Орто дойду олоҕун ортотун булуу…

Пятница, 04 Января 2013 15:48
Оцените материал
(0 голосов)
(Санаа атастаһыыта)
Бу билиҥҥи бириэмэҕэ туох барыта түргэн тэтиминэн уларыйа турар.
Ону кытары дьон сэргэ тэҥҥэ уларыйар  дии саныырым да биир сиргэ туран хаалааччылар бэйэм да ыккабар баар эбиттэр. Хас эмэ сылы быһа араас семинардарга кыттан, үөрэнэн баран бэйэлэрин ылбыт билиилэрин олохторугар туттубаттар. Саҥаттан саҥаҕа сонун курдук наадыйыы курдук өйдөөтүм. Истибитин сэҥээрээччи ис туругун күннэтэ көннөрбөт буоллаҕына, булбут билиитэ киһини буортулуур эрэ эбит. Чап (эго) үрдээһинэ буолар. Бу маннык дьонтон сөҕөр буоллум. Ону ол аата «бэйэҥ оннук буолаҥҥын» диир бэлэм эппиэттээхтэргэ сөбүлэспэппин.
Бэйэҕэр баар буолан дьон сыыһатын-итэҕэһин бэлиэтии көрөҕүн дииллэр да 100% оннук буолбатах диэн санаабын этинэбин. Ким эрэ олоҕо сатамматыгар ытанан буруйдааҕы булан мөҥүттэр буоллаҕына ол аата мин эмиэ оннук үһүбүн? Атыттары албынныыр киһини тоҕо оннук гынарын билэ сатыыр буоллахпына бэйэм албынчык  эбиппин дуо? Уулуссаҕа холуочук дьахтарга милииссийэлэр сиэрэ суохтук сыһаннаһалларын көрөн «баҕар олоҕор бастакы төгүлүн испит киһи буолуо…» диирим бэйэм иһээччи буолан  көмүскэһэ сатыыр буолан тахсабын?
Бу сылларга алтыһар чугас дьоннордоохпун.  Сорохторун  кытары хайдах тапсаҕын диэн атыттар ыйытааччылар.  Биирбит ардыгар наһаа ис-иһиттэн үөрэрин иһиттэхпинэ бэйэм итинник күлбэппиттэн кыбыста санааччыбын. Аһара күллэҕинэ сотору ытыа диэбит курдук сороҕор киһи кыыһырыа да суоҕуттан өһүргэнэн турара эмиэ баар суол.
Атын дьүөгэбин кытары сыл баһыгар-атаҕар диэбит курдук көрсөбүт. Кини туох саҥаны истибитин тутатына туттан, боруобалыырын билэн үөрэбин. Маннык тиэмэлэртэн ыраах уонна бүтэй киһибин дэннэр да туһанар эбит. Кини барытын истэр, ылынар диэбэппин.
Биһиэхэ холоотоххо кырачааннарбыт барыны-барытын билэ-көрө сатааннар тутатына туппалаатахтарына, этэҥҥэ буоллаҕына кырыктаах харах хатаныытынан, эбэтэр мэҥүллүүннэн, биитэр таһыллыынан түмүктэнэн буруйдаахтар кинилэр буолаллар.
Саҥата суох истибит киһитээҕэр,  утарсан бэйэтин санаатын этинэр киһи ордук толкуйа тобуллар. Онон сороҕор соруйан дьоҥҥо төттөрүтүн эттэхпинэ сөбүлээбэттэр. Мөккүһээччи сөбүлэспэтэҕинэ ис санаатын саҥарар, эппиэтин этинэр, билбэтин булар.
Ис санаа сатаан  таска тахсыбата хом санааны үөскэтэн арыгынан аралдьытыныыны аҕалар,  буруонан буккуллуу буолар, көрсүүгэ куотунууну, уйулҕаны уоскутунууну…-  быстах чэпчэтинии  биэрэр. Доруобуйа эмсэҕэлиир, эт-сиин эчэйэр. Устунан дууһа ыгылыйар, ытыыр,  ыалдьар. Бары өттүнэн бэйэҕэ эрэ ночооттоох буоларын билэ-билэ олохпутугар кыһалҕаны кыттыһыннарарбыт төһө тоҕоостоох эбитий?
Уугун хаммакка кыыһырар буоллаххына, ханнык атаххыттан тураҕын да күнүҥ оннук буолар диэҥҥэ сөп түбэһэҕин. Ити өйдөбүлгэ бас бэринэр эн куһаҕан быһыыҥ, майгыҥ тоҕо аттынааҕыларгын аймыахтааҕый, үөлээннэхтэриҥ үөрүүлэрин үргүтүөхтээҕий? Тоҕо бэйэҕин көрүммэккэ буруйдааҕы булаҥҥын буулуохтааххыный, саастыылааххын  сэмэлиэхтээххиний, ханыылааххын хамаандалыахтааххыный, дьоҥҥун дьаһайыахтааххыный… ?
Дьиҥинэн олох өйдөбүлэ аһара боростой.
Бэйэбит уустугурдабыт. Социализмы тута сатаан «бары биир киһи курдук…» диэн ыҥырыы-быраабыла өйбүтүгэр хатанан хаалбыта хаһааҥҥы дылы хааны хамсатар күүс буоларый? Хаһан бэйэбит ис дууһабытын истинэбит, турукпут туһунан толкуйданабыт?
Хас эмит олох устата аптаах холбука аһылларын айах атан олорон кэтэһиэххэ сөп. Айылҕаттан айдарыылаахтарга араастаан албаһыран алҕаспытын аччаттарыахпытын сөп, буруйбутун боруостатыахпытын сөп, сыҥаланан сыыһабытын сыыччаттарыахпытын сөп, сорбутун сүөккэтиэхпитин сөп, кыһалҕабытын кыччаттарыахпытын сөп,  муҥмутун муннарыахпытын сөп, ыарыыбытын ылҕатыахпытын сөп, дьаҥмытын дьалтарыттарыахпытын сөп, ырабытын ыырдатыахпытын эмиэ сөп, баҕабытын кытары барҕардыахпытын сөп... Наһаалаан харчыбытын хаҥаттарабыт, ааһа баран баайбытын байыттарабыт диэччилэр баһаамнар.  Олоххутун олоччу оҥорон биэрэр кыахтаахпыт да диэччилэр көстөллөр.
 Христианнар  нэдиэлэни быһа «аньыыны» оҥорон баран  хас баскыһыанньа аайы церковька тиийэн үҥэллэр. Оттон биһиэхэ эмчиттэргэ, экстрасенстарга, Ытык сирдэргэ «ыраастанарга» бааллан хаалааһын баар.  Бу туораттан «көмө»,  айан-сырыы барыта ботуччу соҕус төлөбүрдээх.
КИҺИ диэн кимтэн да тутулуга, атына, ордуга суох
бэйэтэ сүрдээх күүстээх, кыахтаах айыллыы.
 
 
Ким эрэ өйдөөҕүмсүйэн үөрэтэн, соҥнуур диир буоллаххына кулгаахтаргын кытары кистэнэриҥ, харахтаргын хатананарыҥ, саптынарыҥ  хас да өрүттээх. Истиэн баҕарбат киһи сыыйа-баайа кулгааҕа бүөлэнэр. «Икки харахпар көстүмэ» диэччи эппит саҥата саталанан бэрт дөбөҥнүк бэйэтэ тумарыктатар буолан, инникитин отой да хараҥаны харбыалаһыан кытары сөп эбит. Ол иһин саҥарар саҥаны сааһылыыры суолталаатахха сатанар.
Үбүлүөй да, уруу сандалытыгар да буоллун эҕэрдэ этээччи  «алдьархай», «ынырык», «баҕайы» диэн кыбытар, кыттыһыннарар тыллара сүрэҕи хам баттыыллар, үөрүүлээх түгэни үөдэн түгэҕэр үтэйэллэр. Ону өйдөөбөтөххө да этиллибит тыллар эйгэни ыһаллар, туһааннаахха тиийбэккэ тылы тиһэн тыынааччыга төттөрү төннөллөр. Сэти-сэлээни сыыйан,  билбэккэ бэйэлээх бэйэтин күрүөтүн (ауратын) айгыратар.
Ыарыыны кытары бэйэбит булан, көрдөөн ылабыт. Онно ордоотообуппут, манна маатырылаабыппыт, итиннэ иирсибиппит, үөхсэн үөгүлээбиппит,  инникини ирдэспиппит,  атыны аймаабыппыт, кыыһыран кынчыарыйбыппыт, тырыттан тымтыктаммыппыт, өһүөннээхтик өһүргэммиппит, мэлдьэһэн мэтэҥнэспиппит, анаан албыннаабыппыт, сорунан сымыйалаабыппыт, саһыл саҕалана сатаабыппыт, ууттан «кураанах» тахса сатыырбыт -  барыта сэт-сэмэ  буолан, төннөн кэлэн бэйэлээх бэйэбит бороҥ бодобутугар сыстан, саһан, сөҥөн саас үйэ тухары ыарыы буолар эбит.
Бу мин арыйыым, этиим, билиим, быһаарыым, үөрэҕим буолбатах. Бу Куйаар тулхадыйбат тутула. Орто дойду олоҕун ортотун булуу диэни элбэх киһи истибитин да иһин хоҥоруутугар хоннорбот, улахаҥҥа уурбат.  Иэгэйэр икки атахтаах бу сиргэ «Айылҕа хаһааайынабын» диэн айбардаан олорботун туһугар «тугу биэрэҕин да ону ылаҕын» диэн аһара бэрткэ олох муудараһа толкуйдаммыт. Ис-иһигэр киирдэххэ итэҕэйэртэн, итэҕэйбэттэн тутулуга суох сүрдээх күүскэ үлэлиир. Олох оҥоһуута оннук.
 Ханнык да Айыы Таҥара дуу, Адьарай аймаҕа дуу бэрт былдьаһан, күөн көрсө сатаан эн олоххор «хара  балаһаны» оҥорбот эбит дуу? Билбит билиини биһирээн бэйэ бодотун булунар,
баһылыыр быдан барыыстаах  буолаарай быыһык бириэмэҕэ?
 Биир өттүттэн баара суоҕа, атын өттүттэн саамай сүрүнэ - киһи өйүгэр туох программаны укпута, санаабыта, баҕарбыта -  ол туолар. Бу маны өйдөөбүт, ылыммыт, туһаммыт киһи олоҕо атыннык устар буолар.
Хомпорууна.
"Кистэлэҥ күүс".
 

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru