Долгута тохтор соҕотох мелодия

Среда, 05 Июня 2013 19:47
Оцените материал
(1 Голосовать)
Ким да кимиэнэ да буолбатах. Бу сиргэ киһи бэйэтин туһугар мөхсөөрү, бэйэтинэн туохха эрэ толук буолаары кэлэр. Эн тула куттал аан дойдуттан хаххаланаары дуу, кимиэхэ эрэ сигэнэ сатаабытыҥ иһин, эн син биир соҕотоххун. Эрэнэриҥ эрэ эт бэйэҥ.
Харах харахха, сүрэх сүрэххэ талаһыыта биир быстах түгэнтэн саҕаламмыта. Күүппэтэх киһим эмискэ киирэн кэлбитэ. Киирэригэр миигин эрэ көрүөм дии санаабатах буолуохтааҕа. Билиһиннэрбиттэрэ. Онтон салгыы биллэр соҕус сценарийынан барбыта. Ону иккиэн да утарыласпатахпыт, баһа суох дьоннор курдук быһа бас бэриммиппит.
Ким эрэ уот анньан кэбиспитинии эмискэ саҕаламмыт түргэн буолан соһуппута. £рүһүспүттүү, тыын былдьаспыттыы, бүтэһиктээхтик курдук. Ол тугун-ханныгын быһаарар өй кэлииһи дуо, барыны умнубут, барыттан арыыламмыт дьоҥҥо. ¥лэ эрэ, атын олох эрэ – бэйэ-бэйэбититтэн ордубаппыт, көннөрү олохтон көҥөнөбүт. Оттон ол кэмҥэ өй дуома холбонон ылбыта буоллар, кини биһикки сирдээх халлаан курдук уратылаһарбытын арыйыам этэ дуу. Хайдах да эргит, ханан да маарыннаһар, бииргэлэһэр, сөп түбэһэр өрүт диэн суох. Олохпут суола букатын атын-атын хайысханы тутуһар. Ол ыккардыгар мэник санаабытыгар орох тэбэн эрдэхпит. Ыырбыт даҕаны ыкса чугасаһар сибикитэ суох. Харах симсэ оонньуубут, хаалары баран саҕалыыбыт.
Ол да буоллар, кини саҕа күндү киһи суоҕун курдук биир чаас кинитэ суох сатаммат үлүгэрэ. Кини да кэбис диэбэт эрээри, миигиннээҕэр арыый да бэйэтин туттунар. Мин умайыктанарбыттан өссө саллар курдук. Сэрэх муҥутаан. Уотунан оонньонуллубат, тыалынан саба үрүллүбэт. £ссө эбии күөдьүйүө турдаҕа…
Таһаа таһааҕа талаһыыта, талбытынан таалалыыра, таптыы-тамайа сатыыра – биир биллэр сценарий. Биһиэнэ кылгас кээмэйдээх киинэлэргэ киирсэ сыһара дуу? Бүтүн индийскэй киинэни кыайан толорботохпут быһыылааҕа. Ыллыы-туойа, онон-манан уһата барбакка, биһиги быһа-бааччы тиийтэлээтэхпит. Түгэхтээх таптал дириҥин биллэхпит.
Ол оннугар биһиэнэ откровеннай сцената уһун-киэҥ буолан иэйии итэҕэһин, санаа быһаҕаһын солбуйуо ини. Бу тухары булбатахпын кини биирдэ ууран биэрбитэ. Таайыгас тарбах…  Улгум уос, уйан уос, минньигэс уос, эрэйэр уос, эрдийэр уос. Онтон атынын оттон уонуттан тахсыбыт эрэ билэр суола ини. Ол бэйэлээх минньигэстэн мин тоҕо да аккаастаммытым буолуой?
Саныам эрэ кэрэх – ибигирэс иэним билбит суолун эрэйбитинэн барар. Хантан эрэ ис түгэхпиттэн үтэн кэлэр үлүгэрэ бу баары суох гына сатыы олорор бэйэбин тиэрэ эргитээри ыксатар. Киһи киһини хомоторо, кыралаан кэлэтэрэ, саарбахтатара, санньытара кэмнээх буолуо дуо. Бу тухары тугунан эрэ тыынан, үлүһүйэн кэллэхпит. Ону барытын киэр илгэн, биир баайыланан хаалар уустук. Ол биһиги умайар-умайбат буоларбытыттан ыйыппат. Ыксал бэйэбитин сиппэт. Киһилии сыһыан сыыйа-баайа таҥыллар, улам-улам уустугурар. Биһиэнэ буоллаҕына, билигин баар буоллун да сабаас диэбит курдук.
 Суох суолу баар ордуга солбуйар. Бииргэ баҕас эн виртуозкун, оттон мин музыка инструменабын? Толорооччу араас-араас манератыгар сөп түбэһэ сатаан, үлүбүөй буолбут тэрилбин. Антиквариат дэммэтэхпэр махтал. Ким эмэ булан ылыар диэри быылынан бүрүллэн турбатахпын дии, хата. Хам-түм оонньууллара. Ким нотанан, ким айдаҕа буолан. Оттон эн курдук мин ис кылларбын таба таайан, дууһатын сүүс өҥүн аһан туран оонньуур, ол оонньуутунан бүтүн олоҕун остуоруйатын этэ сыһар таҥараттан талааннаах толорооччуну көрсө илигим. Махтаныах эбиппин, эн мин ис кэрэбин сэгэтэн, тыллар түгэни бэлэхтээбиккэр.
Музыка айыллар, мелодия төрүүр, таба таҥыллар түгэнэ төһөлөөх күндүтүн өйдүүр хос быһаарыыта суох өйдүөҕэ. Онно туох да эбии деталь наадата суох. Түгэн эрэ эбитэ сөп буолбат бэйэбин сонньутар.
Инструмент уонна толорооччу биир кэлим буолан, сүрэхтиин-дууһалыын иэйэн, өлбөт-сүппэт мелодияны айыыта… Ол нарыннык саҕаланан иһэн үөйбэтэх үрдүккэ тиийтэлиир, үрдүүр-намтыыр, иэйэр-куойар, көтүтэр, көҕүтэр, ытата дьоллуур долгута тохтор соҕотох мелодия киһи буолан бу кураанах куйаарга кыл мүччү айыллыбыппытын толуйар. Бу – син биир төннөр, эрдэ дуу, хойут дуу кэхтэр кэрэгэй дьылҕабытыгар утары туруорар уран түгэн. Киһи буолан иэйэбит, айа-арыйа сатыыбыт. Тырымныы кыыһар биллибэт кииннээх киҥкиниир киэҥ куйаарга иһиллэр-иһиллибэт илдьити ыытабыт.
Эн биһи бэрт боростуой сценарийынан сайдыбыт сыһыаммытын хайдах курдук ханалытан, халлаан суругар холоотум, ханна да суох курдугу хоһуйа сатаатым. Оттон эн, көннөрү көтүмэх эр киһи барахсан, хайа ыырга аараабыккын, ханна сойо күрээбиккин билиэм син биир, билигэһим дэлэ дуо. Суолгун бутуйа, соруйан эрийэ-буруйа бара сатаабытыҥ да иһин, олоххуттан биир орох мин ааммар тиэрдиэ буоллаҕа. Онуоха диэри сойбокко, сотор сорукпун ылыммакка, ылы-чып олордорбун ньии. Эйигинэ суох биир күнү тугунан эрэ толоро, саатар бу суруйуубунан…
Улаҕалааҕын да иһин удамырын уустугурда сатыы олордоҕум. Дьахтар буолуум дьаакырдаан дайар кыахпын бараатаҕым. Эйигинэ суох иэйбэппин, санаа далайыгар тэһийбэппин, бэйэбинэн аны сөп буолбаппын, бэҕэһээҥҥини хат эргитэн манньыйбаппын. Ыра сорҕото эрэ буолан хаалыма, миигин уот иһигэр соҕотох хаалларыма. Бүүс-бүтүннүү бэрт бэйэҕинэн бүгүн кэл… Бүгүн киэһэ, бүгүн түүн өссө биир ытата ыллыыр мелодияны айыах иккиэн бииргэ.
Итинник бэйэбин сөбүлээбэппин. Сөһүргэстии иликпинэ сүрэхпин сүөрэ охсон, тоҥ өйбүнэн, толоос сүрүммүнэн олоруохпун эмиэ да баҕарабын. Кутурҕан мелодията куһаҕан биттии алҕас айылла илигинэ…   
Ылламматах өссө биир ырыа, айыллан иһэн ах барбыт аптаах матыып инструмент-бэйэм ис дириҥэр сөҥөн сырыттын. Ким эрэ хаһан эрэ хатылыа дуо ол кэрэтин, ол дэгэтин?
Киһи бу сиргэ кэлэр соҕотох диэбиппин уларытан, уҕарытан атыны туойан бардым дии. Соҕотох да соргулаах, суолаҕа анаммыт куолас атынын аа-дьуо кыайар. Мин саныыр санаам иирбит барометр курдук уҥа-хаҥас халбаҥныыр биир кэм биэтэҥэлиир. Дьол уонна сор ыккардыгар сыбыытыыр. Дьолум кэм да харах уулаах буоллаҕа.
Хараҥаттан сырдык иигэ хардыылыах, харахпытын быһа симэн, тарбахпыт төбөтүнэн даҕайсан, сап саҕаттан саҕыллан эмиэ иэйэн барыах.
Ол иннинэ тылы тылга тиһэ, ол кэтэҕэр баары илэ эрэйэ олордоҕум бүгүн соҕотоҕун. Эйигин эрэ эппинэн эрэйэ, ол эрэйинэн бу иэйэ. Кутум-сүрүм, дууһам иэйэр диибит даҕаны, салгыны кууһан таптаабаккын.
Ол ыккардыгар онно-манна улдьааран ылабын. Олох барахсан аралдьытан абырыыр ээ сороҕор. Баҕар, устунан барыта орун-оннугар түһээрэй, олох уруккулуу умсугутаарай? Биир күнү аһардым, биир түүнү хайдах эмэ гынан туоруур инибин. Уум миэнэ оннооҕор буолуохтан алдьаммат. Сарсыарда чэм курдук буолан туруом, бэйэбэр эрэ бэриллибит олоҕунан толору дьоллонуом. Мин хаһан кэлэн оонньуохтарын кэтэһэн турар инструмент эрэ буолуохпун баҕарбаппын. Миэхэ үһү биирдэ олордон ылар наада. Инструмент бэйэбэр бэйэм билэрбинэн оонньуохпун, саҥаттан саҥа мелодияны айыахпын баҕарабын. Кимтэн да тутулуга суох дьол тойугун толоруохпун… Соҕотоҕун суолалыахпын.
***
ЧЭГДЭ.

Комментарии 

#1
павлина 12.06.2013 22:32
сразу бастакы этиилэри аахтым да Эн диэн таайдым. Наhаа учугэй, суолталаах суола ханнык да хортан ордук буолла8а,кини кэнул. Туох суоллаах барыта кэнулгэ уэскуур. Почему нет якутского алфавита? Короче, класс!!! Всего хорошего, удачи.

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru