«Таайтарыылаах таҥха» кинигэнэн сэрэбиэйдэниҥ!

Четверг, 09 Января 2014 22:19
Оцените материал
(0 голосов)
Тохсунньу ыйга өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан таҥха иһиллээн, сэрэбиэй быраҕан, кистэлэҥ эйгэ быыһын сэгэтэн, инникилэрин тымтыктанан көрөллөрө.
Ол үгэс күн бүгүҥҥэ диэри сүппэккэ-оспокко тиийэн кэллэ, эдэр кыргыттар хаһан ыал буолалларын, ким кими таптыырын билиэн-көрүөн баҕалара үгүс, ким эрэ бүлүүһэттэн сарсын экзамеҥҥа хаһыс билиэт кэлэрин сураһар. «Таайтарыылаах таҥха» диэн кинигэҕэ бит-билгэ, сэрэбиэй арааһа кэпсэнэр, дьикти дьарыктаах дьон олохторо ойууланар. Бу кинигэнэн сирдэтэн сатаан сэрэбиэйдээбэт да киһи, бэйэтин кыаҕын холоно таарыйа, биһилэх, кумааҕы күлүгүн көрүөн, бүлүүһэ сүүрдэн, инникитин сылыктаныан сөп.  
Кинигэни "Бичик" маҕаһыыннарыттан атыылаһыҥ. 
***
Марианна ТЫРТЫКОВА.

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru