Путин харабыллара ый инниттэн кэлэн, тойонноро барар-кэлэр сирин чуҥнаабыттара, бэлэмнээбиттэрэ биллэр. Дьокуускайтан асчыттар, артыыстар Ленскэй диэки түһүммүттэрэ ыраатта. Кинилэри сырыһыннара, бэнидиэнньик күн «Михаил Светлов» теплоходунан 15 суруналыыс тус арҕаа устубуттара.
Инньэ гынан, Путины көрсөөрү умса-төннө түспүт өрөспүүбүлүкэ былааһа, «ньыгыллар» этэрээттэрэ кураанаҕы харбаатылар. Ленскэй сорох олохтоохторо Путиҥҥа үҥсэр былааннара эмиэ тоҕунна. 10 сыл анараа өттүгэр ыксал-тиэтэл муҥунан тутуллубут дьиэлэр сорохторо хайыы-үйэ айгыраабыттар. 10 сыл аастар даҕаны дьиэлэрин ууга былдьаппыт дьонтон, өссө да дьиэҕэ тиксэ иликтэр эмиэ бааллар эбит. Биллэн турар, сытыы-хотуу, киирбит-тахсыбыт сыыдам дьон сол күһүн дьиэлэммиттэр. Оттон огдолуйбут олохтоохтор - үксүн олох дьэбэрэтигэр сылдьааччылар дьиэҕэ тиксибэккэ хаалбыттар. Бу дьон тойон кэллэҕинэ «пикеттиэхпит» диэн сааммыттара эмиэ биллэр. Быыбар иннинэ ааты алдьатар эҥин-дьүһүн быһыы-майгы тахсыан сөбүттэн дьулайан Путин кэлбэтэх диэн таайааччылар бааллар. Ол гынан баран, премьер кэлэ соруммута эбитэ буоллар, ханнык баҕарар балаһыанньаҕа кэлиэхтээҕэ. Оннооҕор Беслаҥҥа бөртөлүөтэ түһэр былаһааккатын, хас да биэрэстэни эргийэ дьону көһөрөн туран көтөн бирилэтэн кэлбитин холобурдуохха сөп. Өскөтүн Путин Ленскэйгэ кэлэр күннээх эбитэ да буоллар, «пикеттиир баҕалаахтары» анал сиргэ «сынньата» түһэн ылыахтарын да сөбө.
Путин Ленскэйгэ кэлбэтэ. Тоҕо?
Пятница, 26 Августа 2011 11:34Атырдьах ыйын 26 күнүгэр, Ленскэйгэ, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа лидерэ, премьер-миниистир Владимир Путин кэлиэхтээҕэ былааннанара. Үрдүк сололоох киһи Ленскэй куорат улахан халаан уутуттан эмсэҕэлээбит куораты чөлүгэр түһэриллибит 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтии кэлэр диэн буолбута. Кинини РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга миниистирэ Сергей Шойгу арыаллыахтааҕа.