Оһуохай ситимэ – Илин Эҥэргэ!

Понедельник, 03 Июня 2013 23:16
Оцените материал
(3 голосов)
Олонхо оонньуута чугаһаан, араас таһымнаах тэриллэр Мэҥэ сиригэр буола тураллар.
Ол курдук, Саха омук оһуокайа Илин Эҥэр улуустарга сэбиэскэй кэм саҕана саба тутуллан, умуллан-умнуллан баран, бу кэнники кэмҥэ иккис тыынын ылан, тэлэһийэ сайдан эрэр.
Ыам ыйын бүтэһик күнүгэр, «Оһуохай Түмсүү» Аллараа Бэстээххэ 19 киһилээх халыҥ делегацията тиийэн, утумнаахтык үлэлээн-хамсаан кэллэ.
Хара сарсыардаттан Саха Сиригэр киэҥник биллэр Оһуохай Дархан этээччилэрэ Степан Яковлевич Яковлев- Ырыа Ыстапаан, Осипов Егор Михайлович, Алексеев Афанасий Егорович, Алексеев Василий Львович, Адамов Константин Дмитриевич, Яковлев Зиновий Петрович, Черноградский Семен Ильич мустубут 350 оһуохайдьыттарын кытары уһуйаан үлэтин, санаа уонна дьарык атастаһыы ыытыллар. 
Мэҥэ-Хаҥалас, Уус Алдан курдук элбэх ахсааннаах төрүт саха улуустарын оҕолоро көхтөөхтүк оһуохайга кыттыбыттара ытык кырдьаҕатастары ордук үөртэ.  Ырыа Ыстапаан этэринэн, оҕолор барахсаттар маннык кыһаллан дьарыктаналлара Илин Эҥэр улуустара Ытык Оһуохай ситимэр киирбиттэрин бастакы туоһута.
«Оһуохай Түмсүү» мантан ыла үлэтигэр оҕолорго туспа кыһаллар буолуо. Того диэтэххэ, Оһуохай үйэлэри курдары тыкпыт ситимин быстыбатын туһугар, билиҥҥи ытык Дарханнар эппит этиилэрэ, ыллаабыт ырыалара Улуу Куйаарга симэлийбэтин ситиһэр дьон – оҕолор.
Оһуохай Дарханнарын Сүбэтэ быйылгы ыһыахха оҕону оһуохайга угуйар-уһуйар хас да саҥа этиилээхтэрин бу күннэргэ биллэриэхтэрэ.     
  ***
А. ТАРСКАЙ.
 
 
 
 
 
 

Комментарии 

#1
Алтан Кыыс 05.06.2013 14:09
туох хаартыскатын уктугут, уларытыа этигит?

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru