Олоҥхо ыһыаҕа бүтүн норуоту түмэр, сомоҕолуур улуу күүстээх

Понедельник, 23 Июня 2014 00:43
Оцените материал
(0 голосов)
Олоҥхо ыһыаҕар бэс ыйын 21 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан кэлбит норуот ырыаһыттара, тойуксуттара, олоҥхоһуттар, тимир уустара Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин Моҕол ураһатыгар спикер Александр Жирков ыҥырыытынан түмсэннэр, саха омугун төрүт үгэстэрин салгыы сайыннарыы туһунан санааларын үллэстиилэриттэн салгыы билиһиннэрэбит.

Мария Ивановна Федорова, 83 саастаах культура үтүөлээх үлэһитэ, оһуохай, олоҥхо уһуйааччыта Сунтаар улууһун Сунтаар сэлиэнньэтин олохтооҕо:

-- Олоҥхо дойдутунан биллэр Сунтаартан сылдьабын. Олоҥхо ыһыаҕа аан бастаан Сунтаартан саҕаламмыта. Бастакы ыһыах буолан, атын улуустартан олоҥхоһуттар кэлбэтэхтэрэ. Онон бэйэбит испититтэн эрэ кыттаммыт, олоҥхоттон быһа тардыылары толорбуппут. Онтубут сүрдээх үчүгэй этэ. Олоҥхо диэн былыр суруг-бичиги билбэт эрдэххэ, саха эт мэйиитинэн, өйүн сайдыытынан уустаан-ураннаан этэн-хоһуйан таһаарбыт айымньыта буолар. Былыр дьахталлар, мэнэрийэр этилэр. Ыллаабакка, туойбакка, хаайтараннар оннук тыыннарын таһааралларын мэнэрик диир этилэр.

Аныгы кэмҥэ саха айар талаана сайынна. Олоҥхону сайыннарыы олугун бастакы Президеммит Михаил Николаев уурбута.  Анал концепция тахсыаҕыттан ордук 90-сылларга саха төрүт култууратын бу көрүҥэ күүскэ сайдан барбыта. Тус бэйэм оҕо эрдхпиттэн оһуохайы, тойугу туойуохпун аһара баҕарар этим. 1945 сыллаахха Сергей Зверев-Кыыл уола Ньурбаҕа колхуоһунай театры иккиһин тэрийбитэ. Ол үлэлииригэр “Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн” олоҥхону ол туруорбута. Онтон ыла тыаҕа оскуола оҕолоро олоҥхону туруорар буолбута.

Саха сирин парламенын Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков салайар Олоҥхо Национальнай кэмитиэтэ тэриллиэҕиттэн бу Олоҥхо ыһыахтара күн бүгүҥҥэ диэри үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылла тураллар. Сунтаарга, Ньурбаҕа, Мэҥэ-Хаҥаласка уонна бу Хаҥаласка Олоҥхо ыһыахтарыгар сырыттым. Сунтаарга аан бастаан ыытыллыбыт ыһыах тэрээһин өттүнэн сэмэй соҕус этэ гынан баран, тойугунан-ырыатынан ордук баай ис хоһоонноохтук барбытын бэлиэтиэм этэ, дэлэ да Олоҥхо дойдутунан ааттаныа дуо. Олоҥхоһут тамаҕа хатар ээ, ону учуоттаан буолуо, Ньурбаҕа уонна Мэҥэ-Хаҥаласка олоҥхоһуттарга сылаас алаадьыны кытта итии чаайы биэрэ этилэр. Ол оһуобай үчүгэй буолар. Онон биир баҕа санаа кэриэтэ этиилээхпин: олоҥхоһуттарга  взнос суотугар кэнэҕэһин даҕаны алаадьылаах итии чаай куруук баара буоллар диэн. Мин 25 сыл устатыгар Сунтаар 1№-дээх оскуолатыгар олоҥхону-тойугу ыччаттарга үөрэттим: батыһааччыларым элбэхтэр. Бу соторутааҕыта Сунтаартан 8 олоҥхоһут, тойуксут оҕолорбун илдьэ,  Ил Түмэн 20 сыллаах ыһыаҕар аналлаах Уус-Алдан Өлтөх нэһилиэгэр тиийэ сырыттыбыт. Онно оҕолорум бириистэргэ тиксэн, айар талааннарын биһирэтэн кэллилэр.

