Амтана бэйэтин күһүҥҥү сэбирдэх курдук сананан кэнэҕэс кэлиэхтээх эрэл эстэн кэмсинии тириир кэмигэр санаатынан тиийэ сатыыр. Өйүн туймаардыбыт, сүрэҕин өрүкүппүт күһүҥҥү тапталын кый ыраах кыйдыы сатыыр даҕаны кыаҕа тиийбэт, санаата ылбат, сүрэҕэ баҕарбат.
Минньигэһиин...
- Амтана, эн хайдах эрэ буолбуккун ээ! - дьүөгэлэрэ уорбалыыллар.
- Амтана, таптаабыккын быһыылаах, хотуй, сэрэн!
- Амтана, дьоллооххун даҕаныы...
"Дьоллоохпун? Кырдьык дьоллооҕум буолуо дуо?.." - сиэркилэҕэ санньыар салгына саспыт харахтардаах дьахтартан ыйытар.
Баҕар буолуо ээ...
***
Амтана бэйэтин өйдүүр буолуоҕуттан дьон кини аатын дьиктиргиир. Аҕалаах ийэтэ сааһыран баран холбоспут дьон Айыыһыт оҕо кутун иҥэрэрин олус күүтэллэрэ. Онтон кэтэһэ сатаан баран, кэтэспэт буолбуттарын кэннэ дьэ, кини төрөөбүтэ. Онуоха аҕата үөрэн дьол амтанын биллим диэн кинини "Амтана" диэн ааттаабыта.
Тапталга төрөөбүт оҕо дьоллоох дииллэринии, кэтэһиилээх-күүтүүлээх мааны Амтана олоҕор табыллыбыта. Сааһын баттаһа үөрэх, кэргэн, оҕо-уруу, үлэ-хамнас силигин ситэрэн испитэ. Олоҕун-толкуйун булбут дьахтарынан ааҕынара, ааҕаллара даҕаны.
Онтон... оҕолор улааппыттара, туспа суолларын тэлэн барбыттара. Төлөппүөнүнэн сураһыы, этэҥҥэ буоллахтарына үөрүү, ыксаатахтарына ыгылыйыы... Кэргэнин оҕотун курдук бэрийии... Суох, кинини таптыыр, олоҕун уларытарга хаһан да санамматаҕа, билигин да санаабат.
Барыта былаан быһыытынан сыҕарыйар олоххо, эмискэ кини киирэн кэлбитэ.
***
Ырааҕынан ыырдаах, киэҥ кэпсээннээх, көр-нар ыһыахтаах эдэр сааһын доҕоро хантан эрэ күөрэйэн кэлэн уу нуурал санаатын холоруктуу ытыйан, нус-хас нуктаабыт сүрэҕин төлүтэ эппэҥнэтэн илэ бэйэтин иирдэн кэбистэ.
Бастаан кини өйдөөбөтө, онтон уолуйбута, онтон... иккистээн имэҥирдэр иэйии дьолун билбититтэн ис-иһиттэн сирэйдиин-харахтыын сырдаан, быһыылыын-таһаалыын тупсан дьону... соһутта. Ардыгар, хоойго сытар холоонноох доҕоро ханнык дьаалы киирэн хотун ойоҕун кубулутан эрэрин сэрэйэ сатаан хабырынан ылар, ардыгар хайдах хал буолбакка харахпын эмиэ хатаан эрэбиний диэн бэйэтин бэйэтэ муодарҕаан ылар. Онтон сарсыныгар үлэ үөһүгэр, күннээҕи түбүккэ төбөтүн оройунан умсан, киэһээҥҥи санаата кыйданар, түүҥҥү түрүлүөнэ үрэллэр, эмиэ биир тэҥ олоҕор төннөр.
***
Оттон Амтана ыраахтан сылдьан ыҥырар-угуйар уот сылааһыгар иттэр, даҕайар-таарыйар сылаастан сүрэҕэ нүөлүйэн туймаара сылаанньыйар...
Хайгыыр хараҕы батыһыннара сырыһыннарарыттан иэнэ кычыгыланар, мүөттээх тылы төлө мөҕүһүннэрэртэн имэ тэтэрэр...
***
А.Д.
Комментарии