Сорохтор “аата, кырдьан баран кылыыһыт буолбукка дылы” диэн сиилээн бараллар, сорохтор “таптал сааһы билиммэт диэн итини этэн эрдэхтэрэ", эбэтэр “сааһыран баран атах тэпсэн олорон үүттээх чэйи иһэ олорор туох куһаҕаннаах буолуой, маладьыастар, сөпкө гыммыттар” дииллэр, онтон соҕотох бэйэлээхтэр «миэхэ да киэһэрэ илик эбит” диэн бэйэлэрин уоскутуналлар, “аныгы олоххо кырдьаҕастарбыт кытары сайдыбыттар” да диэччилэр эмиэ бааллар. Дьон санаата араастаан иэҕиллэр.
Биһиэхэ былыр-былыргыттан эдэрдэр эрэ холбоһон, ыал буолан, буруо таһааран олоруохтаахтарыгар дылы олохсуйан хаалбыт өйдөбүл баар. Дьэ, ол өйдөбүлү туора соппут кимнээхтэр эбитий?
Кинилэри көрүөхпүн, кэпсэтиэхпин, билсиэхпин баҕарбыт баҕа санаам туолар күнэ бэйэтэ тиийэн кэллэ. Ол курдук биир субуота күн анаан-минээн кинилэргэ ыалдьыттыы барар чиэскэ тигистим. Харахпыттан хайдах да 80 саастаах кырдьыбыт, бэрт сыранан хаама сылдьар, муус маҥан баттахтаах эмээхсиним уобараһа сүппэт. Кэллибит, ааннарын аһааппын кытта сып-сылаас, буспут бэрэски сыттаах салгын илгийэ биэрэр, иннибэр саар тэгил уҥуохтаах, хатыҥыр, хап-хара баттахтаах, үөрбүт-көппүт, бэрт сэргэх сирэйдээх, сэбиэскэй саҕана 50-чалаах да диэххэ сөп эбитэ буолуо, дьоһуннаахай дьахтар турар эбит. Эмээхсин диэҕи киһи тыла да тахсыа суохха дылы уонна: “Хайа, кэлэ оҕустугут дуо?” - диэн саҥа аллайар. Кэнниттэн, хос иһиттэн, сахаҕа бөдөҥ уҥуохтаах, кэтит сарыннаах, чиҥ-чиҥник хаамыталаан оҕонньор тахсан кэллэ, дорооболосто. Кээтиини уонна Мэхээлэни кытта итинник билистим.
Иккиэннэрин тоҕо эрэ көрөөт да сөбүлээтим, Кээтиим үҥкүүлээн эрэр курдук дыгылдьыйан хаамар, оннук элэстэнэ сылдьан остуолун тардан барар. Бу дьиэлэрэ сылааһын, итиитин, бэрэскилэрэ минньигэһин, үүттээх чэйдэрэ хойуутун! Кинилэр кэпсээннэрин истэ олорон биир остуолга олорон аһыыр да астыгын!
Кээтии:
- Мин оҕонньорум 1971 сыллаахха өлбүтэ, онтон ыла 40 сыл соҕотоҕун олорон кэллим, 9 оҕону төрөтөн улаатыннардым. Оҕолорум билигин бары туруу үлэһиттэр, ыаллар, сиэн да элбэх. 2 оҕом Майаҕа, 1 оҕом Покровскайга уоннааҕылар бары куоракка олороллор. Икки оҕолоох огдообо киһиэхэ эргэ тахсыбытым, онон дьиҥинэн барыларын аахтахпына 11 оҕолоох эмээхсиммин, дьоруой ийэ буолуохтаах этим да, туга кыаллыбатаҕа буолла, бэйэм да оҕолортон, дьиэбиттэн, үлэттэн ордубакка докумуоммун сатаан ирдэспэккэ хаалбытым дуу...

Ийэм олох кыра эрдэхпинэ өлөн, хараҕа суох эбэлээх эһэбэр иитиллибитим, кинилэри "тээтэм", "ийэм" диэн ааттыырым. Иккиэн уус кыһатыгар үлэлээбит буоланнар, онно харахтарын быһа сиэтэннэр тайахтарын тутан, батыһыннаран үс сааспыттан сирдьит буолбутум. Олохпут кытаанах, ыарахан этэ. Олох кырабыттан холкуос араас үлэтигэр эриллэн үлэлээбитим, ньирэй да көрөр, ферма хотонун муус чэҥнээх түннүгүн кыһыйан сырдык да киллэрээччи этим. Эбэлээх эһэбин аһатааччы, көрөөччү мин буолбутум, онтон олох да тулаайах хаалбытым. Ол сылдьан хантан үөрэниэмий, дьонум миигинэ суох олох табыллыбаттара, харахтара мин буоллаҕым... Онон олохпор билбитим диэн - харахпын хайа тардаат үлэ уонна үлэ эрэ этэ.
Хаһан эмэ оонньууга сылдьабын, онно ыстарааптаммыт оҕо ырыа ыллаатаҕына төбөбөр хатыыбын уонна оҕуһум үрдүгэр олордум да ол ырыабын киҥинэйэн ыллыыбын, онтукам былыргылыы дэгэрэҥ ырыалар. Ол иһин да буолуо, Саарын ырыаларын олус сөбүлүүбүн, араадьыйанан биирдэ эмэ иһиттэхпинэ бииргэ ыллаһааччыбын. Билигин да ыллаан иһитиннэриэхпин сөп, - диэн баран Кээтиим ырыатын тардан кэбиһэр.
Ол ыллыы олордоҕуна аны суотабайдара тыаһаан “эйиэнэ-миэнэ” тыаһыыр диэн олох да аралдьытан кэбиһэллэр. Эрийээччигэ тохтуу түһэн баран эрийээр диэн буолар. Салгыы чэйбитин иһэбит, Кээтии барахсан кэпсээнин истэбит. Ол быыһыгар Мэхээлэ оҕонньор дөрүн-дөрүн тохтотон, эмээхсинигэр санатааччы буолар: “Хайа, Кээтии, били эһэҥ мас кэрдэрин туһунан олох да умнан кэбистиҥ дуу” - диэн.

- Ээ, чахчы даҕаны. Тээтэм олох көрбөт да буоллар маспытын мастаан, буруо таһааран, син ыал тэҥинэн олорбуппут. Мин, ол саҕана түөртээх-биэстээх буолуом арааһа, тайаҕын тутаммын тыа диэки суон мастаах сиргэ илдьэбин уонна мас хайа диэки хайыһан токуруччу түспүтүн этээччи буолабын. Ону тээтэм ол диэки хайыһан туран маһы кэрдэр, суулларар. Биирдэ чөҥөчөккүт үрдүк диэн сэбиэт суутугар ыҥырылла сылдьыбыппыт. Онно, тээтэбин хаайдахтарына марылаччы ытыам, оччоҕуна ыытыахтара диэн бэлэмнэммиппин өйдүүбүн. Син аһыннылар быһыылаах, ыыппыттара.

Мэхээлэ:
- Аны от оттуургутун умуннуоҥ?!
- Аны от оттуургутун умуннуоҥ?!
Кээтии:
- Ээ-э! Тээтэм барахсан ол сылдьан оту кытары оттуура. Мин эмиэ алааска батыһыннаран аҕалабын, хойуу оту булларабын, киһим миигин тэйиччи тур диир уонна дьэ охсон барар. Ол оттообут оппутун бурдукка атастаһабыт. Дьэ оннук олорбуппут.

- Кээтии олоҕо ыарахыан. Элбэҕи дьэ көрөн, олох аһыытын-ньулуунун барытын амтаһыйан кэлбит киһи. Өссө да элбэҕи кэпсиэҕэ. Көр, аҕыс уола ахсыан бары аармыйаҕа сулууспалаабыттар. Оннооҕор байыаннай чаастан хайҕабыл сурук бөҕөтүн тутар эбит, онтукайдара билигин да бааллар. Биир хомойоро диэн, улуус баһылыгыттан иккитэ дьиэ көрдөөбүтэ ууга тааһы бырахпыт курдук. Мэлигир. Тыыл, үлэ да бэтэрээнэ буоларын быһыытынан уонна оттон дьиҥинэн дьоруой ийэ буоллаҕа дии. Оччолоох эрэйи олоҕор көрүстэ ини.

- Билигин оҕолорбуттан үөрэбин, сиэннэрбиттэн күнүм тахсар. Оҕолорум “ыла кэлэн иһэбит” диэтэхтэринэ Бэдьимэм диэки күрүүбүн. Дьиҥинэн ханнык баҕарар оҕобор баран олоруохпун сөп этэ. Ол гынан баран төрөөбүт дойдубар, бэйэлээх бэйэм дьиэбэр хаһаайка буолан олорорбун быдан астынабын. Тыа киһитэ куорат таас дьиэтигэр баран хаайтаран олор эрэ, олох тэһийбэппин. Хата бу билигин Мэхээлэлиин булсаммыт Суолабыт саамай эдэр ыала биһиги буолан олоробут, - бэйэ-бэйэлэрин көрсөн күлсэллэр.

- Мэхээлэни аан-бастаан Төхтүргэ табаарыстарбыт үбүлүөйдэригэр көрбүтүм. Онно дьүөгэм “ити оҕонньору акаары буоллаххына куоттарыаҥ” - диэбитэ. Салгыы төлөпүөммүт нүөмэрин бэрсэн кэпсэтэр буолбуппут, билсэн барбыппыт уонна былырыын бииргэ олорорго санаммыппыт. Кини да соҕотох, мин да соҕотохпун. Бииргэ чэй иһэр да астык. Былыргыны, билиҥҥини кэпсэтэн лахсыһабыт, күммүтүн атаарабыт. Мэхээлэ дабылыанньата олус күүскэ тахсааччы, сороҕор 200-кэ да тиийэр. Онон харыстыыбын, маспын билигин да бэйэм хайытабын, кини таһааччы буолар, оһох оттор, муус киллэрэр, мин ас астыыбын, иистэнэбин, билигин да хайа баҕарар оҕуруо анньабын. Хараҕым үчүгэй буолан тугу баҕарарбын барытын иистэнэбин.
Мэхээлэ:
- Уу, Кээтии олус иистэнньэҥ, норуот маастара эбээт. Бэл, миэхэ Сэбиэскэй аармыйа күнүнэн сахалыы таҥас тигэн биэрбитэ. Хаһан да кэппэтэх таҥаһым да буоллар, билигин ыһыахха эбэтэр туох эмэ тэрээһиҥҥэ астына кэтэбин.

- Оттон Мэхээлэ миэхэ дьахталлар күннэригэр таҥас ыктарар массыына бэлэхтээбитэ, бэйэтэ оргутар чаанньыгы. Манна суох ээ, дьэ кини булан ылар, онон таҥас да сууйтарарбар, чэй да оргутарга олох абыранным.

- Мин сааһым 77. Бэйэм Чыаппараттан төрүттээхпин, Варламов диэммин. 11 сыл соҕотох олордум. Икки оҕолоохпун, Нуораҕанаҕа үлэлээбитим. Мин да олоҕу олорбут, үлэни үлэлээбит киһибин. Чурапчы көһүүтүн кыттыылааҕабын. Билигин да Кээтиилиин олох олордорбут диэн олоробут. Сиэннэрэ кэллэхтэринэ эһээ диэн ыҥыраллар. Онтон үөрэбин эрэ. Чэй иһилиннэҕинэ, кэпсэтэр кэпсээммит сыппаатаҕына “эмээхсиэн, бырахсыахха” диэн буолар да, хаартылаан барабыт. Ким сүүйэр, ким кыайтарар. Олох чуҥкуйбаппыт.

- Ээ-э. Сороҕор наһаа олорон хаалаары гынныбыт диэтэхпитинэ суолга турдубут да, массыына тутан чугас улуустары, нэһилиэктэри кэрийэ баран хаалабыт, аймахтарбытын билсиһэбит.

...Эдэр көрүҥнээххин да? Баттах кырааската диэни олох билбэппин, ээйиис, бэйэтэ хара. Оттон бэйэбит аспытын аһыыбыт, оннук-маннык аныгы аһы амсайбаппын, табаахтаабаппын, арыгы испэппин, ыраас салгынынан тыынабын, муус уутун иһэбин. Уонна оттон билиҥҥэ дылы хамсанабын, кыайарбын барытын үлэлиибин. Итигирдик. Дьоҥҥо үчүгэйи, үтүөнү санаа, саҥа күнү көрсөртөн үөр-көт, бэйэ-бэйэни өйдөс, кимтэн да туохтан да тутуллубакка баҕарбыккын оҥор, ситис, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ доруобайдык, этэҥҥэ сырыттыннар. Онтон улахан дьол диэн туох баар буолуой? Оҕолорум ыраахтан төрөөбүт уйалара уоттааҕын көрөн киирэллэрэ да дьол буолбатах үһү дуо? Онтон ордук туох кэлиэй, оннук дуо, Мэхээлээ?
Мэхээлэ:
- Оннук буолбакка. Бэйэлэрэ төһө да сааһырдаллар, ийэлэрэ баарын тухары оҕо буолан сырыттахтара. Онтон оҕо саас дьоллоох кэмнэригэр үктэнэн ылартан ордук туох кэлиэй? Оннук дуо, Кээтии?

- Оннук-оннук...
Кээтиилээх Мэхээлэ өрдөөҕү аас-туор олохторун умнан, «кырдьар сааспытыгар олох кэрэтин билбиппит үчүгэйиэн» диэбиттии бэйэ-бэйэлэрин истиҥник, ып-ырааһынан көрсөн кэбиһэллэр...

Валерия СЕМЕНОВА,
"Аартык.ру" ИХ анаан.
"Аартык.ру" ИХ анаан.
Комментарии
Валерияга, Аартыкка улахыын улахан махтал!
Бу барахсаттары керун даа, дьон быьа эппэтин эрэ, дьон дьоно диэн бу маннык эдэр кырдьагастары этэн эрдэхтэрэ! Дьоллоох буолун Кээтии уонна Мэхээлэ!
Сааьырбыт киьи со5отох буолла5ына сорсуйар аакка барар. Чахчы мындыр кырдьа5астар эбит.
Кээтиилээх Мэхээлэгэ доруобуйаны,
дьолу~соргуну! Уьуннук сарын~сарынныты ттан ейеьен олорун !
Валерияга махтал буоллун!
:oops: