отчуотугар, ситэриилээх былааска интэриэһэ күүһүрбүт. Хамсааһын баар буолан, нэһилиэнньэ былааһы кытта бииргэ үлэлэһэр баҕалаах. 
 
****
Ил Түмэн пресс-сулууспата  

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru