Итэҕэл уонна наука алтыһыытын эйгэтин дьүөрэ туппут учуонай Людмила ЕГОРОВА

Среда, 13 Мая 2015 00:11
Оцените материал
(3 голосов)
Бүгүҥҥү сурунаалбыт ыалдьыта саха мындыр толкуйун иҥэриммит киэҥ далааһыннаах көрүүлээх, толкуйдаах, сахаларга аата ааттаммат ытык мааны дьон итэҕэл туһунан дьиҥ өйдөрүн-санааларын дьүөрэлии тутан сахаларга Таҥара үөрэҕин дириҥник хасыһан илдьиритэн үөрэппит хотун дьахтар – Егорова Людмила Ивановна.

Кини М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университетын историятын факультетын чинчийээччи доцена, этнолог. Тус бэйэтэ айылҕаттан бэриллибит дьикти дьоҕурдаах, итэҕэлгэ олус чугас сыһыаннаах. Кини саха омук духуобунай итэҕэлин науканы кытта тэҥҥэ тутан, ис тутулун үөрэппит биир учуонайа.

Ол курдук, 2012 сыллаахха «Культ неба: истоки и традиции» диэн ааттаан-суоллаан таһаарбыт кинигэтигэр сахалар өбүгэлэригэр киэҥник тарҕана сылдьыбыт Таҥара Үөрэҕин өйдөбүллэрин, ис тутулун семиотика, синергетика уонна герменевтика ньымаларынан бэрт өйдөнүмтүө, тиийимтиэ гына саас-сааһынан ырытан, сааһылаан чопчулаабыт. Бу кинигэни ымпыктаан-чымпыктаан аахтахха, элбэхтик муна-тэнэ сылдьыбыт ыйытыыларгар хоруй булуохха сөп, оннук өйгүн-төйгүн тобулан биэрэр аналлаах ис хоһоонноох кинигэ.

Людмила Ивановна Егорова ийэтин уонна аҕатын өттүнэн Бүлүү өрүһүттэн тардыылаах, силистээх-мутуктаах. Удьуордарыгар улаханнык аата ааттаммат ытык мааны дьонноох. Онон кини хааныгар, этигэр-сиинигэр ураты дьикти эйгэ баара биллэр. Арааһа, айылҕаттан айдарыылаах диэтэхпинэ бука диэн сыыспатым буолуо. Ол эрээри наука эйгэтин үлэһитэ буоларынан, кини бу дьикти эйгэтинэн анаан-минээн дьарыктаммат. Ол оннугар ис дьиҥ билиитин, өбүгэтин итэҕэлгэ сыһыаннаах кистэлэҥ билиилэрин таайа сатыыр уонна наука эйгэтигэр дьүөрэ, тэҥҥэ тутан дириҥник хорутан үөрэтэр дьоҕурдаах. Маныаха кини аҥардас аахпыт-билбит итэҕэлгэ сыһыаннаах литератураларынан муҥурдаммакка эрэ бэйэтин өбүгэтин уопутугар кытта сигэнэр.

Людмила Ивановна кэпсииринэн:

- Өбүгэ билиитэ хас биирдии киһиэхэ хромосомнай информациятыгар баар. Ол аата киһи этин-сиинин хааныгар, хас биирдии тымыр сыдьааныгар баара буолар. Ону таба туһанан арыннахха, хас биирдии киһи сөптөөх билиигэ кэлэн салайынар кыахтанар.

Таҥара Үөрэҕэ бүттүүн итэҕэллэргэ олук буолбут, Аан дойдуну анаарыы сүмэтин түмпүт сүдү күүстээх үөрэх буолар. Христианство күн таҥаратыгар олоҕурар буоллаҕына, онтон ислам итэҕэлэ ый таҥаралаах буоллаҕына, саха итэҕэлигэр күнү уонна ыйы сэргэ тутан сүгүрүйэр, кынат оҥостор. Инньэ гынан, биһиги икки кынаттаах Аар Айыы Тойон Таҥаралаах буолабыт. Бу аакка Күн (Христианство) уонна Ый (Ислам) итэҕэлин өйдөбүллэрэ иккиэн холбоһо сылдьаллар. Онон саха итэҕэлэ түмэр аналлаах буолан, биһиги ханнык баҕарар итэҕэли ылынар, өйдүүр кыахтаахпыт.

Мин араас дойдуларга научнай кэмпириэнсийэлэргэ сылдьан, Таҥара Үөрэҕин туһунан кэпсээн дьон болҕомтотун улаханнык тардан, дакылааттар кэннилэриттэн анаан-минээн кэлэн сэһэргэһэр дьон үгүс буолааччы. Онно биир суол мин болҕомтобун улаханнык тардан күүспэр күүс эбэр курдук. Ол билиҥҥи дьон итэҕэллэртэн тыыннара-быардара хаайтарбыта буолар. Бу дьон үксэ: “Мин ис турукпар баар билиибин сааһылаан кэпсээтин. Мин муунтуйа сылдьыбыт турукпун тупсардын, инники суолбун көрдөрдүн”, - диир дьон элбэх буолааччы. Биһиги өбүгэлэрбит Таҥара Үөрэҕэ диэн олоҥхоҕо ыйан хаалларбыттар. Кырдьык, бу итэҕэл буолбатах, бу кут-сүр, Аан Дойдуну сөпкө анааран өйдөөн, кини сокуоннарыгар сөп түбэһэн, ону сөпкө туһанан дьаһанан олоруу үөрэҕэ.

Онтон сиэр-туом туһунан сүрүн өйдөбүллэртэн кылгастык быһа тардан кэпсээтэххэ маннык:

Түҥ былыр саха киһитэ сайыҥҥы кэмҥэ арчыланыыны барара, онтон күһүн эрэ алгыс ылынара. Ол эрээри Саха сиригэр Христианство итэҕэлэ киириэҕиттэн ыла Күҥҥэ сүгүрүйүү эрэ хаалбыт. Ол иһин билиҥҥи ыһыах ыытыллар сиэрэ-туома сыыһа ханарытыы суолунан барбыт. Тоҕо диэтэххэ, күн барахсан уот бэлиэтэ буоларын быһыытынан кини ыраастыыр күүстээх. Ол аата күн уотун нөҥүө улахан ыраастаныы барыахтаах. Маннык кэмҥэ арчылааһыны ойуун эрэ оҥорор аналлаах. Кини дүҥүрүнэн үлэлиир аналлаах киһи. Ойуун дүҥүрү охсон, күүстээх дорҕоонноох тыаһы-ууһу таһааран,  дьон-сэргэ уһун унньуктаах кыһыҥҥы кирин-хаҕын, дьаҥын ис-иһиттэн (вибрация көмөтүнэн) таһааран алдьатар уонна сирдээҕи уот нөҥүө кистэнэр сиригэр ыытан кистиир күүстээх. Ол курдук, сайын устата саха омук күн уотугар сыламнаан этэ-сиинэ толору ыраастаныыны барар.

Онтон күһүҥҥү кэмҥэ күн уота уҕараабытын, арыыйда мөлтөөбүтүн кэннэ, ый күүһэ күүһүрэр кэмигэр дьэ дьиҥ алгыс оҥоһуллуохтаах. Алгыһы дьиҥинэн удаҕаттар оҥороллор. Удаҕан былыр-былыргыттан дүҥүрдэммэт. Кини үксүн хомуһунан, тойугунан, алгыһынан дьонун-сэргэтин алгыыр аналлаах. Алгыс киһи этигэр-сиинигэр үчүгэй, сырдык, ыраас эниэргийэни олохсутар. Сымнаҕас дорҕоон көмөтүнэн эт-сиин туруга сааһыланыахтаах. Онон алгыс ылыах иннинэ арчыланар-ыраастанар ордук. Бу икки тус-туһунан сиэр-туом оҥоһуллар сирдэрэ туһунан буолуохтаахтар.

Онтон ойуун уонна удаҕан уратыларын ыллахха, ойуун – эр киһи кута, удаҕан – дьахтар кута. Ол эрээри удаҕан дүҥүрдэнэр түгэнэ эмиэ баар. Бу маннык удаҕаҥҥа үксүгэр эр киһи кута баһыйар буолан дүҥүрдэнэр. Ол аата үлэлиир күүһэ эр киһи эниэргийэлээх буолар. Кинилэри өбүгэлэрбит “атыыр дьахтар” дииллэрэ. Дьиҥ удаҕан дьахтар айылгыта сырдык, ыраас, сымнаҕас эйгэни олохсутар аналлаах. Ол иһин туттар мала-сала эмиэ оннук быһыылаах буолар, таһаарар дорҕооно эмиэ нарын-намчы.

Аны арчы уонна алгыс оҥоһуллар дьиэтин-уотун ылан көрүөҕүҥ. Саха киһитэ кыстыктан сайылыкка тахсар. Былыр саха чэпчэки оҥоһуулаах, сай салгыннаах ураһаҕа сайылыыр үгэстээҕэ, улахан ытык ыһыахтарга моҕол ураһалары туруортуура. Онон арчы күн күүһүн көмөтүнэн ураһаҕа оҥоһуллуохтаах. Онтон күһүҥҥү кэмҥэ сайылыктан оторго, кыстыкка киирэр. Ол аата балаҕан. Онон алгыс түөрт муннуктаах балаҕан быһыылаах дьиэҕэ ый күүһүн көмөтүнэн ыытыллыахтаах. Түөрт муннук бу ый түөрт кэмин-кэрдиитин кэрэһэлиир – ый аччааһына, сүтүүтэ, үүнүүтэ, туолара.

Былыр биһиги өбүгэбит сүдү дьоно үксүлэрэ буор кут көмөтүнэн турукка киирэн үлэлииллэрэ. Ол аата тыас-уус, дорҕоон көмөтүнэн эттэрин-сииннэрин араастык, имигэстик хамсатан, кутурук уҥуоҕун ситимин уһугуннаран уонна онно сүр күүһүн мунньан, буруһууна курдук хаатыйалаан баран, сис уҥуоҕун устун эмискэ өрө ыытан турукка киирэллэрэ.Сүрдэрэ бэйэлэриттэн арахсан көстүбэт эйгэ араас суолунан айанныыллара, көрүү бөҕөтүн көрүүлэнэллэрэ. Онтон Үрүҥ ыраахтааҕы, Сэбиэскэй былаас саҕана дүҥүрдээһин, кыырыы бобуллубут кэмигэр оччотооҕу айылҕаттан айдарыылаах ытык мааны дьоммут, биһиги билэрбитинэн –Ньыыкан, Чааскын, Чирков уо.д.а. салгын кутунан үлэлиир ньыманы олохсутаннар, көстүбэт эйгэҕэ ыллык тэпсэн хаалларбыттара. Ол аата буор куту хамсаппакка эрэ салгын кут көмөтүнэнсүрү хамсатан атын тас көстүбэт эйгэлэрдиин ситимнэһэр, көрүүлэнэр буолбуттара. Бу ньыма билиҥҥи кэмҥэ олус күүскэ сайдан, киһи үксэ салгын кутунан үлэлиир туруктанна, куйаартан элбэх билиини ылар уонна хабар кыахтанна. Билиҥҥи кэмҥэ ойууттарбыт, удаҕаттарбыт, айылҕаттан айдарыылаахтарбыт ахсааннара баһаам. Кинилэр хас биирдиилэрэ аналлара тус-туһунан, бэйэ-бэйэлэригэр улаханнык майгыннаспаттар. Онон салгын кутунан тахсар кыаҕы арыйбыт суол тэлбит сүдү дьоммутугар махтаныах тустаахпыт. Кинилэр Аан дойду бүттүүн дьонугар саҥа суол тэлээччи, сайдыы саҥа аанын аһааччы да курдук сыаналаныахтарын сөп.

Таҥара Үөрэҕэ билигин дьэ сүнньүн булар кэрдиискэ киирэн эрэр. Бу чугаһынан ааспыт сыллар кэмнэригэр биһиэхэ сахаларга улахан дьон кэлэн бардылар, олортон сорохторо билигин да бааллар. Оннук дьонунан буолаллар – В. Кондаков, Сөдүөт, Сайыына, Тэрис уонна Эдьиий Дора. Бу дьоммут элбэх күүстээх үлэни ыһа-тоҕо ыыттылар, дьон өйүн-санаатын ис уйулҕатын хамсаттылар, араас санааны сахтылар. Билигин да тыыннаахтара үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Мин кинилэри улахан хаамыскалар диибин. Бу дьон сүрдэрэ, билиилэрэ киэҥэ бэрт буолан бэйэ-бэйэлэрин кытта биир кэлимсэ санааҕа киирсиспэттэр, сөп түбэспэттэр. Ол оннугар кинилэр дьон санаатын уһугуннарбыт, итэҕэл суолугар аҕалбыт сүдү аналлаахтар.

Онтон билигин орто хаамыскалар кэмнэрэ кэллэ – араас көрбүөччүлэр, эмчиттэр, алгысчыттар уо.д.а. Кинилэр бары биир таһымнаах буолан бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса ситимнээхтэр, өйдөһөн-өйөнсөн биир түмсүүлээхтэр. Онон бу дьоммут сахабыт итэҕэлин сүнньүн түстүүр, сүрүннүүр, булларар аналлаахтар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр ситимнэһэр, биир санааҕа киирэр күүстэрэ улахан.

Билигин уһаарыллыы кэмэ бара турар. Бу түгэҥҥэ орто хаамыскалар үлэлээн  бытарытан дьон-сэргэ кумах курдук биир кэлимсэҕэ, өйгө-санааҕа киирэн, күүстэрэ түмүллэн, буһан-хатан биир сомоҕо тааска кубулуйуоҕа. Оччотугар улахан Саҥа Үйэ Итэҕэлэ сиһин этэ ситэн, буутун этэ буһан, суола арыллан тахсыаҕа. Түөрт саха төрүөҕэ, Үс саха үөскүөҕэ.

Тоҕо Таҥара Үөрэҕэ – саха итэҕэлэ бачааҥҥа диэри тыыннаах кэллэ диир эбит буоллахха. Саха итэҕэлэ Таҥара Үөрэҕэ религия буолбатах, кини сүрү сайыннарыы, күүһүрдүү практиката. Ону сэргэ, кини айылҕа демократиятын биир сүдү үөрэҕэ, тутула буолар. Бу үөрэх суолгар ханнык баҕар атын (Ислам, Христианство, Буддизм, Иудаизм) итэҕэллээх киһи киириэн сөп. Оччотугар дьон-сэргэ сайдан, салгын кутун кэҥэтэн, санаатын-оноотун сааһылаан сир-уот (ноосфера), Аан Дойду (вселенная) сайдыытыгар сөп түбэһэн, дьон-сэргэ сиэрдээх олоҕу түстэнэр кэмэ-кэрдиитэ арыллыа. Оччоҕо Аан Дойду тапталлаах оҕотугар – киһиэхэ бэйэтин кистэлэҥнэрин арыйыа, сүдү айар күүс бэлэхтиэ, дьон-сэргэ олоҕун тупсарыа.

 

Ааҕааччыларга – сүргүт сайдар суолун тобулунан, олоххут бигэтик тупсарыгар! Дом буоллун!!!
** 
"Кистэлэҥ күүс" сурунаалтан.

Комментарии 

#1
кини 13.05.2015 18:55
бу Айыы Удаҕанын көрүүтүн соҥноон дьиҥ тыыннаах БААРЫН ИТЭҔЭЙЭН ТУРАН биһиэхэ хайыһан позитивнай санааларын үллэстибит КИҺИЭХЭ, АЙЫЫ УДАҔАНЫГАР
тус бэйэм тобуктаан туран СҮГҮРҮЙЭБИН / 100500% ИТЭҔЭЙЭБИН !!!
#2
Акаары саха 14.05.2015 17:19
Бу акаары сахалар сордоохтор семиотика, синергетика уонна герменевтика курдук бэрт өйдөнүмтүө, тиийимтиэ, боростуой ньымалар баалларын баччааҥҥа диэри билбэккэ итэҕэлбитин ситэ өйдөөбөккө сылдьыбыт эбиппит дии. Хата бу өйдөөх баҕайы кыыстаах буоламмыт аартыкпыт арылыннаҕа.
#3
сэмэй 15.05.2015 09:07
Эмиэ биир саханы хайытар хотун кестубут. Саха итэгэлэ Христианство, Ислам синтезтарыттан уескээбитэ диэhин бу хотун анал сакаас быhыытынан улэлии сылдьарын туоhулуур. Сахага эмиэ уочараттаах секта теруттуурэ буолуо. Билбэт дьонно этиэм этэ хайа да итэгэли науканнан хонтуруоллаппат тар! Итэгэл наукаттан уратытын арааран ейдеебете бу хотун таhымын кердерер.
#4
Быйаҥ 23.05.2015 19:38
Игин арааһьы суруйан, туох эрэ өйдөөҕү суруйдум дии санаахттыыр быһыылаах дуу?
Уонна Ар Таҥара итҕэлин — Саха итҕэллэрэ диэн омугунан араарарын эмиэ олх куһаҕан диэн этэбин. Нуччалры үтүктэн. 1990 сыллардаахха, Россия иһинээҕи проваславияны Русская (РПЦ) диэн шовинстар Россия биир национальность аатынан аттаан кэсппиттэрин курдук, Ар Таҥара итҕэлин, биһиги кэлин Айыы үрэҕэ диэн ааттаабыт итэҕэлбитин, Саха эрэ киэнэ оҥорботото буоллар.
Былыр итҕэлбит ханнык даҕаны омукка туһаайыллыбакка - Итэҕэл - диэн ааттанар этэ.
Уонна Ыһыах 1945 сыллаахха сценарийыгар киллэриллибит уоту аһатар шаманы, уонна уот тула үкүлүүр кыргыттары уолаттары суох гынан.
Ыһыах Айыылары алгыстыыр күн.
#5
Гавриил 23.03.2024 13:46
Итэҕэл эйгэттэн үөскүүр. Сиртэн силистээх, буор куттаах саха, дьиҥинэн, билэрэ- көрөрө киэҥ, кута чараас, сүрэҕэ амарах, санаата күүстээх. Ханнык да религиятааҕар дириҥ итэҕэллээх. Ойуун, отоһут, көрбүөччү, уус, олоҥхоһут. Буору арсыын курдат көрөр, көстүбэт эйгэни билэр. Айылҕаттан быһа билии ыраас кукка иҥэр, кыым саҕыллр, кутаа күөдьүйэр
#6
Гавриил 23.03.2024 14:01
Буор куттаах, сиртэн силистээх саха итэ5элэ үрдүк, хараҕа кыраҕы, кута чараас, сүрэҕэ билигэс. Айылҕаттан быһа билии ыраас кукка түһэр, кыымтан төлөн, онтон санаа үөскүүр. Оннук дьлҕур эбэтэр баар, эбэтэр суох.Иэйии биирдэ эмэ кэлэр. Уус кэрэни айар, олоҥхоһут хааһахтан хостуур, отоһут ыарыыны кыйдыыр, күрбүөччү өтө көрөр.Бу- дьиҥнээх, үөрэх да, религия да буолбатах

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru