Инньэ гынан, бээһээҥҥи нэһилиэккэ, куоракка, улууска баһылык быыбарын суох оҥорор сокуон барыла “олоҕо суох” диэн буолла. “Ити докумуону уларыппыппыт, киэр илгибиппит! Ким, ханнык таҥнарыахсыт итини эһиэхэ биэрдэ?!”.
Биэрээччи биэрдэҕэ, тиэрдээччи тиэртэҕэ. Ону?
Биэрээччи биэрдэҕэ, тиэрдээччи тиэртэҕэ. Ону?
Тиниктэһии түмүгэр, баһылыктар быыбардарын улуус кииннэригэр эрэ тохтотуохха диэн сокуон барыла бэлэмнэммит диэн буолла. Онон бакаа нэһилиэктэр, улуустар баһылыкпытын талар бырааппыт син хаалыах курдук быһыылаах.
Саҥа сокуон барылынан, Дьокуускай – куорат уокуруга буолан, мээрин Дьокуускайдааҕы Дума дьокутааттара буолбакка, уруккуларын курдук куорат олохтоохторо талар бэрээдэктэрэ хаалар. Оттон Мииринэй, Ленскэй, Алдан, Нерюнгри, Ньурба, Орто Халыма, Бүлүү, Покровскай, Ньурба – “кыра-хара” куораттар мээрдэрин оройуоннааҕы депутаттар советтара талаллар диэн балаһыанньаны киллэрэ сатыыллар эбит.
Ону сэргэ туох баар улуустар кииннэрин баһылыктара – Бороҕон, Нам, Амма, Өлөөн, Майа, Үөһээ Бүлүү онтон да атын “селолар” баһылыктарын эмиэ райсовет депутаттара талар курдук балаһыанньа олохтоору толкуйдууллар эбит: норуот талбыт депутаттара – баһылыгы норуот аатыттан бэйэлэрэ талаллар.
- Туох гынаары улуус киинигэр туспа “мээр” нааданый? Син биир улуус баһылыга улуус киинин дьаһайар. Ол аайы эмиэ туспа тойонноох-хотуннаах “мээрийэни” хамнастаан тутуохха наада. Ол эмиэ бюджет суотуттан харчы! “Чиновник аһара элбээтэ” диэн бэйэҕит айдаараҕыт дии. Ол чиновник элбэх өттө – муниципальнай чиновниктар, региональнай былаас чиновниктара буолбатах!
- Россия үрдүнэн поселенияларга быыбары 9 эрэ регион хаалларда. Уоннааҕыларыгар ананыы эбэтэр, талыллыбыт депутаттар бэйэлэрэ талаллар. Оннук ордук, быыбарга дьон хайдыһыыта тахсыбат.
- Билигин харчы суох, дойду балаһыанньата ыарахан. Өтөрүнэн көнүө ыраах. Быыбарга элбэх харчы баранар, ону таһынан муниципальнай чиновниктары тутарга эмиэ кырата суох харчы бөҕө кутуллар. Бу муниципальнай чиновниктар, нэһилиэк, куорат баһылыктара – “А” категориялаах госсулууспалаахтарга киирсэллэр, онон элбэх хамнастаахтар, үрдүк пенсияҕа тахсаллар – ол эмиэ государствоҕа орускуот. Быыбар тохтоотоҕуна харчы экономияланар.
- Быыбарга нэһилиэктэргэ ким төһө элбэх аймахтаах да, ол кыайар. Ананыы буоллаҕына ордук. Вертикаль власти – үчүгэй. Иирсибэккэ бары биир хамаанданан үлэлииргэ чэпчэки да, көдьүүстээх да. Билигин бэйэ-бэйэбит испитигэр атааннаһартан соло булбаппыт, оттон үлэ турар.
Итинник хабааннаах “субонуоктар” кэллилэр.
Эбэн этэллэринэн, улуус кииннэригэр “мээрдэр” быыбардарын тохтотор сокуон барыла эрэ баар. Сүгүн-саҕын ситиэ дуу, ситимиэ дуу өссө биллибэт. Ол эрэн “баҕар” олоххо киириэ диэн эрэнэллэр.
Аныгыс сырыыга, бу маннык быһа быыбары тохтотор туһунан саҥа сокуону утарааччылар санааларын билиһиннэриэхпит.
***
Aartyk.Ru
Комментарии