Саха норуотун өлбөт үйэлээбит, быстыбат тыыннаабыт айыы оҕото – Дьөһөгөйгө улахан суолтабытын уурдубут. Дьөһөгөйбүтүн үйэтитэр, киэҥ эйгэҕэ таһаарар инниттэн араас тэрээһини, күөн күрэстэри ыытыахпыт.
Бу үөрүүлээх бырааһынньыкка «Сиэл намылыйар аартыкка» 99 сэргэни тоҕуорутуохпут, 99 аты кэккэлэһиннэриэхпит. Оһуокайдьыттар, хомусчуттар, норуот маастардарын, уустарын, кус быһыйдар, ат бөҕөлөр талба талааннарын, сатабылларын сөҕө-махтайа көрүөхпүт. Бу ыһыахтан киһи барыта туох эрэ туһалааҕы, умнуллубаты көрөн-истэн, дуоһуйа сынньанан тарҕаһыаҕа.
Бочуоттаах ыалдьыттарбыт «Этно-Эрато» норуоттар икки ардыларынааҕы уһанар ускуустуба бастакы бэстибээлин кыттыылаахтара буолуохтара. Кинилэр сайаҕас санаалаах саха норуотун кытта биир эйгэни олохтоон, ыһыах ыһыахтара, көрү-нары көҕүлүттэн тутуохтара.
Үрүҥ тунах ыһыаҕынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Уйгу-быйаҥ олохтоох, дьоллоох-соргулаах, иллээх-эйэлээх буолуоҕуҥ! Уруй! Айхал!
Дьокуускай куорат баһылыга Айсен НИКОЛАЕВ.