Кыра омук буолан төрүүр кырыыс дуу, дьол дуу?
Хараххар куттал олорор, сүрэххин сэрэх санаа баттыыр. Улуу омук ыар тыыныттан тумнастыбат туһугар, тыыммытын уһатаары сээбэҥнээн, сэрэхэдийэн, «сөп түбэһэ» сатаан, ардыгар ньыла көтөн, ардыгар муннубут анныгар ар-бур дэһэн, бутулуннарбыт да буоллар иэрэҥ-саараҥ хаамсан иһээхтиибит. Чорбойбуту моойдоох бастыын туура тардан киэр илгэллэр, тэпсэн ааһаллар, салгыы үүрэллэр… бытанан-бытанан, таппат тараһаланан, ситэр-сиппэт хас үйэҕэ бараахтыыбыт.
Сарсын норуот дьокутаатын Афанасий Максимовы сууттуур күннэрэ салҕанар. Сир баайын хостуур промышленноска дорҕоонноохтук киирбит бастакы уонна соҕотох сахабыт уола. Төрөөбүт дойдубут сүмэтин сомсор улахан омуктар ирээттэммит «минньигэс бөрүөктэриттэн» эмти тутуһарга санаммыт ханнык эрэ кыра омук киһитэ. Атыттарга, улууларга эрэ аһыллар ааны хайа тэбэн киирэргэ соруммут «ат тарпат аньыытыгар» хаайыы дьылҕаланаары гыммыта кыһыылаах. Бэйэ дойдуга хаһаайын курдук сананар санаалаах соҕотох киһибитин киэр үүрдүлэр.
Ааспыт үйэ ортотуттан «олохтоох ыччаты промышленноска сыһыара» сатаатылар. Ким хайдах сыһыара «сатаабыта» сэрэйиллэр. Баҕар, сорохтор саха киһитэ Тараас Дэһээккини көмүскэ үлэлээбитэ диэн этиэхтэрэ. Андрей, Петр Кирииллиттэри, Густав Яковлевы алмааска бааллара диэхтэрэ. Уонна? Бу дьон бэйэлэрин кэнниттэн кими эмэ иитэн, такайан хааллардылар дуо? Үйэтин сааһын тухары чох, алмаас, көмүс промышленноһыгар үлэлээбит Тараас Дэһээккин ханнык-туох санааттан оҕотун, сиэннэрин кыраныысса таһыгар тэскиллэттэ? Бука, дойдубут олоҕор, тутулугар улаханнык эрэнэр санааттан буолбатаҕа сэрэйиллэр.
Сиэри-туому тутуһар, айыыны-аньыыны араарар дьон айылҕаны алдьатар сэттээх-сэлээннээх диэн билэбит. Чөл айылҕаны алдьатар эйгэҕэ үлэлээбит дуоһунастаах саха дьоно оҕолоругар, уолаттарыгар табыллыбатахтара эмиэ биллэр суол. Онтон норуот кыайар-хотор күүһэ, кимэр, киирсэр кыаҕа – эр киһи, уол оҕо буоллаҕа эбээт! Баҕар, бу дьон уолаттара аҕаларын туйахтарын хатарыахтара хааллаҕа.
Ньиэп-гаас промышленноһыгар Афанасий Максимов курдук, ааттаах-суоллаах ийэ-аҕа, уруу-аймах көмөтө суох, бэйэтин кыаҕынан, кимэн киирэр уххан санаалаах тыа уола ситиспит ситиһиитэ сүҥкэн! Төһө да «атын омук ирээтэ» дэммит төрөөбүт дойдубут баайын хостуурга соҕотоҕун сорунан, балабыай баран кыттыспыт киһи буолар. Сахалар ньиэп-гаас хостуохтаахтар диэн 100 тыһ. туонна эргитиилээх «Якол» тэрилтэни тэрийэр. Кыһыл Сыыр собуотун бэйэтин үбүнэн сөргүтэн хайдах курдук үлэлэппитэй?! Бүлүү эҥээрин таһынан, киин улуустары барытын хааччыйан олорбута. Билигин ол собуот дагестаннар илиилэригэр киирэн баран Саха сиригэр төһө барыһы киллэрдэ?! Афанасий Максимов «Саханефтегаз» курдук омук дьоно кэннигэр-иннигэр турар хампаанньаларын сатабыллаахтык салайбыта. Ол иннинэ Соҕуруу Корея курдук судаарыстыбаны пантынан, сэлии муоһунан хааччыйар. Элитнэй үөрэҕэ да суох буолар, ийэ өйүнэн тобулан Эмиэрикэҕэ тахсар транспортнай ханаалы олохтуур! Саха уолугар сүҥкэн, баараҕай ситиһии буолбатах дуо?!
Кыра омук санаммат улахан эргитиилээх бизнеһигэр киирбитин суотугар, ыннарааҥылар көҥөөн авиахампаанньатыттан саҕалаан, собуотугар, фирмаларыгар, тэрилтэлэригэр тиийэ туура тутан ыллылар. Үптээх-харчылаах (ол аата былаастаах, сууттаах-сокуоннаах) дьон соҕотох саханы тулутуохтара дуо.
Духуобунас, култуура, ырыа-тойук диибит. Ыллаатыннар, туойдуннар! Ол гынан баран ыстаана суох, кэлбити-барбыты саататар «эбисийээнэлээн» төһө өр омук, норуот быһыытынан уһуохпутуй?! Киһи бэйэтин дьоһуннук сананар, өскөтүн иһэ тот, оҕото-уруута, норуота атаҕар турбут, үптээх-астаах, байылыат олохтоох эрэ түбэлтэтигэр.
Сахаларга «табу» буолбут үптээх-астаах эйгэҕэ урут да, билигин да киирэ сатыыр уолаттар бааллар. Ол гынан баран киһини куттуур дөбөҥ, онтон куттанар өссө судургу. Киһитэ Афанасий буолан, тугун барытын туура туттаран да баран, түөрт сылы быһа аптамаатынан эккирэтиннэрэн, сойуолаһыннаран баран аҥаардас санаатын күүһүнэн, билигин даҕаны өрөлөһө, туруулаһа сылдьара киһини сөхтөрөр!
Манчаары диибит. Кырдьык, Манчаары! Көҥүлгэ, бэйэтин баһын бэйэтэ дьаһанарга, төрөөбүт дойдутугар хаһаайын буоларга тардыһар киһи тоҕо Манчаары буолуо суоҕай?! Кини Бастакы суол тэлээччи. Оттон Бастакы дьылҕата хаһан баҕарар ыарахан, киирсиилээх-күөнтэһиилээх буолар. Бэйэ сирбитигэр бэйэбит хаһаайынныы сананар кэммит хаһан эмэ да буоллар кэлиэ диэн олус күүскэ итэҕэйиэҕиҥ, ол туһугар ыарахантан чаҕыйбакка харса суох үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ!