Таҥнарыы "холууптара" уонна хомолтолоро
Четверг, 29 Ноября 2012 10:04
Таҥнарыыны ыарыыта суох ылынар тыынар тыыннаах суох. Ол гынан баран, олохпут хайа баҕарар очуруттан киһи күүһүрэн, уопутуран, өйдөнөн тахсыахтаах уонна салгыы сири өтөн барыахтаах. Олох диэн оннук буоллаҕа.
***
Бастаан, таптал диэн тугун-ханныгын ким хайдах өйдүүрүн быһаарыахха.
Кимиэхэ эрэ бу иэйии дьолу аҕалар. Таптыырыттан кынаттанар, санаата көтөҕүллэр, иэйии имэҥин билбитэ киниэхэ күүһүгэр күүс, кыаҕыгар кыах эбэр. Оттон кимиэхэ эрэ таптал сор-муҥ, эрэй, таһаҕас буолар. Манна, аҥардастыы таптал, күнүү, таптыыр киһиэхэ итэҕэйбэт буолуу, бэйэҕэ эрэнии мөлтөҕөр, барытын бэйэ эрэ баҕатынан оҥоро сатааһын, атын киһи санаатын аахсыбат буолуу - көрдүгэн буолар.
Таптал диэн, кырдьык, үлэ. Сыралаах-сылбалаах, туохха эрэ саҥаҕа үөрэтэр, угуйар иэйии. Бу маны элбэх киһи тулуйбата эмиэ баар суол. Ордук эдэр дьон итиннэ "илистэллэр", ар-бур саҥаттан түргэнник сойоллор, иэйиилэрэ буомурар. Оттон саастаах өттүлэрэ тапталлара - күҥҥэ-дьылга үтүрүллэн уостан хаалар, "привычка" буолар.
- Итинник кэмнэргэ таҥнарыы наада! - диэн биир киһи эппитин өйдөөн кэлэбин.
Баҕар, кини аатырбыт "Любовь и голуби" диэн киинэни этэрэ буолуо. Онно олорон-олорон баран, наар аттыгар сылдьар, ханна да аралдьыйбыт аньыыта суох киһи курорка баран эмискэ көссүүлэнэн хаалан, дьиэлээхтэрин ууга-уокка түһэрэр. Ол мучумааннанан, эрэйдэнэн-муҥнанан баран өр сыл бииргэ олорбут кэргэнин күүскэ таптыырын дьэ билэр. Ойоҕо даҕаны бастаан "кака любовь, когда воздуха не хватат" диэн баран, эрин дьиҥнээхтик таптыырын билинэригэр тиийэр. Тиһэҕэр ол көссүүгэ өссө махталлаах хаалар.
Баҕар, кырдьык, иэйиини сөргүтэргэ, таптал холуубун көтүтэргэ итинник "стресстэр" наадалара буолуо, кимиэхэ эрэ.
***
Сорох эр дьон дьиэтээҕи олохторун "сонурҕатаары" туора-маара хаампыттара эмиэ иһиллитэлээн ылар. Ол гынан баран, мин саныахпар, ити хаҥас хаамааччылар бэйэлэрин "кырдьыктарын таһаара" сатыыр, суобастарын сууна сатыыр ньымалара эмиэ буолуон сөп.
***
- Мин туора күүлэйдиэм этэ да, ыарыы элбэҕиттэн куттанабын, - диир киһи баар. Кырдьык, ыарыы үгүһэ, онтон куттаныы, ордук майгыларынан сиргэмсэх, чэнчис дьону атахтарын кыаһылыыр эбит.
- Ханна да сырыттын, ол гынан баран дьиэҕэ ыарыыны эрэ аҕалбатын, - диир санаа дьахталларга баар. Дьахтар эр киһитин атын дьахтары кытары "үллэстэригэр" туох санаа анньарый? "Эр киһи бииринэн дуоһуйбат, айылҕата оннук" диэн "учуонай" дьахтар кинигэ бөҕөтүн ааҕан баран санньыардык быһаарбыт. Сорох дьахтар кэргэниттэн кэлэйэн, олорбут олоҕуттан тутулуктаах буолан ханна да барар кыаҕа суоҕун иһин таҥнарыыны бырастыы гынан харах уулаах "көҥүллүүрүгэр" тиийэр.
***
Айар идэлээх дьон таҥнарыыга уонна тапталга атын сыһыаннаахтар. Холобур, ырыаһыт Муслим Магомаев кэргэнин - опера ырыаһыта Тамара Синявскаяны кытары "көҥүл бракка" олорбут буолан, икки айар киһи бачча өр бииргэ ыал буолан олорбуттарын туһунан этэллэр. Магомаев интервью биэрбитигэр "главное не застать" диэн девизтээхтэрин эппитэ баар. Ол иһин ырыаһыттар гастролтан кэлиэхтэрин иннинэ бэйэ-бэйэлэрин эрдэ сэрэтэр, хаһан да эмискэ дьиэлэригэр көтөн түспэт эбиттэр.
Айар киһиэхэ кэмиттэн-кэмигэр муза, саҥаттан-саҥа иэйии наада, туора таптыы "охсооһун" кинилэргэ духовнай ас эрэ буоларын айар идэлээх дьон бэйэ икки ардыларыгар өйдөһөр буоллахтарына, "сир дьоно" ону өйдүүрбүт уустуктаах.
***
Таптыыр киһиҥ таҥнарбытын билии, хаһан баҕарар трагедия.
Сорох уйан дьон ону тулуйбакка суорума суолламмыт да холобурдара бааллар.
Таҥнарыыны ордук эр дьон ыарыылаахтык ылыналлар. Бэйэлэрэ "хаҥас хардыылыыр" да, бэриниилээх эр дьон да дьахтар таҥнарыытын анаалыстыы барбаттар. Эр киһи айылҕатынан бас билээччи оруоллаах буоларга дьулуһар. Ол иһин кини "мала" атын эр киһи баһылааһыныгар түбэстэҕинэ иэдэйэр.
Олохпутугар мартриархат көстүүтэ баарыттан эбитэ дуу, дьахталлар эмиэ эр киһини бэйэлэрин "малларын" курдук көрөр майгылара эмиэ элбээтэ. Күнүүлээн эр дьонун тыыннарын быспыттар криминальнай хроникаҕа дэҥҥэ да буоллар көстөн ааһаллар.
***
Киһи барыта таҥнарыыттан куттанар. Сорох-сорохтор ол кутталлара сиэри таһынан диэлийэн тахсар. Кэргэннэрин аньыыга-хараҕа уорбалаан күнүстэри-түүннэри кэтээн-манаан, суустаан, аалан "дүө-даа" ыыталлар эбэтэр, кырдьык кыйытыннаран көссүүлэһэригэр тиэрдэллэр. Дьэ, ол кэнниттэн ким хайдах быһаарарынан бараллар: арахсаллар, эбэтэр ыыстаһа-ыыстаһа бииргэ олоро сатыыллар, эбэтэр "Любовь и голуби" курдук муударайдара киирэн "холууптары" көтүтэллэр.
***
"Көссүүлэһии" (быстах көрсөн ааһыы) диэн былыр-былыргыттан баар көстүү. Уос номоҕор, норуот фольклоругар ол туһунан ылламмыта-этиллибитэ элбэх. Ол гынан баран өбүгэлэрбит онтон сылтаан олохторун алдьаппат, оҕолорун бырахпат, ойохторун-эрдэрин кырбаабат, өлөрсүбэт этилэр.
Билигин буоллаҕына, төбөбүт олоруута уларыйан көссүүһэлэһии - "таҥнарыы" диэн ааттанар, онтон таҥнарыахсыты ким да, хаһан да сөбүлээбэтэ, сөбүлүө да суоҕа.
***
Туора таҕыл ханнарыы "холууп" буолара дуу, ааспат-арахпат дууһа бааһа - хомойуу, кэлэйии буолара дуу киһититтэн бэйэтиттэн тутулуктаах диэн түмүктүүбүн.
Эһиги санааҕытыгар?
***
Марианна ФЕДОРОВА,
"Аартык.ру" "Ытарҕа" рубрикатыгар анаан.
Комментарии
ол гынан баран таптыыр киьим тацнардагына мин кырдьык трагедиялыам этэ.
Тутан ылар диэн дьэ ыарахан эбит, о5олорум туса эрэ диэн олоробун. Хайдан эрэ олох билбэт дьукаах кисини кытта олорор курдук баласыанньа. Олох эрэммэт буоллум кими да. туттара-хаптара тириим тасынан. олох иирэн хаалаллар эбит. Барыта кесте сылдьар, ессе хайдах эрэ онон кисиргиир курдук тутталлар, санараллар буолар эбит. Естеехпер да ба5арбаппын.
Ону хайыыгын, Саха эр?
Омук дьахтарынан дииллэр, ол сеп, онтон олоххо дьахталларбыт бэрт кэбэ5эстик омуктарын, дьоннорун-сэргэ лэрин тусэн биэрэр буоллулар. Атын олох кэлбитинэн (капитализм)сок уоннары тупсаран онорор кэм кэллэ бысыылаах.
Кырдьык тустаахха ыарахан. Ейденер. Олохпут да оннук уустук. Наар харчы былдьаьыга, тыага тем более. Аны саатар барыта кестен турар. Куоракка син киьи суеьу элбэ5эр тус олох арыый кестубэтэ буолуо. Ейдеех дьахтар хаьан да дьиэ кэргэнин ологун ыспат. Сепке суруйбуттар былыр ебугэлэрбит кессуулэстим диэн олохторун алдьаппаттар этэ.
Киьи кырдьарын сатаан билиммэт. Ол иьин эдэр саастарын эргитээри туора хаамаллар. Олоххутун аймааман. О5олоргут барахсаттары аьыныц.
Эр киьи эн да куулэйдээ ээ. Дьахтаргын кунуулэт. Туокка арыгылаама, саамай куьаган быьаарыы ол.
ыал буоллун да эппиэтинэьи сугуехтээххин. ону ейдуеххэ наада. Ол эмээхсинник кессуутэ ойох ылыа уьу дуо. Онтун карьератын туьугар сылдьар киьи наьаа 4 оголоох дьахтары сугуннэрэн илдьэ барбата чуоккай. Ону ойоххор ейдет ээ.
Чэ бары этэннэ.
Саха эр - киhи эрэ буолларгын тулуй, бу ыаллар кэптэрин кэтимэн. Главное, олох арыгылаама, арыгы туохха да кемелеспет
Бэйэтэ буоллагына олох билиммэт. Эмиэ да итэгэйиэхпин наьаа багарабын, эмиэ да дьиннээхтик кырдьык таннарбытын билэбин.
Кондаков этэринэн, хас биирдии киьи ойого(эрэ) син биир бэйэтигэр дьуерэ буолар диэн. Киһи урукку аньыыта-харата, ебугэтин куьаган дьайа - кэргэн ылар киьитигэр көстөр диэн. Туох да аньыын-харан суох буоллагына үтүе киьиэхэ тубэьэҕин, оттон аньыылаах буоллаххына :-*