Уу чугаһа, уруу ырааҕа үчүгэй
Вторник, 18 Февраля 2014 16:19
Үгүс дьон оҕолорун кыахтаах, баай-талым ыалга кийиит, күтүөт оҥоруохтарын баҕараллар. Төрөппүт оҕотугар үтүөнү баҕарара кэмэ суох буоллаҕа. Ол гынан баран, халыҥ аймахтар, ордугургаһар уруулар эдэрдэр олохторугар аһара орооһон, эдэр дьон истиҥ иэйиилэрин ыһан кэбиһэллэрэ баар суол.
Хаһан эрэ биир урууга сылдьан турардаахпыт. Дьикти уруу этэ. Биир өттүттэн кыахтаах ыал мааны, атаах, соҕотох кыыһа, иккис өттүттэн - орто соҕус баайыылаах ыал орто уола. Туораттан көрдөххө, сыбаайга эдэрдэр тустарыгар үөрүү, дьол буолбакка - уруулар күөнтэһиилэрин курдук майгыннаахтык ааспыта. Биирдэрэ бэрдин көрдөрөр, иккистэрэ "наһаа бардымсыйымаҥ биһиги да итэҕэспит суох, биһиги да оҕобут саары чаккылаах" диэбит курдук куоталаһыы барбыта. Инньэ гынан, сыбаайбабыт истиҥэ суох, аймахтыылар бэрт былдьаһыыларын ортотугар ааспыта, тиһэҕэр ыалдьыттар бары хом санаалаах тарҕаспыттара.
"Уоллаах кыыс туспа олорор кыахтара суох" диэн быһааран кыыс дьоно эдэр ыалы бэйэлэригэр олордубуттара. Төрөппүттэр күтүөт "бэйэ эргимтэтин" киһитэ буолбатаҕын, күн тура-тура кыыстарын хараҕын олус ньуолбардык "аһаллар". Ким да күтүөтү аһаҕастык сирэй-харах анньыбаттар эрээри, үөһээ тыыныы, "оо дьэ", "кэм буолуо" эҥин диэбит курдук саҥа аллайыылар бараллар. Аймахтара кэлэ-кэлэ баайдарын-дуолларын кэпсэнэ-кэпсэнэ "оттон эһиэнэ хайдаҕый?" - диэн уолтан сураһаллар. "Онно сырыттыбыт, манна сырыттыбыт, эһиги хаһан сылдьыбыккытый?" - диэн "алҕас" ыйыталаһаллар.
Уоллаах кыыс сотору-сотору кыраттан даҕаны этиһэр буолан бараллар. Онтон уол дьиэтигэр хоммокко уопсайга доҕотторугар хонуктуура элбиир, "санаата оонньоон" аһыы утаҕынан кытары үлүһүйэр буолар.
Хас да сыл бу курдук олоро сатаан баран доҕотторбут арахсыбыттара.
Уол иһэн-аһаан бүдүрүйэ сыһан баран икки оҕолоох дьахтары кэргэн ылан билигин син этэҥҥэ олорор курдук. Оттон кыыс иккитэ ыал буола сатаабыта да эмиэ хайдах эрэ сатаммакка икки саар икки ардынан сылдьан баран бэйэтиттэн быдан аҕа саастаах аҕатын үлэһитигэр тахсыбыта. Оҕоломмуттара.
Бииргэ устудьуоннаабыт уолаттарбыт кэпсииллэринэн ол уол (билигин эр киһи буоллаҕа) билигин да бастакы кэргэнин ахтан-санаан ааһар эбит, төрөппүттэригэр, аймахтарыгар мөҕүттэр эбит. Оттон ол кыыс эмиэ хам-хаадьаа бастакы тапталын кытары көрсүөн баҕарарын дьүөгэлэригэр кэпсиир.
Былыргылар ол иһин этэн эрдэхтэрэ "уу чугаһа, уруу ырааҕа үчүгэй" диэн.
***
Марианна ФЕДОРОВА,
редакция почтатыттан.
Комментарии