Аар Саарын: Дьон саҥата, санаата туолар кэмэ кэлэн турар
Понедельник, 02 Января 2017 17:04
Үгэс курдук саҥа сыл үүнүүтэ дьон үтүө кэм кэллэр диэн баҕатыйар.
Айылҕаттан ичээн дьон хараҕынан 2017 сыл хайдах буолуой?
Аар Саарын:
Сахсыырдаах, уларыйыылаах-тэлэрийиилээх, түһүүлээх-тахсыылаах сыл кэллэ. 2017 сылга икки атахтаах сыһыаныгар эрэ буолбакка, айылҕа көстүүтүтүгэр, туругар эмиэ уларыйыы тахсыаҕа. Ол төһө хабааннанара, содулланара биһигиттэн бэйэбититтэн тутулуктаах. Билигин чараас эйгэ сир дьонун олоҕор дьайар күүһэ улаатан турар. Саныыр санаа, этиллибит тыл туолар дьикти кэмэ кэллэ. Наар туохтан эрэ куттана, дьааххана сырыттахха – ол көрбүтүнэн тиийэн кэлэр.
Санаа күүһэ – улаханы быһаарар. Төһөнөн элбэх киһи үтүөнү ыраланар, эйэҕэ талаһар, иирсээни бопсор өйдөөх-санаалаах буоллаҕына – олохпут да сол курдук үтүө диэки салаллан барыаҕа. Дьон санаата сааһыланыан, тылын-өһүн кыатана туттуон наада.
2017 сылга терроризм курдук ыар көстүү син биир баар буолуо эрээри улахан иирсээҥҥэ, сэриигэ тиэрдиэ суоҕа.
Саха сиригэр сыһыаннаан эттэххэ, улахан киһи дьулайара тахсыа суоҕа. Барыта уу-нуурал буолбатар даҕаны, эриэ-дэхси ханна барыай – кыра уларыйыылар син биир тахсыахтара.
Сүбэм-соргум диэн – үчүгэйи ыраланыахха наада. Сарсыҥҥы күн үтүөнү аҕаларыгар бүк итэҕэйиэххэ, эрэниэххэ наада. Туох эмэ ыарахаҥҥа түбэстэххитинэ даҕаны, үчүгэйдик түмүктэниэ диэн бигэ эрэллээх, бөҕө санаалаах буолуҥ. Син биир эргийэн-эргийэн киһи санаатын иһинэн тахсан кэлиэҕэ.
***
Aartyk.Ru
Комментарии