Таҥха киэһэлэрэ түмүктэннэ

Воскресенье, 20 Января 2013 11:29
Оцените материал
(1 Голосовать)
Арчы дьиэтигэр 16-19 тэриллибит Таҥха киэһэлэрэ бу түүн 01 чааска түмүктэннилэр.

IMG 0467Дьокуускай куорат Чернышескай уулуссаҕа проспектан киирэн айаннаан истэххэ, Күөх хонууга хаҥас диэки - христианнар, экстремалы сөбүлүүр дьон массыыналара хотолдьуһан киирэн сүтэр, уҥа өттүгэр - сэрэбиэйи, инникитин таайтаран көрөр баҕалаах Айыы аймаҕа субуруһан туоруур.
Арчы дьиэтин дириэктэрэ Валентина БОЧОНИНА этэринэн, бастакы күҥҥэ 400 киһи кэлэн инникитин көрүүлэнэн, сэрэбиэйдэнэн, түүлүн тойоннотон, алгыстатан-арчылатан барбыт. 
Барыта 30-чча айылҕаттан айдарыылаах дьон бу күннэргэ" үөһээ айыылары кытары сибээскэ тахса сылдьыбыттар". 
- Валентина Ивановна, үксүн дьахтар аймах сырытта?
- Дьахтар ханна баҕарар элбэх (күлэр). 
- Саастарынан?
- Дьиктитэ диэн, ханнык эрэ кэмҥэ - саастаах дьон кэлэр, ханныкка эмэ - ыччат бөҕөтө баар буолан хаалар. 
- Аар Айыы үөрэҕин тарҕатааччылар көрүүлэниини наһаа биһирээбэттэр.
- Оннук эрээри, билигин тосхунньуга Таҥха Хаан - саамай муҥутаан, сиргэ чугаһаан турар кэмэ. Бу кэмҥэ халлаан оройо аһыллан, элбэх сөптөөх информация сиргэ түһэр. Ону айылҕалаах дьон ааҕан, хомуйан ылан киһиэхэ тиэрдэр кыахтаналлар. Туох барыта кээмэйдээх-кэрдиистээх. Сылы супту көрүүлэнэринэн үлүһүйүү сэттээх-сэлээннээх буоларын сэрэйэбит. Ол иһин Арчы дьиэтэ Таҥха күннэрин анаан-минээн алгыстатан-арчылатан ыытар үгэстээх.  Уонна биһиги куту аймыыр "Бүлүүһэ сүүрдүүтэ" эҥин диэн көрүүлэниини ыыппаппыт. Кыайа-хото тутар кыахтаах кырдьаҕастаах дьон бэйэлэрэ дьиэлэригэр ыытыахтарын сөп. Суицид-бэйэҕэ тиийинии билигин наһаа элбээтэ, сир халлаан икки ардыгар үөр буолбут куттар чугастыы кэлиэхтэрэ ди, ол Өксөкүлээх оннугар... Көрүүлэниигэ - сиэри-туому тутуһуу хайаан да наада.
- 30-чча айдарыылаах дьон Таҥхаҕа кытынна диэтиҥ...
- Таҥха киэһэлэригэр кыттар баҕалаах айылҕалаах дьон ахсааннара элбээн иһэр, биһиги кимиэхэ да аккаастыыр үөрүйэхпит, бырааппыт да суох. Барыларыгар өрбөҕүнэн да буоллар быыһаан, туспа муннук оҥорон биэрдибит. Ол гынан баран син биир кыараҕас.
- Дьон ордук кимиэхэ сылдьарый: сэрэбиэйгэ, эмчиккэ, алгыска?
- Дьон-дьон араас. Түүлү тойоннотооччулар да бааллар, эмтэтэр, илбитэр дьон элбэхтэр. Ааттаан-суоллаан көрбүөччүттэргэ да сылдьар дьон үгүстэр. Остуол оонньууларыгар анаан кэлэр дьон баар. Хомуһынан алгыһы элбэх киһи астынна. Кырдьык, ыраастыыр, сүргэни көтөҕөр, сүрү күүһүрдэр диэн билиннилэр. Ол да буоллар, сэрэйэргит курдук, дьон ордук билиҥҥи олоҕун туругун ырыттарыан, кэлэрин тымтыктатан көрүөн баҕарар.
- Саҥа айылҕалаахтартан дьон кими биһирээтэ быһыылааҕый?
- Санаайаны биһирээтилэр. Бастакы күҥҥэ 80-тан тахса киһи испииһэктэттэ диэтилэр...
- Бэйэҥ таҥхаланныҥ дуо?
- Түүлбүн тойонноттум), Люция Устиновна Нохсооробоҕо. 
- Эмчиттэртэн ким баарый?
- Анастасия Васильевна Яковлеваны бэлиэтиэм этэ. Оннооҕор уонча сыллааҕыта травмаламмыт дьон кэлэн хас да сеанс ылан ама буолан бардылар. Айылҕата аһыллан эрэр. Олус сымнаҕас илиилээх. Аһара бэркэ уҥуох тутар.
IMG 0476IMG 0475- Бу түбүктээх тэрээһини тэрийэр Арчы дьиэтигэр төһө барыстааҕый? Айдарыылаахтар үлэлэрин-хамнастарын түмүгүттэн төһө нолуогу төлүүллэрий?
- Биир сыананы быһар кыаллыбат. Ким эрэ чэпчэки сыанаҕа өҥөтүн сыаналыыр, ким эрэ додо курдук ылыа... Ким эрэ элбэҕи киллэринэр, ким эрэ аҕыйаҕы. Онон, ким төһө "сөп" диэбитинэн бэйэтэ быһааран Арчы дьиэтигэр харчы киллэрэр.
- Холобур, ити уҥуох тутааччылар, илбииһиттэр, түүлдьүттэр - көрүүлэниигэ сыһыана суох дьон, бу күннэргэ эрэ үлэлииллэр дуу, эбэтэр...
- ...суох, бу дьон Арчы дьиэтигэр өрүү кэриэтэ бааллар. Сэргээбит дьон кэлэн салгыы билсэн эмтэнэн, көрдөрөн, диагноз туруортаран  барыахтарын сөп. 
***
Ити курдук саха өссө биир үгэһэ - Таҥха кэмэ  түмүктэннэ. 
***
Aartyk.Ru
Хаартыскаҕа: 1. Арчы Дьиэтин дириэктэрэ Валентина БОЧОНИНА.
2. Таҥхаһыттар.
3. Илбииһит, уҥуох тутааччы - Анастасия Васильевна Яковлева.
4. Түүлдьүт - Люция Устиновна Нохсорова.
\

Комментарии 

#1
Миитэрэй 20.01.2013 12:38
Валентина Ивановнаҕа, махтал! Саха үгэһин, сиэрин-туомун тарҕатар, култууратын пропагандалыыр киһиэхэ итии-истиҥ эҕэрдэ буоллун!!!

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru