Кулун тутарга САХА итэҕэлигэр аналлаах конференция тэриллэр
Вторник, 07 Февраля 2017 11:34
Иннокентий ФАДЕЕВ - Утуман Таман идэтинэн геолог, сир баайын булсубут, хостоспут киһи. Кини этэринэн учуонайдар билиҥҥэ диэри гаас уонна ньиэп сир анныгар туохтан үөскээбиттэрин, тугун-ханныгын билбэттэр эбит.
"Икки атахтаах Сир Ийэттэн тиһэх хааппыла ньиэби ыган ыллаҕына биирдэ өйдүөҕэ бу тугун", - диэн кини этэр.
Утуман Таман саха итэҕэлин геолог киһи хараҕынан быһааран кинигэ суруйан таһааран дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕата сылдьар. Кинигэ аата - "Үрүҥ Аар Айыы Таҥара Итэҕэлэ". Ааптар саха итэҕэлин бары көрүүлэрин бииргэ түмэргэ холоммут. Түҥ былыргы киһи аймах цивилизациятын кистэлэҥин саха итэҕэлин нөҥүө быһаарбыт.
"Айыы итэҕэлэ, Аар Айыы үөрэҕэ, Айыы үөрэҕэ - саха төрүт итэҕэлин хайдах ааттыыртан ис дьиҥэ, суолтата уларыйбат. Саха итэҕэлэ - киһи аймах итэҕэллэрин хара бастааҥҥы билиитэ-көрүүтэ, өйө-санаата түмүллүбүт итэҕэлэ", - диэн кини этэр.
Ааптар саха итэҕэлин Айыыларын - планеталар уонна олор арыалдьыттара диэн быһаарар. Эдьээн Иэйиэхсит - Венера, Айыы Хаан - Марс, спутниктара Илбис Кыыһа (Фобос), Оһол Уола (Деймос), Арҕаһыгар тэһииннээх - Ый, Күрүө Дьөһөгөй - Сир, Юпитер - Улуу Тойон, Адаҕалаах Улуу Суорун - Сатурн, Ураанай (Тойон Куохтуйа) - Уран, Аан Дьааһын - Нептун о д.а.
Кини этэринэн, саха итэҕэлэ - Киҥкиниир Киэҥ Куйаар үөрэҕэ. Күн систематын эттиктэрэ киһи олоҕор дьайыыларын хабан көрдөрөр улуу итэҕэл диир. Оттон атын итэҕэллэр Киһини Таҥара оҥостоллор, сахалар - Айылҕаны, Куйаар ситимин барытын хабар итэҕэллээхтэр диэн этэр. "Билиҥҥи официальнай наука, төһө да элбэх чахчылар көстө-биллэ, булулла туралларын үрдүнэн орто үйэтинээҕи көрүүтүн уларыта илик".
Утуман Таман кинигэтин билсиһиннэрэригэр "Аартык.ру" сылдьан, кэпсэтиини иһиттэ, сэҥээрдэ. Хас да ыйытыыны биэрдэ:
- 90-с сылларга саха итэҕэлин конференциялара ыытыллар этилэр. Улахан мөккүөрдээхтик ааһаллара.
- Итэҕэли ыллыҥ да "маннык буолар" диэн саба харбаан этэр кыаллыбат. Мөккүһүү син биир баар буолуохтаах, онто суох сатаммат, туох да оҥоһуллубат. Мөккүһүүттэн дьиҥ тахсар, ыарыылаахтык, илиһиннэриилээхтик төрөөн тахсар. 90-с сылларга саха итэҕэлигэр - Уһуктуу кэмэ этэ, билигин - Арыллыы түһүмэҕэ кэллэ.
Инньэ гынан, кэпсэтии түмүгэр мустубут дьон биһирэбилинэн, бу дьыл кулун тутарыгар, Дьокуускайга Саха итэҕэлигэр аналлаах конференция тэрийиэххэ диэн сүбэ ылылынна. Итэҕэли сөргүтээччилэр, ырытааччылар киэҥ түһүлгэҕэ көрсүбэтэхтэрэ быданнаата. Бириэмэ баран иһэр. Аан дойду глобализациятын процеһыгар саха итэҕэллээх эрэ буоллаҕына күн анныгар бэйэтин миэстэтин булуо, тыыннаах ордуо, киһи буолуо, ону таһынан киһи аймах бүттүүн сайдыытыгар кылаатын киллэриэ диэн элбэх киһи биир санаалаах.
Кулун тутары кэтэһэбит. Элбэх дьон мустуо, бэйэтин санаатын, көрүүтүн этиэ-тыыныа, уопсай түмүккэ хардыы оҥоһуллуо диэн эрэнэбит. Бастакы конференциялар кэннилэриттэн элбэх үлэ суруллубута, бэчээттэммитэ, испиктээкил туруоруллубута, холуста уруһуйдаммыта, киинэ уһуллубута, кэпсэтии тэнийбитэ. Тэрис, Владимир Кондаков, Айыҥа, Уххан, Тумус Мэхээлэ, Бааһынай Баһылай, Розалия Бравина, Афанасий Николаев, Андрей Борисов, Тимофей Степанов, Галина Попова-Санаайа, Ульяна Винокурова, Егор Жирков онтон да атын идэлээх дьон Саха итэҕэлин үйэлэргэ харайбыт билиитин-көрүүтүн хас да өттүттэн ырытан норуоттарыгар таһаарбыттара.
Арыллыы түһүмэҕэ эмиэ улахан, киэҥ хамсааһыны таһаарыаҕа дии саныыбыт.
***
Aartyk.Ru
Комментарии
Конференциянан эрэ мунурданан хаалбат курдук хамсатыылаах быһаарыылары ылынан дьыалаҕа киллэрэр сорук турар. Ол өттүн үчүгэйдик толкуйдауурбут буоллар -- сыал-сорук ситиһиллиэ этэ.