Ангелина Васильева-Дайыына «Сүрэх кистэлэҥэ» диэн кэпсээннэрин хомуурунньугар таптал таабырына, уоллаас кыыс сыһыаннара, олох очуругар бүдүрүйэн да баран көнүү, өй уонна сүрэх мөккүөрэ, олох олоруу, киһи аналын толоруу туһугар дьулуһуу айымньыны дириҥ ис хоһооннуур, ааҕааччыны долгутар уонна толкуйдатар.
Талааннаах прозаик Айталина Никифорова «Эргиллиэм мохсоҕол буолан» диэн кинигэтигэр репрессия сиэртибэтин оҕолорун ыар дьылҕата, атаҕастабыл аһыы амтана, сирэй көрбөх буолуу, олох ханнык да батталыгар бэриммэт улахан таптал, кырдьык өрөгөйө, удьуор тыыннаах утума сытыытык кэпсэнэр.
Маны таһынан, хас биирдии киһи олоҕор дьолу көрдүүр, ол эрээри, дьол туһунан өйдөбүлэ тус-туһунан. Ким эрэ дьолум диэн сыыһа үктэнэн, албыны кууһар. Ким эрэ дьиҥ аналын булан дьоллонор. Бу ыйытыыларга хоруйу кинигэҕэ киирбит кэпсээннэр биэрэллэр.
«Кэрэхсэбиллээх кэпсээннэр» сериянан «Барыта эн эбээт, олох…» кинигэҕэ араас көлүөнэ саха суруйааччыларын айымньылара киирдилэр. Кинилэр олох очурдарын тулуйар, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһар дьон олохторун, тапталларын, хорсун быһыыларын, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын, суобас мөккүөрүн туһунан итэҕэтиилээхтик, ааҕааччы уйулҕатын таарыйар гына суруйаллар. Манна аһыы астан огдолуйуу, таҥнарыы, атаҕастабыл курдук олохпутугар баар көстүү эмиэ сырдатыллан ааһар.
Айсана «Аанньаллар» кэпсээннэрин кинигэтигэр аныгы олоххо кэргэнниилэр сыһыаннара, күннээҕи олох үөрүүтэ-хомойуута, аһыы утахха убаммыт эрдээх дьахтар ардаҕы кытта тэҥҥэ кутуллар хараҕын уута, төрүүр дьиэҕэ киирэн, анараа дойдуга аҥаар атаҕынан үктэнэн, аанньаллар көмөлөрүнэн киһи буолбут ийэ олоҕо ойууланар.
Үгүс ааҕааччы кутун туппут автордар: Огдо «Буолар да эбит», Степан Марков «Ийээ, бырастыы гын…», Галина Нельбисова «Эн уонна мин. Эн кэргэниҥ…», Намылы «Дьахтар абылыыр айылгыта», Леди Муус «Ахтылҕан», Николай Габышев «Анфиса»айымньылара уонна И. Гурьев хомуйан оҥорбут «Таптала суох – олох суох» кинигэтэ таптаһар сүрэхтэри уруйдуур кэрэ-бэлиэ бырааһынньыкка сэмэй бэлэх буолуо.
***
***
Марианна ТЫРТЫКОВА.