Александр Иванович Степанов, Ньурба улууһун Өҥөлдьө нэһилиэгин олохтооҕо, 77 саастаах оһуохайдьыт:

 -- Олоҥхо ыһыаҕын, төһө киһи сылдьарын, оһуохайы хайдах толороллорун көрөөрү суол ырааҕын, саас элбэҕин аахсыбакка, сүрэх тэбиитинэн Ньурба улууһуттан кэллим. Олоҥхо ыһыаҕа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар буолбута сэттэ-аҕыс сыл буолла. Ил Түмэн салайааччыта Александр Жирков салалталаах Олоҥхо 10 сылын бэлэмнээн тэрийэн ыытар СӨ  Национальнай кэмитиэтэ итиэннэ ыһыах тэрийэр кэмитиэтэ  Олоҥхо ыһыахтарын дьоҥҥо-сэргэҕэ, үүнэр сүһүөх ыччакка норуоппут төрүт үгэстэрин иҥэрэр, угуйар-уһуйар, кэрэхсэтэр гына, сылтан сыл ахсын бары өттүнэн силигин ситэрэн, тупсаран иһэрин бэлиэтиибин. Олоҥхо ыһыаҕа бүтүн норуоту түмэр, сомоҕолуур улуу күүстээх.

Быйылгы ыһыах Саха сирин саамай кэрэ дойдутугар Эллэй Боотур саҕаттан саха дьоно былыргы кэмнэргэ олорон ааспыттарын сытыытык  санатар Орто дойду туонатыгар ыытыллара аһара астык. Ыһыах кэрэ түһүлгэтэ Мандар Уус ыйыытынан-кэрдиитинэн тутуллубута дииллэр, ол харахха тута быраҕыллар үчүгэй. Маннык сүдү, ытык сирдэргэ сылдьарбыттан  аһара үөрэбин.

Оһуохайдыырбын оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн. Оһуохайы 1978 сылтан этэр киһи быһыытынан санаабын эттэхпинэ, оһуохай киһи өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сайдыытыгар үтүө дьайыылаах. Өрөспүүбүлүкэҕэ да, улуустарга да оһуохай, олоҥхо да ассоциациялара үлэлииллэрэ үчүгэй. Бу сылларга Культура, Арктика, Тыа сирин сыллара биллэриллэннэр, өрөспүүбүлүкэҕэ ити эйгэлэргэ элбэх үчүгэй тэрээһиннэр, үлэлэр бара туралларын биһириибин. Былыр, мин оҕо эрдэхпинэ, улахан быыбардарга, бырааһынньыктарга олоҥхоһуттар туойалларын истэр этим. Биһиги түбэҕэ Федоров Иван, Михайлов Иван, Алексеев Иван диэн устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, кэрэхсэнэр кэрэ куоластаах олоҥхоһуттар олорон ааспыттара. Биһиги кинилэр туойалларын ололлон олорон истэр этибит. Биһиги нэһилиэккэ 10 оһуохайдьыт баар этэ. Куоталаһа-куоталаһа этэллэрин истэр үчүгэй да буолара! Олортон оһуохайга, бука, иитилиннэхпит, уһуйулуннахпыт буолуо. Убайым Василий Степанов диэн улахан оһуохайдьыт баара эрдэ үйэлэммитэ. Тононон, билигин олоҥхолуур киһи суох. Арай оскуолаларга олоҥхоҕо уһуйаллара үчүгэй дии саныыбын, төрүт үгэспитин салгыыр биир эмэ киһи тахсыа этэ. Тус бэйэм оһуохай тылын этэргэ 4-5 оҕону үөрэппитим. Ол оҕолорум үөрэнэ барыахтарыттан ыла атын сирдэргэ олохсуйан хааланнар, көрсүбэппин. Оһуохайы этии уратыларын туһунан этэр буоллахха, Бүлүү бөлөх оһуохайдьыттара, сунтаардар, ньурбалар, бүлүүлэр, киин улуустар оһуохайдьыттарыттан букатын уратытык этэллэр, үҥкүүлүүллэр. Кинилэр хаамыылара, оһуохай тылын таһаарыылара аа-дьуо, налыччы, эҥээркэй, ураты кэрэ буолар.

Ил Түмэн пресс-сулууспата  

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru