КУЛАН: “Сахаҕа тоҕоостоох кэм”

Воскресенье, 29 Ноября 2015 16:00
Оцените материал
(3 голосов)
Аан дойдуга аарымалар атааннаһар, улуулар суоһарсар улуу-дьаалы дьаардара  абына-табына ахсааннаах аччыгый омукка тугунан диэлийиэй?  Маннык балысхан кэмҥэ хайдах дьаһанан олорон тыыммытын уһатабыт?

Бу уонна да атын ыйытыыларга КУЛАННЫЫН “Аартык.ру” сэһэргэстэ:

-          Дойдулар икки ардыларыгар сыһыан тыҥааһына Россия иһигэр хайдах биллэрий? Элбэхтик айанныыр уонна айылҕалаах киһи кэтээн көрдөххүнэ хайдаҕый?

-          Дойду салалтата ордук тас политикаҕа болҕомтотун хатыыр кэмигэр регионнар  олохтоох былааһы, бэйэни салайыныыны сайыннаралларыгар тоҕоостоох кэм үүннэ. Россия былааһа тула өстөөх үмүөрүһэр  кэмигэр регионнара туруктаах буолуохтарын баҕарар. Ол иһин  кинилэр сайдалларыгар көҥүл биэрдэ. Итини туһанан, биһиги  олохпут-дьаһахпыт  таһымын тупсарарга, хайа кыалларынан, быраап уонна боломуочуйа ылыахпытын наада, баар боломуочуйабытын – муниципальнай салайыныы таһымыгар чиҥник бигэргэтиэх тутаахпыт.  

 Урут, Сэбиэскэй кэм саҕана, нууччалар, украинецтар, белорустар - бырааттыы славяннарбыт диэн бэйэлэрин үрдүктүк  тутталлара. Ол эрэ кэнниттэн орто азиялар, кавказтар, онтон хотугу омуктар  кэлэллэрэ. Билигин балаһыанньа уларыйда: Украина өстөөх буолла, Белоруссия ойуччу туттан олорор, улаханнык кыттыһыан да, орооһуон, орооһуннарыан да баҕарбат. Нууччалар “бырааттарыттан” тэйэн соҕотох “славян” буолан хааллылар. Россия Европаттан эмиэ тэйдэ,  Азия дойдуларын кытары чугас сыһыаны олохтоото. Онон ордук азиатскай дойду буолан хаалла. Итинник кэмҥэ омугу дьүһүнэн  көрөн атарахсытыы биллэ намырыйда, азиаттарга да, нуучча буолбатах атын омуктарга да сыһыан сымнаата. Көрөргүт курдук, чеченнэр баһылыктара туох эмэ таҕыста да сүрүн комментатор буолла. Илюмжиновы федеральнай ханаалларга көрдөрөллөр. Россия национальнай республикаларга  сыһыана сымнаабытын ити биир көстүүтэ дии саныыбын. Дьиҥинэн, чеченнэр да, калмыктар да син биир элбэҕэ суох аҕыйах ахсааннаах норуоттар эбээт. 

Билигин эр киһи төрүт хаачыстыбалара сыаналанар буолла.

-          Байыаннай балаһыанньанан сибээстээн?

-          Наһаа “байыаннай” дииртэн туттунуох. Байыаннаай аҥаардаах диэххэ дуу... Оннук кэмҥэ, эппитим курдук, күүстээх санаалаах, көнө майгылаах, харизмалаах, чиэһинэй, биир тыллаах – инники күөҥҥэ эр киһи төрүт майгыта тахсан кэллэ. Куттаныы, сирэй көрбөх буолуу, илэ-сала көтүү ытыктаммат, сириллэр, сэмэлэнэр кэмэ кэллэ.  Национальнай уратыны хайа кыалларынан харахха бырахпакка, кистии сатыах оннугар төттөрү, бэйэ регионун, республикатын  иһигэр төрүт омук уратытын аһара олус омуннаабакка, атын омуктары өһүргэппэккэ, киллэриэххэ баара.

-          Холобура?

-          Холобура, болуоссат, уулусса аатын уларытыы да буоллун, национальнай оскуолалары, итэҕэл дьиэлэрин тутуу да буоллун. “Туох эрэ диэхтэрэ” диэн кирийэ сылдьыбакка. Биллэн турар, барыта сиэр иһинэн барыахтаах, ол гынан баран: санаатын-эттиҥ-толордуҥ. Онон-манан иэҕэҥнээбэккэ, саарбахтаабакка – чопчу. Эр киһи эр киһи курдук.

-          Бу буола турар аан дойдутааҕы иирсээн кэҥээн, улаатан  улахан сэриигэ тиэрдиэ суоҕа дуо?

-          Олох халбархай, кутталлаах  кэм. Буолан да хаалыан сөп. Бу билиҥҥи конфликт төрдө-төрүөтэ олох дириҥ, хас эмэ уонунан сылларынан иитиллэн тахсыбыт айдаан.

-          Реакционнай ислам туһунан тугу саныыгын?

-          Итэҕэл диэн икки атахтаах духуобунай баайа. Ол гынан баран ханнык баҕарар итэҕэли, идиэйэни, дьарыгы  – фанатизмҥа кубулутуу хаһан да үтүөҕэ тиэрдибэт. ИГИЛ - аһара барыы содула. Туроктар - араб аҥаардаах омуктар. Хааны суурайбаккын.

-          Кэлин ханна бара сырыттыҥ?

-          Дальнай Востоктан саҕалаан, Украинанан  АХШга тахса сырыттым.

-          Ноо...  Анараа дьон туох санаалаах олороллор?

-          Хас киһи баар - кырдьык оччо. Биһиги пропагандабыт биһиги кырдьыкпыт диир, анарааҥҥылар – биһиги бырааппыт... чэ ситигирдик.

-          Америкалар?

-          Боростуой американецтар политикаттан букатын ыраахтар. Интэриэһиргии да сатаабаттар, билэ-көрө да барбаттар. Оттон салалтата, кыахтаах, баай өттө – бэйэҥ билэҕин кимнээҕин – “таайдар”. Ол дьонуҥ интэриэстэрэ биир буоллаҕа. Тоҥ дьон.

-          Оттон эйигин вербовкалыы сатаабатылар дуо, ол дьон?:)

-          Бөҕө куттаах, өйүн-санаатын туппут, биир сүнньүлээх  киһини хайдах  күһэйиэхтэрэй? 

-          Саха итэҕэлин туһунан сэһэргииргин атын омуктар сэҥээрэр буолан ыҥыраллар буоллаҕа? Ордук кимнээх сылдьалларый,  социальнай  араҥаларынан  араардахха?

-          Сүрдээҕин сэргииллэр. Киһи аймахха билигин тэнийбит улахан итэҕэллэр мунан-тэнэн, харан хааллылар диэн бэйэлэрэ билинэллэр. Олох уларыйда, оттон ол аныгы олох мөккүөрүн ырытар, сааһылыыр, кэпсиир  кыаҕа ол итэҕэллэргэ муҥур. Икки атахтаах  тыыннааҕын тухары туохха эмэ итэҕэйиэн баҕарар, духуобунай билиигэ талаһар. Ким эрэ хойут, ким эрэ эрдэ. Миигин кытары сэһэргэһиигэ ордук орто кыахтаах араҥа дьон сылдьар уонна олоххо ситиһиилэммит (билиҥҥи сыанабылынан)  эрээри,  духуобунай билиигэ талаһар, саҥаны билэ сатыыр дьон сылдьар.

-          Махтал.

***

Aartyk.Ru

Комментарии 

#1
Мэхээс 29.11.2015 21:48
Кэрэспэдьиэн, бу суруккун бичийэргэр сыыьан-халтын хара баьаам, хайдах ону кеннербекке эрэ таьаара5ын? Кетумэххит бэрт дуу, аа5ааччыларгыты н оччо ахсарбаккыт дуу? Бардыр5ас сыыьалар ди...
#2
hi 30.11.2015 02:04
Ханна сыыьаны кердун Мэхээс? Монитор ненуе бэрт былдьаьа олороохтуугун ээ?)).
#3
Байбал 30.11.2015 02:06
Кулан сепке этэр эрээри калмыктарын буддистар, чеченнэрин исламнар. Сахалар иннэ-кэннэ биллибэт итэ5эл дуомнаахтар. Ислам, Буддизм улахан итэ5эллэр.
#4
Итэ5эл 30.11.2015 09:26
били Ванга этэр урукку итэ5эл теннер - Сырдык Итэ5эл диирэ арааьа Саха итэ5элэ быьыылаах. То5о диэтэххэ индустарга эмиэ оннук билгэлээьин баар эбит. Саамай хотугу аттаах дьон кэлиэхтэрэ, сана итэ5эли а5алыахтара диэн. Онон ити Кулан этэрэ сеп. Бу Аартыктарга ессе Айынганы, Тумус Мэхээлэни, Бааьынай Баьылайы таьааттарыахха баара, дьон сэнээрэр дьонун дьон истиэхтээх.
#5
Тыал 01.12.2015 00:01
философскай ойдоох сахалыы санаалаах дьон этиилэрэ тиийимтиэ.Оттон ити ученайдарбыт тотторутун утту буккуйан сымыйаны эрдэллэр.

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru