Өтөрдөөҕүтэ дойдубар тахса сылдьан, биир нэһилиэккэ ийэм чугас аймаҕа оҕонньорго хонон-өрөөн ааспытым.
Киэһэ хойукка диэри сэлэһэн баран, утуйардыы оностон эрдэхпинэ, кырдьаҕаһым биир альбому киллэрэн биэрбитэ. «Тоойуом, бу өбүгэлэрбит тустарынан тугу истибиппин-билбиппин суруйдум, ийэҕинэн өбүгэлэриҥ туһунан эмиэ баар, ааҕаар”, - диэтэ.
Ааҕан баран, наһаа бэркиһээтим. Куоракка кэлэн, ийэлээх аҕабын үүйэ-хаайа туттум: «Ити кырдьык этэ дуо, тоҕо миэхэ кэпсээбэт этигитий, кэпсии охсун!» - диэн буолла.
Кэлин төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэкпит историятын хасыһан үөрэтэр учууталы булан эмиэ ыйыталаспытым. Кини эмиэ барытын бигэргэппитэ, сиһилии кэпсиэхтэрэ диэн хас да кырдьаҕаһы ыйан биэрбитэ..
Онон, төһө да итэҕэйэргэ ыараханын иһин кырдьык быһыылаах…
***
Тугу истибиппин, олус уустаабакка-ураннаабакка (өйтөн айан туустаан-тумалаан сэһэргиири сатаабатым бэрт) судургутук кэпсиим.
Хос-хос эһэм (ийэбинэн өбүгэм) сытыы-хотуу, тыллаах-өстөөх, кыһалҕа тирээтэҕинэ охсуһан да турарын кэрэйбэт уола хаан киһи эбитэ үһү. Ол иһин биирдэ кинини Көмүстээх Бодойбоҕо барар обуоска, ат көрөөччүнэн илдьэ барбыттар.
Ыраах ыарахан айаннара Өлүөхүмэнэн охсуллан ааһар эбит.
Онно түспүт тыалларыгар туох да аһара кэрэ дьүһүннээх, курбуу курдук уһун көнө уҥуохтаах нуучча кыыһа баар эбит. Уол үйэтигэр итинник кыраһыабай бэйэлээҕи көрбөтөх эбит. Оннооҕор куоракка (Дьокуускайга) киирэ сылдьан да харахтаабатах мааны кыыһын көрбүтэ үһү.
Уол дөйбүт курдук сылдьарын бэлиэтии көрөн, обуос тумус киһитэ эппит: «Ити кыыс түөһэ кыра, самыыта кыра, ол иһин ким да ойох ылбат, тэбиэс майгылаах – онон сэрэн», - диэбит.
Уол онно эрэ кыһамматах, кыыһы наһаа таптаан кэбиспит.
Бодойботтон төннөн иһэн эмиэ ол ыалга түспүттэр. Барыахтарын иннинэ түгэн булан, уол кыыһы дьон көрбөтүгэр бүөмчү сиргэ батыһан тиийэн кэпсэтээри гыммыт. Кыыс мүчүк гына-гына уолу утары көрөн турбут. Уолбут тугу эрэ саҥара сатаан сордоммут, долгуйан олох эппэт кэлэҕэй буолан хаалбыт.
Ыксаан, туох баламат санаата киирбитэ буолла, кыыһы ыга кууһан ылбыт уонна күүскэ да күүскэ уураабыт. Соһуйбут кыыс уҥа-таалан утарыласпакка турбут. Төһө өр уураабыта буолла, уол эмискэ өйдөммүт, сирэйэ чоххо сытар хобордоох түгэҕин курдук кытарбыт уонна куотан хаалбыт.
Сарсыныгар обуостаах дьон дойдуларыгар төннө турбуттар.
***
Саас диэки иккис сырыыларыгар баҕар эмиэ охсуллан ааһыахтара диэн кыыс уолу кэтэспит аҕай. Дьэ кэллэҕинэ сирэйин тыаһатыам этэ дии саныыра үһү.
Били дьон эмиэ суолу баттаһан сыыдамнык охсуллан ааспыттар – арай уол суох үһү. Кыыс олус хомойбут.
Оччолорго кыыһы ууруур диэн улахан аньыылаах дьыала буоллаҕа дии. Оннооҕор ааспыт үйэ 50-60-с сылларыгар «Уураатыҥ да сыбаайбалыыгын» диэн буолара үһү, оттон XIX үйэ туһунан этэ да барыллыбат.
Суол сабылларын саҕана үөс сиргэ бара сылдьыбыт Өлүөхүмэ киһитэ тиийэн кэлбит, сонун-нуомас, кэпсээн-ипсээн бөҕө үһү. Билэрдии били обуос дьонун ыйыталаспыттарыгар ол уолу кылгастык ахтан аһарбыт – табыллыбыт үһү, ыаллыы нэһилиэк кинээһин кыыһын ойох ылан эрэр үһү, бу күһүн уруу тэринэллэр диэн буолбут.
Дьэ, онно кыыс ыксаабыт аҕай. Таптаан кэбиспитин дьэ өйдөөбүт.
***
Сайын кэлбит.
Кыыс тыына-быара ыгыллан, кэлиэх-барыах сирин булбатах.
Онтон «акаарыта» бэрдэ таайан, хомунан баран, уоран уол олорор улууһугар сатыы бара турбут. Дьонун сылгыларыттан биир-эмэ аты миинэн барар өй киирбэтэх – дьонун аһына санаабыт, сылгыларын сүтүктээн айманыахтара диэн.
Киһи сатыы тиийэригэр олус ыарахан айан буоллаҕа дии. Эһэ-бөрө да тутан сиэбэтэр, бырдах баҕас үгэннээн турар кэмэ буоллаҕа.
Нуучча кыыһа да буоллар, Өлүөхөмэ оҕото буолан, аар тайҕаҕа сылдьа, бултуу-балыктыы да үөрүйэх буолан, уонунан көстөөх түҥкэтэх сис тыаны сис этэҥҥэ туораабыт, арай наһаа дьүдьэйбит, хатыҥыр бэйэтэ өссө синньээн хаалбыт. Оччолорго кыыс бэйэтэ уолу көрдүү итиччэ ыраах барара – саныахха да сүрдээх. Николай Якутскай аатырар «Төлкөтүгэр» Маарыйаны таптыыр уола Сүөдэр кэлэн илдьэ барар этэ дии, оттон Маарыйа бэйэтэ Сүөдэри көрдүү барара диэн – өйгө баппат быһыы буоллаҕа.
***
Дьонноох-сүөһүлээх сиргэ тахсан, ыйдаран, кыыс ол уол дойдутун булбут. От кэмэ саҕаламмыт, уол оттуу сылдьар диэн кэпсээбиттэр, ыйан ыыппыттар. Онно барбыт. Дьэ, бу тиийэн кэлбит.
Толоон саҕатыгар кэлэн баран, кыыс дьэ өйдөммүт, акаарыта сүрдээҕиттэн бэйэтэ бэркиһээбит, кэлэйбит, кэмсиммит аҕай.
Ол биирдэ ууран эрэ ылбыт, атын кыыстыын уруулаһарга бэлэмнэнэ сылдьар уолга тоҕо бачча сүүсчэкэ көстөөх сиргэ кэлэ турбута буолуой?! Уол күлүү гынан баран, төттөрү үүрэн ыытыа буолбат дуо?!
Инньэ дии санаан баран кыыс төттөрү бара турбут.
Ол эрээри ырааппатах.
«Куһаҕан» майгыта таайан, саатар ол уолга тиийэн сааппат сирэйин-хараҕын көрүөм этэ дии санаабыт.
Уонна уол ходуһатын диэки эмиэ хаампыт.
***
Уол оттоон тиритэ-хорута сырыттаҕына тоҕо эрэ иэнэ кэдэҥнээн ылбыт.
Дьиктиргээн, эргиллэн көрбүтэ – толоон кытыытыгар биир уһун уҥуохтаах кыыс турар эбит. Биирдэ-иккитэ хардыылаан баран, тохтоон хаалара үһү.
Сытыы харахтаах муҥутаан, уол били Өлүөхүмэ кыыһа турарын билбит. Ол эрээри итэҕэйбэтэх, хараҕым иирдэ дии санаан дөйүөрэн турбут.
Кыыс буоллаҕына – аҕыйах атылы хаама-хаама, тохтоон ылар эбит.
Уол дьэ өйүн-төйүн булан утары сүүрбүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалбыт.
Кыыс ытамньыйбыт, эмиэ утары сүүрбүт.
…Оо дьэ, ол утары сүүрбүт тапталлаахтар куустуһа түспүттэрин көрбүт киһи баар ини!..
Биһиги аймахха уһун уҥуохтаах, кэрэ дьүһүннээх кыргыттар хам-хаадьаа төрүүллэр. Кинилэри ити Өлүөхүмэттэн төрүттээх эбэлэригэр дылы диэччилэр.
Кыыс, «акаары» бэйэтэ, ол онтон ыла өйө-санаата тосту уларыйбыта үһү, кэлин муударайынан аатырбыта дииллэр. Оннооҕор ыаллыы улуустан кэлэн сүбэ-ама ылаллара, тылын-өһүн истэн бараллара үһү.
***
Ол нуучча хос-хос эбэбиттэн миэхэ туох да тас дьүһүммэр хаалбатах быһыылаах. Арай «харахтарыҥ сулустаахтар» диэччилэр да – сахаларга да ол “сулус” баар буоллаҕа дии. Хос-хос эһэм харахтара эмиэ уоттаах, чаҕылыҥгас буоланнар, Өлүөхүмэ кэрэ кыыһа итиччэ күүскэ таптаан, аат ааттаан ыраах сиргэ кэлэн ыал буоллаҕа, бу биһиги аймаҕы төрүттэстэҕэ дии.
***
Дьон сүрэҕэр тапталы,
Дуолан дохсун санааны,
Дьолу, күнү, чаҕылы
Кымыс курдук кутаары…
Итинни ктаптал туЬунан кэпсээннэри сэһэргиир наада быһыылаах.
Киһи таптаары, таптатаары төрүүр. Онтугар дьоллоноро дуу, эрэйи көрсөрө дуу – дьылҕата буоллаҕа.
УОЛ.
Комментарии
"Саат кутуута" дуу, туох дуу телеебут сурахтаахтар уЬу.
Ол кинээс аймахтара биЬиэннэрин хойукка диэри естене, кынчарыйа сылдьаллар уЬу диэн кэлин кэпсээн тураллар.
Кэлин ол умнуллан, ол аймах кэрэ кыыЬа мин племянникпар кэргэн тахсыбыта.
Сып-сырдык сэбэрэлээх, ыйаастыгас харахтаах, обугуйкаан уостаах, ункуулуурун себулуур кыыс.
Онон син-биир уруур5аспыт курдук тахсан кэлэбит :roll:
Ба5ар, хос-хос эЬэм кэргэн ыла ыспыт кыыЬа эмиэ оннук кэрэ кыыс буолуо.
Ол эрээри Елуехумэ кыыЬын куускэ таптаан кэбиЬэн уонна бачча ыраахха суоллаан кэлбитин се5ен-махтайан, махтанан, кэргэн ылла5а дии.
Дьыл5алара оннук буолла5а...
Кэмсиммэтэх, уйэтин тухары таптыы-буебэйди и сылдьыбыта буолуо дии саныыбын...
Ыраас күннүү күлүмнүү,
Ырыа буолан тырымныы,
Ыраах сулус курдук дуу,
Ыра санаа буолан дуу…
Наталья Михалева киэннэрэ
Оттон бу строкалар
Дьон сүрэҕэр тапталы,
Дуолан дохсун санааны,
Дьолу, күнү, чаҕылы
Кымыс курдук кутаары…
Семен Данилов киэннэрэ