Дьикти ис хоһоонноох тэрээһин

Среда, 16 Мая 2012 09:28
Оцените материал
(0 голосов)

vasilij_ivanovich_okoneshnikov_yakutiya_400_auto_jpgБу дьыл муус устар ыйын 20 күнүгэр Алмазнай Киин уораҕайыгар “Квантовай медицинаны” чинчийээччи, биллэр учуонай – Василий Иванович Оконешников интернеккэ арыйбыт бэйэтин блогун туһунан презентация оҥорон, тэрийэн ыытта.

Ону сэргэ, “Народный Целитель” диэн маҥнайгы нүөмэрдээх удостоверениены Владимир Алексеевич Кондаковтан ылбытын (1992 сыл муус устар 20 күнүгэр туппута)  20 сыла туолбутун бэлиэтээтэ.

___________________________________________________________________

В.И. Оконешников бу тэрээһинигэр Саха сирин олохтоохторугар биир бастыҥ “Колымскай бырайыагын” сиһилии билиһиннэрдэ. Истэ, сэргэҕэлии олорон, биһиги Василий Ивановичтан уруккуттан истэр-билэр бырайыакпыт, дьэ, олоххо киирэрэ кэлбитититтэн, Саха сиригэр Аан дойдутааҕы Наукаград тутуллар кэмэ тирээбититтэн испитигэр үөрэ санаатыбыт.

Аан дойдутааҕы Наукоград – билиҥҥи олох бэйэтин ирдэбилэ. Бу балысхан сайдыы кэмигэр олох тыын боппуруостарын быһаарар Научнай киин суолталаах буолуохтаах. Көстөрүн курдук, бүтүн Аан дойду правительстволара быһаарар боппуруостара биир тирэҕэ суох сотору-сотору уларыйа тураллар. Ону таһынан, манна үлэлиир дьон үксэ былаас былдьаһыытыттан бириэмэлэрэ ордубат буолан, олоххо үөскүүр тыҥааһыннаах быһыыны-таһааны кыайан быһаарбаттар. Кырдьык, айылҕаны кытта сибээстээх ыарахан быһыылааннар тахсаары гыннахтарына, олох бэлэмэ суохтар. Холобура, улахан курааннар, тымныылар, халаан уулара, баһаардар, ыарыылар. Бу айылҕа кээһэниитин быһаарар билиилээх, күүстээх специалистары бэлэмнээбэттэр. Ити курдук, медицина, үөрэх – бары эйгэтигэр олох араас өттүттэн улахан уларыйыылар киирдэхтэринэ, сатанара күүтүллэр.

Бэйэлэригэр харчы-былаас оҥосто сылдьар дьон, Аан дойду правительстволарын үлэһиттэрэ хаһан дьиҥнээх олох кыһалҕатыгар киирсэр уонна тылларыгар турар буолалларый?

Ханнык эрэ харчылаах уолаттар быһааралларын дуу, былаас дьаһалтатын кэтэспэккэ эрэ, баар-суох айылҕабытын харыстаатахпытына, айылҕа бэйэтэ ыйбытынан таба  олордохпутуна эрэ олорорбут буолуо.

Онон, күндү, доҕоттоор, Аан дойдутааҕы Наукаград кэмэ тигинээн кэллэ диэххэ сөп. Саха сирэ – чулуу өйдөөх дьонунан, күүстээх хомуһуннаах ойууттарынан-удаҕаттарынан, кэрэ талба ылбаҕай тылынан, киэҥ сиринэн, ыраас чэбдик салгынынан, нус-хас олоҕунан баай. Онтон Сахабыт сирэ алмааһынан баай диэхпитин, билиҥҥи кэмҥэ алмааһы ким баҕарар сиэбигэр уктан илдьэ барар кыахтанна. Онон бэйэбит алмааспыт суолтата сүтэн эрэр курдук.

Аан дойдутааҕы Наукаград сыалынан буолар:

-        бүтүн Аан дойду биллиилээх учуонайдарын баараҕай Научнай кииҥҥэ мунньуу, түмүү;

-        Аан дойду салгыы хайдах суолунан сайдан, өрө туруулаахтык олоруохтааҕын быһаарыы;

-        Сир ийэбитин хайдах чөлүгэр түһэрэн, дьиҥ айылҕабытын харыстыыр тыын боппуруостары быһаарыы.

Маныаха аҥардас атыылыыр эрэ санаанан салайтарбакка, Орто олох муудараһын булан, Аан дойду олоҕун тутулунан, духовноһынан, сиэринэн-майгытынан салайтаран, олоҕу тобулуохха. Онон кыра-хара норуот субу билиҥҥи кэм глобализациятыгар оҕустаран, сүтэн-сэмэлийэн хаалбатын туһугар Аан дойдутааҕы Наукаград үлэлиир ис хоһоонноох тэрилтэ буолуохтаах.

Билэрбит курдук, улахан учуонайдар психологическай туруктара көннөрү дьонтон ураты буоланнар, ханна эрэ олорор, айар-тутар усулуобуйалара, бэчээттэнэр кыахтара суох буолан эрэйдэнэллэр. Куруук дьикти арыйыыларын өлбүттэрин эрэ кэнниттэн алҕас  булан, авторыттан букатын атын санаалаах эҥин тахсара, биллэрэ баар суол. Онтон бу Аан дойдутааҕы Наукаград кыра материальнай кыахтаах буолан баран, сүдү билиилээх учуонайдар Аан дойду дьонун туһугар үлэлииллэригэр төһүү күүс буолуохтаах.

Онон Василий Иванович Оконешников “Колымскай бырайыага” олоххо киирэригэр Саха сирин олохтоохторо өйүөхтэрэ, өйдүөхтэрэ диэн эрэнэбит.

Онтон Москубаҕа тутуллар “Сколково” сыалын-соругун көрдөххө, биһиги курдук Аан дойдуну быһыыр суолу тобулар киин буолбатах эбит. Кини үксүн коммерческай сыаллаах, туох эрэ бытархай малы-салы оҥорор “нано” технологияны эрэ өрө тутар, духовнай ис хоһооно суох тэрилтэ.

Биһиги, былаанныыр Аан дойдутааҕы Наукаградпыт Тенгриттэн (Таҥараттан),  тоҕус халлаан Айыыларыттан ыйдаран-кэйдэрэн, айан-тутан, Духовность – Айылҕа – Куйаар – Атом диэн сокуоннарынан олоҕу салгыы саҕар үөрэхтэри, санаалары уонна медицинэни тобулар киин буолуохтаах. Аан дойдутааҕы Наукаград биһиги сирдээҕи дьон дьиҥнээх космическай өйдөөх-санаалаах буоларбытыгар көмөлөһөр киин быһыытынан үлэлиэхтээх. Оччотугар сиргэ олох, өй-санаа эволюцията түргэтээн, кырдьык, бүтүн аан дойду үрдүнэн арыгы-табах, араас куһаҕан кэмэлдьилэр букатыннаахтык сүтүө этилэр. Оннооҕор өлүү аччаан, дьон доруобуйата тупсан, эдэригэр эрэ түһэр, үйэлэрэ уһуур, дьоллоох олохтор чугаһыа этилэр.

Сирбит ырай планетата тоҕо буолуой суоҕай? Ону Саха сирэ уонна саха норуота эрэ оҥорор кыахтааҕа буолаарай?

Александра Гаврильева, "Кистэдэҥ күүс" сурунаал.


Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru