Тааттаҕа-Томпоҕо праймериз түмүгэ

Четверг, 25 Апреля 2013 20:51
Оцените материал
(1 Голосовать)
Михаил СОРОВ 65% куолаһы ылан, "ньыгыллар" ааттарыттан улуус баһылыгын быыбарыгар аны күһүн турар буолбут. Билиҥҥи кулуба солбуйааччыта Анатолий БОЧОРУКОВ икки төгүл аҕыйах көрдөрүүнэн хаалбыт.
 
Михаил Михайлович СОРОВ СР правительствотын  председателин А.ВЛАСОВ секретариатын солбуйар салайааччыта.
Бииргэ төрөөбүт быраата Альберт СОРОВ өр кэмҥэ Каадыры аттаран туруорар, сабаҕалыыр департамеҥҥа үлэлээбитэ. СОРОВТАР төрүт таатталар.
***
Оттон Ил Түмэн быыбарыгар киирсэр "ньыгыллар" праймеризтэригэр Таатта-Томпо биир мандаттаах уокуругар биир мандаттаахха даҕаны, испииһэккэ даҕаны икки улууска үлэлээбит уопуттаах Дмитрий САВВИН кыайбыт. Партия испииһэгэр иккис миэстэни "Саха" НКИК президенэ Иван АНДРОСОВ ылбыт. Томполор "телевизор Уйбааҥҥа" бэрт аҕыйах куолаһы биэрбиттэрэ иһиллэр.
Онон "ньыгыллар" балаҕан ыйыгар биир мандаттаах уокурукка Дмитрий САВВИННАРЫН туруораллар. Кини 1956 сыл. төр., РС КМЦ АПК АУ дириэктэрэ. Дмитрий САВВИН биир мандаттаах уокуругунан барар буоллаҕын,а испииһэккэ Иван АНДРОСОВ бастыырыгар тиийэр. 
***
Аартык.ру

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru