Киһи - итэҕэлэ суох КИҺИ буолбат

Суббота, 24 Ноября 2012 13:29
Оцените материал
(2 голосов)
Саха омуга – киһи аймах иннигэр – томороон тымныылаах, тыйыс айылҕалаах хоту сири баһылаабыт, олоҕу төрүттээбит, тыа хаһаайыстыбатын саамай хотугу көрүҥүн сайыннарбыт сүдү өҥөлөөх. Хотугу цивилизацияны төрүттээһин аҥаардас тыыннаах хаалар эрэ өрө мөхсүүтүттэн тахсыбатаҕа, уһулуччу күүстээх итэҕэлгэ тирэҕирэн төрүттэммитэ, сайдыбыта диир дьону кытары сөбүлэһиэх кэриҥнээхпит. Улахан, сүдү -- өрүү дириҥ ис хоһоонноох, толору соруктаах-сыаллаах буолар үгэстээх.
Хас биирдии норуот бэйэтин айылгытыгар, айылҕатыгар чугаһы, дьүөрэлэһэри ылынар. Саха олоҕор тугунан да барсыбат«кэлии» итэҕэллэр, тэнийэр, тарҕанар кыахтара суох. Киһи – итэҕэлэ суох киһи буолбат. Туохха эрэ итэҕэйиэхтээх, туохха эрэ тардыһыахтаах. Аныгы буккуурдаах, иннэ-кэннэ биллибэт олоххо итэҕэлгэ наадыйыы олус күүһүрэн турар. Дьон кураанахсыйбыт дууһаларын тугунан эмэ да буоллар «толоруна» сатыыллар. Ол иһин эмиэ үйэбит курдук «саарбах суоллары» батыһан ханна тиэрдиэхтэрэ биллибэт «ыллыктарынан» хаамсаллар.
«Саха итэҕэлин» «тарҕатааччыларбыт» бэйэлэрин истэригэр иллэрэ суоҕа, мөккүһэр-этиһэр майгылаахтарын көрө-истэ сылдьан, киһи «саха итэҕэлэ» диэтэхтэринэ, хайдах эрэ иэрэҥ-саараҥ дьыаланы этэллэрин курдук ылынар. Дьиҥинэн, халыҥ омук курдук тыһыынчанан сылы мөккүһэр кэммит, кыахпыт суох. Аҕыйах ахсааннаах норуот «жрецтэрэ» биир түмүккэ кэлиэхтэригэр диэри бытанан да бүтээ инибит. Онон, илбээн-холбоон, күүһү түмэн, суруллубут үлэлэри чөмчөтөн тулхадыйбат итэҕэл сокуоннарын олохтуур уолдьаспатаҕа буолуо дуо?

Айыы
 ойууна
Владимир Алексеевич Кондаков, итэҕэлгэ үлэлиир дьонтон уратыта диэн, кини бэйэтэ аптаах-хомуһуннаах, улахан айылҕалаах киһи этэ. Ол ону мэлдьэһэр киһи арааһа суох буолуохтаах. Иккиһинэн, кини практик, тутан-хабан, итэҕэл сөргүйэригэр быһа-бааччы үлэлээбит киһи буолар. Кондаков «Норуот эмчиттэрин ассоциациятын» төрүттээбитэ. Эмтиир дьоҕурдаах дьону мунньара, үөрэтэрэ, салайара. Норуот эмтээһинин уонна духуобунаһын наука өттүттэн чинчийэр «Үрүҥ Аар Тойон» тэрилтэни олохтообута. Тыһыынчанан ааҕыллар Саха сирин отун-маһын арааһын суруйбута, үөрэппитэ. Ол үүнээйини ханнык ыарыыга, хайдах туттан эмтэнэргэ быһааран биэрэ кинигэ таһаарбыта.
Кондаков тэрйбит тэрилтэлэрэ билигин да үлэлии олороллор. «Норуот эмчиттэрин ассоциацията» Дьокуускай кытыытынааҕы – Көтөр фабрикатын түөлбэтигэр, туспа дьиэ-уот туттан, тэлгэһэ тэринэн алгыс сиэрин-туомун, эмтээһиннэри ыытар. Дьон, син, улахан киэҥ реклама ыытыллыбатын да үрдүнэн, бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн ыллыктарын саппаттар эбит. Ити, дьон ханнык эмэ сорҕото, Аар Айыы итэҕэлин ылынан, итэҕэйэн, күннээҕи олохторугар киллэрбиттэрин туоһулуур буоллаҕа.

Итэҕэлгэ тиэрдэр суол араас

Норуот эмчитэ, ассоциация салайааччыта – Августина Ильинична Яковлева  Өлүөхүмэ Кыыллааҕар төрөөбүт, Сунтаарга иитиллибит, онно үйэтин сааһын тухары олорбут, оҕо бырааһынан үлэлээбит. «Кыра эрдэхпиттэн ыалдьар киһини сатаан тулуйан көрбөт этим. Булгуччу ол киһини тыытан дуу, имэрийэн дуу, тиһэх уһугар «суһал көмө» ыҥыран дуу – көмөлөһүөхтээҕим», -- диэн кини педиатр буолбут төрүөтүн кэпсиир.
Августина Ильинична ординатуратын Ленинградка барбыт. «Онно сылдьан хараҕым аһыллыбыта. Омуктар – европеецтар азиаттарга тэҥнээтэххэ эттэрин-сииннэрин тутула букатын атын. Тыҥа курдук дыг-дах сымнаҕас эттээхтэр, үскэл дьон. Эми-тому, официальнай медицинэ – Европейскай үөрэх буоллаҕа, ол иһин ити дьоҥҥо туһуланан оҥоһуллубутунан уонна дозалара кинилэргэ туһаайан быһыллыбыт буолан, түргэнник эми ылыналлара. Үлэлээбит уопуппуттан көрдөхпүнэ, саха оҕотугар үгүс эмп, официальнай медицинэ быспыт дозата – улахан буолар. Тута  анаалыстара уларыйан киирэн бараллар. Ол иһин, холобур систиэмэ туруорарбар, оҕоҕо төһө доза сөп буоларын быһаараары, оҕо пульсун бигээн көрөрүм – аһара бараары гыннаҕына сүрэҕин тэбиитэ түргэтиир. Оччоҕо дозатын тохтотоҕун».
Быраас үлэтэ, ордук тыаҕа, туох да оборудованиета, аппарата суох сиргэ үлэлииргэ олус ыарахан.
А.Яковлева тыаҕа педитрдыы сылдьыбыт кэмнэрин ахтар: «Ыарахан туруктаах оҕону күн тахсыытыгар тиэртэххэ, ол күнү туоруур диэн этэллэрэ. Кырдьык, туох баар күүстээх, гормональнай эмтэр күн тахсыыта ананаллар. Ол сылдьан, былыр биһиги өбүгэлэрбит хайдах эмтииллэрэ буолла, диэн санаа үүйэ-хаайа тутар буолан барбыта. Оҕону быыһыырга, ыксаатаххына, таҥараттан да көрдөһөргөр тиийиллэр буолара…». Эдэр быраас эми таһынан туох эрэ үрдүк күүс баарын бүтэйдии сэрэйэн, итэҕэйэн барар. Ол гынан баран, онно тиийэр суолу өр көрдүүр. 
Онтон, 1990 сыллар саҕаланыыларыгар Августина Ильинична «Сахаада» хаһыакка биллэрии көрөр: «Баҕалаах дьону норуот эмтиир ньымаларын кытары билиһиннэрэбит» диэн. «Тохсунньу этэ. Ыыс-быдан тымныы. Нам училищетын саалатыгар олус элбэх киһи мустубута. Арай, аан аһыллынна. Санныгар диэри куудара баттахтаах, сырдык ыраас сэбэрэлээх, бөрө саҕынньахтаах, уһун остоох тыс этэрбэстээх киһи киирдэ: «Дорооболоруҥ!» диэтин кытта мин сонно тута оннубун булбуппун өйдөөбүтүм», -  диэн Августина Ильинична билинэр.

Алгыс аалы хоҥуннарар
Билигин учууталларын В.А.Кондаков аатынан норуот эмчиттэрин түмсүүтүгэр отучча эмчит баар эбит. Ону таһынан, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр-көстөр дьон сүбэһит, доҕор, үөрэтээччилэр быһыытынан эмиэ чилиэнинэн киирбиттэр.
Августина Яковлева бэйэтэ эмиэ эмтиир, арчылыыр, көмүскэл-харысхал алгыстарын ыытар. «Киһи олоҕун хас биирдии суолталаах түһүмэҕэ: төрөөһүнэ, дьыссаакка, оскуолаҕа барыыта, үөрэххэ киириитэ, уруу тэрийиитэ, үлэтэ-хамнаһа – барыта алгыһынан оҥоһуллуохтаах. Алгыс диэн – көмүскэл, Аар Айыылартан түһэр сырдык сарыал. Бу айылаах туора дьон кэлэр-барар үйэтигэр, биһиги дьоммут туох да көмүскэлэ суох сылдьаллар», -- диэн кини сонньуйар. Салгыы: «Арай, модельер Августина Филиппова таҥастара-саптара, оһуордара-мандардара алҕаммыт буоллуннар, уустар оҥоһуктара айыылыы алгыһы иҥэриммит буоллуннар. Төһөлөөх дьайар күүстээх буолуох этилэрий?! Духуобунас – диэн ис хоһоон, сүмэ. Духуобунас диэн итэҕэл. Ис хоһооно суох тас көстүүнэн төһө ыраатыахпытый?»

«Аар Айыы Итэҕэлэ» кинигэттэн
Былырыын сайын Владимир Кондаков үлэлэрэ түмүллэн "Аар Айыы итэҕэлэ" диэн үс илии халыҥнаах кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта.
Кинигэ, син биир атын улахан религиялар  «Кораннарын», «Библияларын» курдук аан дойду айыллыытыттан, икки атахтаах оҥоһуутуттан саҕаланар. Халлаан хаттаҕастара, үс дойду оҥоһуута, кыыла-сүөлэ, айыыта-кэрэтэ, аньыыта-харата барыта ойууланар, быһаарыллар. Кыыс оҕону, уол оҕону, ыччаты  иитии, дьахтар-эр киһи аналын быһаарыы, үрүҥү-хараҥаны араарыы… барыта киирбит. Интэриэһинэй.
Аны, атын итэҕэллэр, «хаҥас иэдэскэ сырбаттахтарына – уҥаҕын тоһуйан биэр» диэн сүбэлэриттэн улахан уратылаах. Айыы киһитэ «атаҕастыа да суохтаах, АТАҔАСТАТЫА да суохтаах».
Сорох итэҕэллэргэ бэйэ этин-сиинин соруйан эрэйдээһин баар – аскетизм. Аар Айыы итэҕэлэ бэйэҕин чэбдиктик тутуохтааххын, сөпкө аһаан, эккин-сииҥҥин эрчийиэхтээххин диир. Баай-дуол чааһыгар -- үлэҕинэн-сыраҕынан, уорбакка-талаабакка байарыҥ, уйгу-быйаҥ олохтонуохтааҕыҥ ирдэнэр. Аньыыны-хараны оҥоруу сорох итэҕэллэргэ үҥтэххэ-сүктэххэ боруостанан хаалар эбит буоллаҕына, Аар Айыы итэҕэлэ аньыы-хара хайаан да эппиэттээх буолар диэн этэр: «Бэйэҕиттэн сиппэтэҕинэ, бэдэргиттэн иэстэһиэ» диэн.

Итэҕэйээччилэр
Августина Яковлева этэринэн, итэҕэл түмсүүтүгэр ордук элбэхтик дьахталлар сылдьаллар эбит. «Ийэ курдук күн аайы кэргэнэ, оҕолоро, сиэннэрэ, чугас дьоно этэҥҥэ сылдьалларын туһугар Таҥараттан көрдөһөр ким баарый? Дьахтар буоллаҕа». Ол иһин дьахтар барахсан араҥаччылыыр-харыстыыр санаата бу түмсүүгэ сирдээн тиэртэҕэ.
 
Саха олоҕо хаһан көнүөй?
Владимир Кондаков «Дыгын саханы түмүөхтээх, Айыылартан айдарыллан ананан төрөөбүт Муос уолу өлөрөн кырыыска киирбитэ, онон Айыылар сахалартан антах хайыспыттара» диэн эппит. Саха олоҕо Улуу Айыы ойууна - Эргис (Хаҥалас) сиэри-туому тутуһан үһүстээн эргитиллэн көмүллүннэҕинэ көнүөҕэ диир.
Билиҥҥи кэммитигэр туһаайан «атын, туора омугу өстүйэн айдааран көрсүмэ» диир, ол гынан баран дойдуҥ кистэлэҥин, ымыылаах сирдэрин ыһа-тоҕо кэпсээмэ, көрдөрүмэ, аһан биэрэ охсума, эккэлээммэ, ыраахтан чуҥнаан, майгытын билэн эрэ баран ыксалаһыахха наада"  диэн сэрэтэр.
Аар Айыы итэҕэлэ төнүннэҕинэ, айылҕаны кытары дьүөрэлэһэн олоруу кэллэҕинэ -- киһи аймах быыһанар суолугар үктэниэ диэн, бу кинигэ сүрүн санаата буолар.
***
Мантан антах саха итэҕэлин интэриэһиргиир дьоҥҥо Владимир КОНДАКОВ кинигэтиттэн быһа тардыылары бэчээттиэхпит. 
Бу дьалхааннаах кэмҥэ норуоту итэҕэл эрэ быыһыаҕа, сомоҕолуоҕа, тыыннаах хааларга соҕотох суолу ыйыаҕа диэн этэр дьон элбээтилэр. Онон итэҕэлгэ төннүү тиэмэтигэр ким-туох санаалааҕын редакция почтатыгар ыытыҥ диэн көрдөһөбүт.
"Аартык.ру" ИТЭҔЭЛ рубрикатыгар хайаан да бэчээттиэхпит диэн эрэннэрэбит. 

Аартык.ру

Комментарии 

#1
Александр 11.01.2013 15:22
Аар Айыы итэ5элэ диэн Иисус Христоска итэ5эйии. Кондаков барытын Библияттан ылбыт уонна уларытан, бэйэтиттэн эбэн биэрбит. Библия5а суруллубут барыта туола турар уонна саха омугар, бары да омуктарга, саамай эппиэттиир. Сахам бар дьоно дьин чахчы Иисус Христоска баар, то5о диэтэр Кини эрэ биьиги туспутугар ёлбютэ. Ад диэн баар, аллараа дойду, онно аньыыларын Иисус иннигэр кэмсиммэтэх дьон барар. Адтан быыьаныыны Иисус эрэ биэриэ. Кондаков уюрэ5э кёрдёххё киьиэхэ ютюёню ба5арар курдугун эрээри, дьиннээх юёрююню, дьолк, оло5у биэрбэт. Библэккэ эрэ Библия тылларын сыыьа биттээбэккитигэ р кёрдёьюём этэ.
#2
Александр 11.01.2013 15:27
Ити юёрэ5инэн киьи барыта адка барар эбит. Оттон Иисуска кэлбит киьи аньыытыттан босхолонор, то5о диэтэр Иисус дьон оннугар номнуо эрэйдэнэн-мунна нан турар. То5о "Аартык" Иисус туьунан тугу да суруйбат?! Конституциянан "Свобода вероисповедания " диэн баар дии, все религии равны диэн. Христианство туьунан суруйарга "слабо" дуо?

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru