Аныгы эр киһи аҕыс мэтириэтэ
Четверг, 05 Июня 2014 14:39
Хас эмэ сыл көрсүбэтэх дьүөгэлэр биирдэ “девичниктаатыбыт”. Тыл этээһин, баҕа санааны үллэстэр кэм кэлбитигэр биир кэргэнэ суох дьүөгэбит туран: “Эр дьоҥҥутун харыстааҥ!” - диэн этэн соһутта. Онуоха: “Бастаан бэйэҥ олорон көр, онтон ханнык тылы этэргин көрүөхпүт”, - диэн буолла.
Хайдах эбитэ буолла, урукку кэмҥэ олорботох буолан билбэппин: эр дьон куруук “маннык” этилэр дуу, эбэтэр билигин эрэ “дүө-даа, уһуну-киэҥи толкуйдаабат, сүрэҕэ суох дьыбаан киэргэллэрэ” буолбуттара эбитэ дуу? Дьүөгэлэрим кэпсээннэриттэн сылыктаатахха, билигин ханна даҕаны дьиэ кэргэни дьахтар көрөн-иитэн, аһатан-таҥыннаран олорор. Эр дьон оҕо иитиитигэр буоллун, күннээҕи аһынан-үөлүнэн, дьиэнэн-уотунан хааччыйыыга да буоллун - кыттыгастара кыра. Дьэ “оннук” дьон тоҕо эмиэ харыстабылга барыахтаахтарый?!
***
Мантан аллараа дьүөгэлэрим кэпсээннэрин билиһиннэрэбин.
Бастакы дьүөгэ:
- Аҕабын санаатахпына урут да, билигин да хайдах да таах өһүө маһын ааҕа сыппытын хаһан да өйдөөбөппүн. Булгуччу тугу эмэ дьарыктана, үлэлии сылдьара эрэ харахпар көстөр. Сарсыарда туран чэйдии олорон ийэбин кытары үүммүт күн хайдах барыахтааҕын былаанныыллара. Онно дьиэлээх киһи: оҕолуун-уруулуун, кырдьаҕастыын-эмэнниин бары бүгүн тугу дьарыктаныахтаахтарын этэллэрэ, онтон уопсай сүбэнэн былаан ситэриллэн-хоторуллан бэриллэрэ. Итинник күнтэн күн, үлэ-үөрэх барыта аттарыллан иһэрэ.
Билигин бэйэм дьиэ кэргэммэр соннук “былааннаах” олох суох. Хайдах эрэ барыта быһыта-орута, соһуччу барар курдук. Ол миигин сороҕор улаханнык баттыыр. Эмиэ да кэргэннээх курдукпун эрээри, кэлэр-барар үлэлээх буолан аҕабытын дэҥҥэ көрөбүт: сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо буолан хаалла. Аны үлэлээбэтэҕинэ эмиэ сатаммат курдук. Эр киһи үлэтэ суох буоллаҕына арыгылыыра бэттэх буолуо дуо?! Онон аралдьыйдын, тугу эмэ дьарыктаннын диэн дьыала саҕалыырыгар сүүрэн-көтөн көмөлөспүтүм. Аны ол дьыалабыт хаһан да атаҕар турбат, бэйэтэ бэйэтин эрэ ииттинэр дьыала буолан биэрдэ. Биир иэһи саптахха, атына күөрэйэн тахсар. Инньэ гынан дьиэ кэргэн бюджетигэр аҕыйах солкуобай кылыгыр гына түһэр дуу, суох дуу. Онон туох баар дьиэ ис-тас үлэтэ, оҕо-уруу кыһалҕата, булуу-талыы соҕотох мин эрэ санныбар иилистэн хаалла. Сылайабын, сороҕор санаам мунньуллан кэлэр да хайыахпыный. Оҕолорбун иитиэхпин, үөрэттэриэхпин, аймахтарбын көрөттүөхпүн наада буоллаҕа. Мин ыһыгыннахпына ыал устун барабыт.
Иккис дьүөгэ:
- Урут эр дьон кыыһы сүктэллэрэ, билигин төттөрү буолла. Уол кыыска тахсар. Мин кэргэним биһиги ыалга киирэригэр турар бэйэтэ эрэ кэлбитэ. Хайдах сайыҥҥы таҥастаах киирбитэ да, сол курдук хаалбыта. Туох баар кыһыҥҥы таҥаһын-сабын барытын бэйэм булан таҥыннарбытым. Бэлэм толору хааччыллыылаах дьиэҕэ-уокка киирдэ уонна бүттэ. Киэһэ үлэтиттэн кэлэр - аһыыр, уонна телевизор көрөр. Ыал буолбуппут бэһис сылыгар барда. “Даачата ыллаххына үлэлиэм этэ, манна тугу оҥоттороору гынаҕын?!” – диэн буолар. Биирдэ хартыына ыйаары тоһоҕо саайа сатаата: таас истиэнэни үүттүүрүгэр дрель ылан биэрдим. Онтон тоһоҕотун ыллым, өтүйэтин буллум. Аны балкону муосталаа диэбиппэр: хаптаһын наада, инструмент наада... айа, ол кэриэтин дьону наймылаһан үлэлэппитим ыыра барыыс буолбатах дуо?! Хамнаһа быыкаай, онтун да ситэ биэрбэттэр.
Үһүс дьүөгэ:
- Мин киһим эмиэ турар бэйэтэ киирбитэ. Хамнаһын дуомун арыгытыгар барыыр, нэһиилэ охсуһан-этиһэн квартплата төлөттөрөбүн, уонна биирдэ эмэ уоптабайдыыбыт. Сороҕор саныыбын ээ, ханна эмэ дьахтар булан көһөн баран хаалара буоллар диэн. Ону итинник илдьириискэйи ким ылыаҕай! Аны истэҕинэ айдаана-куйдаана, этиһиитэ-үөхсүүтэ... Буорахтаах буочука үрдүгэр олоробут. Дьахтар курдук этиһиигэ биэс. Сыбыс-сымыйанан дьыбааҥҥа тиэрэ түһэ сытан киһини барытын үөрэтэр, кини аҕай буолар. Киһи тугу эмэ оҥороору гыннаҕына атахтаһан, түөрэйдэһэн баҕабын ханнаран иһэр этэ, урут. Бастаан, мин кинини эр киһи билэрэ буолуо диэн истэр, итэҕэйэр этим. Тоҕо диэтэххэ, төрөөбүт дьиэ кэргэммэр аҕабыт түс-бас киһи этэ буоллаҕа. Онтон кэлин этим үөрэнэн диэбиккэ дылы, эрим лахсыырын истэ да сатаабаппын. Тугу санаатым да бэйэм оҥоро сатыыбын. Сороҕор табыллар, сороҕор табыллыбат.
Төрдүс дьүөгэ:
- Элбэх оҕолоох соҕотох ийэ курдукпун. Онтон саамай кырам – эрим. Ханна эрэ үөһэ дайа сылдьар киһи. Сатахха үлэтэ эмиэ соннук – виртуальнай эйгэ. Кини миэхэ оҥорбут өҥөтө диэн – оҕолоро уонна бүттэ. Элбэх харчыны кыайан уйбат. Төһөлөөх үчүгэй хамнастаах үлэҕэ киллэрдим ини, киллэрбэтим ини – хамнас ылла да сүтэн хаалар. Ханнык тэрилтэ салайааччыта сотору-сотору “куйаарга тахсар” киһини тулуйуой, барытыттан үүрүлүннэ. Ол иһин билигин кыра харчыга биллэриинэн цифровой техниканы таҥааччы, өрүмүөннээччи буола сылдьар. Олоххо букатын сыһыана суох. Муммут оҕо курдук. Кыра сааһыгар дьоно арахсыбыттар, кинини аҕата ылбыт эрээри ийэтигэр ииттэрбит. Эбэтэ өлбутун кэннэ тулаайах оҕо курдук мунан хаалбыт. Ийэтэ да ылбатах, аҕата да көрбөтөх. Бэйэтэ бэйэтигэр муна сылдьарын булан ылан ииттэбин.
Бэһис дьүөгэ:
- Таһаҕас таһааччы, булааччы-талааччы – мин. Мин салайыыта суох, этиитэ суох – тугу да гыммат! Барытын сырса сылдьан ыйан-кэрдэн биэриэххэ наада, оччоҕо эрэ хамсанар. Үтүөмсүгэ диэн, ханна саҥа саа, мал-сал, таҥас таҕыста – киниэхэ баар буолуохтаах. Бу айылаах үлэлиирим тухары биир киһилии саҥыйах кэппит аньыым суох. Хас да күнү быһа айаннаан, таһаҕас бөҕө сыһан-соһон кэлбитиҥ кэннэ – чэй да өрөн уурбат! Кухня тобус-толору кирдээх иһит, сыыҥ-сыраан аччык оҕо, кирдээх таҥас. Өссө эбитин күнүүлээбитэ буолан силбиэтэнэн көрсөр! Араастаан ааттаһа-көрдөһө сатаан баран, биирдэ улаханнык кыыһырдым уонна ылан үүрэн кэбистим. Онтон бэттэх дьиэтин хомуйар, иһитин сууйар, ас астыыр, оҕо көрөр буолан абырыы сылдьар. Дьүрү күнүүлээбэт да буолбут. Хара маҥнайгыттан кытаанахтык туппаккабын...
Алтыс дьүөгэ:
- Бастаан ыал буолан олорорбутугар дьиэтигэр-уотугар олус кыһаллар, тугу эмэ наар оҥоро, бэрийэ сылдьара. Онтон үлэтигэр улаханнык эчэйэн инбэлиит буолбута. Онон балыыһаттан ордубат. Быстах кэмҥэ үлэлии сылдьан травмаламмыт буолан туох да компенсация көрүллүбэтэҕэ, инбэлиитин пенсийэтэ быыкаай. Билигин баҕа санаам диэн - оҕолорбун атахтарыгар туруорбут эрэ киһи. Кэлин улаатан, үлэһит дьон буоллахтарына иитэр инилэр.
Сэттис дьүөгэ:
- Мин бэйэм тыл киллэрэн кэргэн тахсыбытым. Барытыгар “ээх” хоту сылдьар. Ким ханна кучуйар да, сонно соһулла сылдьар. Нууччалары кытары үлэлиир буолан, урут-уруккуттан хас бээтинсэ аайы дьиэтигэр нэһиилэ уйуттан киирэр. Киирдэ - хоһугар ааста оҕунна - утуйда. Бачча сыл тухары олордубут да, биирдэ да, саҥа таһааран этиһэн көрө иликпит. Наар бүтэйдии саҥата суох моруу. Хаһан да, кимиэхэ да күнүүлээбэт. Хаһан да, кими да мөхпөт, мөҕүттүбэт.
Хом санаабын таһаарбакка барытын испэр тута сылдьарым кэлин ыарыы буолан иһэр быһыылаах. Иһэн баран айдаарарынан айдаарбат. Ол гынан баран нэдиэлэ аайы тыыннаах “өлүгү” көр эрэ, онтон икки өрөбүл күҥҥэ ынчыктыы, өлөттөрө сытар киһини! Ынырык ньиэрбэ... Сүүрбэччэ сыл тухары барыта биир хартыына хатылан да, хатылан... Ханна да бииргэ сылдьыбаппыт, сынньаммаппыт – тоҕо диэтэххэ, бырааһынньыктар барыта өрөбүлгэ буолаллар. Оттон өрөбүлгэ биһиги дьиэбитигэр тыыннаах “өлүк” сытар.
Ахсыс дьүөгэ:
- Бастаан күүлэйдиирин олох итэҕэйбэт этим. Дьон соруйан ымсыыран араас сураҕы тарҕаталлар диирим. Онтон бэйэм илэ харахпынан көрөн баран... Ол кэнниттэн кэлэйэн хаалбыппын... Билигин тугу да гыннын, ханна да сырыттын – миигин эрэ бааспатын, ыарыы эрэ аҕалбатын диэн принциптээх олоробун. Биллэн турар, үлэтигэр барар таҥаһын бэрийэбин, көрөбүн-истэбин, аһын астаан аһатабын – босхо кухарка, эстэрээпэ оруолун баҕас толоробун. Ол наада, бу наада диэн эттэххэ, син ону-маны толорор. Ханна сытарын ыйан биэрдэххэ аҕалар. Үксүн төлөбүрэ, кэпсэтиитэ миэнэ буолааччы. Командировката элбэх. Бардаҕына наһаа сынньанабын. Харчытын үксүн куһугар-хааһыгар, саатыгар-массыынатыгар, гарааһыгар уонна онтон көссүүлэригэр тэбиир быһыылаах. Улаханнык харчыта аҕал диэн олуйа сатаабаппын, бэйэм уонна биир оҕом кыһалҕатын бэйэм быһаарар кыахтаахпын. Кэргэннээх диэн статус туһугар олоробун дуу, эбэтэр хайдах дуу...
***
Хаһан эрэ телевизорга “эр киһи оруола” диэн темаҕа ток-шоу буолбута. Онно талбыт курдук уонча эр киһи биэриигэ кытта олороллоро. “Аныгы олоххо эр киһи суолтата түспэтэ, эр киһи - бас-көс, түс-бас!” – диэн айахтара кытаран олорорун көрөн баран “айыбыын, маннык бэйэлээхтэр ханна бүгэ сыттахтарай”, - диэх санаа киирбитэ. Баҕар, оттон бааллара буолуо. Дьиҥнээхтик. Ол иһин да “мин” дэнэн биэриигэ кэлэн кытыннахтара. Дьыбаан киэргэлэ итинник биэриини көрөрө да саарбах, баран кыттара да саарбах. Ол оннугар түргэнник моҥнуо.
Биир өттүнэн, эр киһи суон дурда, халыҥ хахха буолуохтаах, булааччы-талааччы буолуохтаах диэн ирдэбили ким толкуйдаабыта эбитэ буолла? Кини да киһи, араас буолар эбээт. Холобур, чэ эрбититтэн “дурда-хахха” буолуохтааххын диэн ирдиибит. Оттон биһиги уолаттарбытыттан биир эмэ туора кыыс кэлэн итинник туруорсан бардаҕына, маамалар олус сөбүлээбэппит буолуо ээ. Бэйэбит уолаттарбыт бэйэбит иитиибитинэн эмиэ тарыкынай соҕустар эбээт: маама быһаарыа, маама кэпсэтиэ, маама барытын булуо-талыа... Оччотугар эргийэ сылдьар ии буолан тахсар.
Онон, бу олоххо ким да, кимтэн да эрдэ олохтоммут стереотибынан тугу да ирдиэ суохтааҕа буолуо. Туһанар (потребительскай) ирдэбил эр киһиэхэ да, дьахтарга да туруо суохтаах. “Дьахтар булгуччу дьиэҕэ олоруохтаах” диэн ирдэбили аныгы дьахтар тутуспатын курдук, эр киһи “булааччы-талааччы” буолара эмиэ наадата суоҕа буолаарай? Ордук куорат сиргэ?
***
Ольга ВАСИЛЬЕВА.
Комментарии
эрэллэр. Улэлээбитэ - хамсаабыта буолаллар,Саха Эр киhитин оро туппатар, омук эр дьонугар бэт буолан хааллаллар ...
something which I think I would never understand. It
seems too complicated and extremely broad for me.
I'm looking forward for your next post, I'll try to
get the hang of it!
My web page: Сialis: http://costofcial.com