Үөһэттэн этиттэриинэн суруллубут кинигэ
Среда, 25 Мая 2016 23:23
“Билиҥҥи кэм прозата” “Бичик” кинигэ кыһата таһаарар сериятыгар 2013 сыллаахха Айталина Никифорова “Эргиллиэм мохсоҕол буолан” диэн сэһэнин кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта.
Сэһэн биир саха ыалын олоҕун арыйар. Сэбиэскэй кэмҥэ син атын оҕолортон уратыта суох, арай, тоҥкуруун майгылаах, наар үтүүгэ-үтүрүллүүгэ сылдьыбыт уол кэлин атаҕар туран, үлэһит буолар. Олоҕун суолун бэйэтэ тобулар. Ол эрээри, ханнык эрэ көстүбэт күүс кинини сирдиир курдук түгэннэрдээх. Оччотооҕу кэмҥэ олорон ааспыт көлүөнэ дьон бэйэлэрин оскуолатааҕы саастарын санаан, Трофим Барахсаанабы кытта тэҥҥэ улаатан, борбуйдарын көтөҕүөхтэрэ, атаҕастаныы аһыы амтанын амсайыахтара, онтон эмискэ сүрүн герой олоҕор урут кимиэхэ да кэпсээбэккэ, дьиэ кэргэн кистэлэҥэ буолбут чачхылары биир-биир арыйыахтара... Барахсаанаптар эһээлэрэ бэйэтин кэмин дэгиттэр өйдөөх-санаалах киһитин олуона суохха буруйдаан, киһи аатыттан таһаара сатаабыттарын билиэххит, ыччатын суорума суоллуур соруктара тоҕо туолбатаҕын арыйыаххыт.
“Кинигэ тиэмэтин сонуна, мин санаабар, элбэх киһи өйүттэн-санаатыттан сууралла, сүтэ-иҥэ илик түгэннэр, быһыы-майгы, өй-санаа, тыл-өс сырдатыллыбытыгар буолар. Ааҕааччы хараҕар көстөн, кулгааҕар иһиллэн, сыта-сымара муннугар биллэн кэлэрин курдук суруллубут түһүмэхтэр элбэхтэр. Ол иһин киһи сонурҕаан ааҕар. Сэһэҥҥэ үс көлүөнэ олоҕо сырдатыллар. Көлүөнэ аайы хас да киһи дылҕата арыллар. Тэниттэххэ роман да суруллуон сөп оҥоробун. Оттон айымньы бу киэбин мин киинэҕэ аналлаах сэһэн (киноповесть) диэх этим. Ааһа баран, бэлэм киинэ сценарийыгар чугас. Сонун жанр. Билиҥҥи ааҕааччы ирдэбилигэр толору сөп түбэһэр”, - диэн санаатын үллэстэр Виктор Михайлов, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ профессора.
- Мин сүүрбэттэн тахса сыл “Эдэр коммунист” (“Сахаада”), “Саха сирэ” хаһыаттарга үлэлээбитим. Суруналыыс буоларым быһыытынан, элбэхтик улуустарынан сылдьан, араас дьону кытта алтыһыым, олохторун билсиим, иэйиилэрин бэйэбинэн аһардыбыт түгэннэрим суруйарбар төһүү күүһүнэн буолар. Бу сэһэн суруллуохтаах аналлаах курдуга, туох да омуна суох, хайдах баарынан эттэхпинэ, ким эрэ үөһэттэн этиттэрэрин курдук бу дьон дьылҕата суруллубута. Өйбөр сюжеттар, дьоннор алтыһыылара, чахчылар хото субуллан испиттэрэ. Ону ситэн, суруйан эрэ иһэр курдук буолтум. Туһугар олус дьикти этэ. Дьиҥэр, бу сэһэн олохтон ылыллыбыт чахчы, - диир ааптар.
Айталина Никифорова-Шадрина суруналыыстыка эйгэтигэр 1989 сыллаахтан үлэлиир. “Эргиллиэм мохсоҕол буолан” диэн кинигэ кини бэһис кинигэтэ. Туспа суоллаах-иистээх, олоххо көрүүлээх прозаик, кырдьыксыт суруналыыс, литература эйгэтигэр суруйуутугар бэйэтин туспа буочарын ыһыктыбат. ”Тыыннаах ситим”, “Дьолго баҕаран...”, “Сырдык курус”, “Үтүө киһи аата умнуллубат” кинигэлэрэ ааҕааччы сэҥээриитин ылбыттара.
“Эргиллиэм мохсоҕол буолан” кинигэ “Бичик” кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар атыыга баар. Киһини толкуйдатар, сорох ардыгар мөккүөрү да тардар түгэннэрдээх кинигэ ыал, оскуола библиотекатын хаҥатар аналлаах.
***
“Бичик” НКК редакцията.
Комментарии