Санаа тууйуллуута дуу? Сэрэйбит сэрэх дуу?

Вторник, 11 Октября 2016 01:21
Оцените материал
(1 Голосовать)
Элбэх киһи мустар сиригэр кэпсэтии, үксүгэр, сатаан тахсыбат. Тулуйан ким да кими да ситэри истибэт. Быһа түһэн саҥаран атыны кэпсээн барааһын, биитэр ыйыталаһыы, эбэтэр, олох да аахайбаккка, бэйэ-бэйэни кытары атын тиэмэҕэ кэпсэтии буолааччы. Тыл тылга киирсибэт буолуу. Оннооҕор, үс-түөрт буолан мустан олорон сэлэһэргэ кытары маннык буолар. Ол түмүгэр, этиэхтээх, кэпсиэхтээх, туруорсуохтаах, быһаарсыахтаах киһи санаатын сиппэт. Истээччи утары саҥарса, быһаарса олордоҕуна, киниэхэ атын киһи кэпсээниттэн туох да өйүгэр хаалбат. Бэйэтэ да ситэри тугу да кэпсээбэккэ хаалар. Эбиитин бэйэтигэр мэһэйдэһэн, истэрин таһынан, быыс булан, ырыта олорор: ханна эрэ истибитим…, сыыһаны саҥарар…, кураанаҕы куолулуур…


Кэргэнниилэргэ, төрөппүт-оҕо икки ардыларыгар, бииргэ үлэлиир дьоҥҥо санаа сатаан сааһыланан саҥа буолан тахсыбакка, сонун кэпсэммэккэ, үөрүү үллэһиллибэккэ, быһаарсыы бүппэккэ, мунаарар боппуруос эппиэтэ суох хаалан,  тууйуллуу  буолан утарсыыны, өйдөспөт, сөпсөспөт буолууну үөскэтэр. Ол иһин урут күүстээх аҥар үксэ, оттон билигин эдэр ыччат да, дьахтар да өттүгэр арыгыны батыһар төрүөт итиннэ сытар дии саныыбын.

Манна сөпсөһөр буоллаххытына, бэйэ-бэйэҕэ сыһыаны тупсарар, өйдөһөр туһугар, баара суоҕа атыны сатаан тулуйан истиэххэ эрэ наада эбит буолбат дуо? Аахтахха, иһиттэххэ биллэр дьыала курдук. Олохпутугар туттарбыт буоллар  кыраны кыһалҕа диирбит тохтуо этэ. Оччотугар атыны сатаан тулуйан истэргэ аны туох наада? Бириэмэ. Бириэмэ тиийбэтигэр сигэнээччи элбэх. Бириэмэни сатаан хастыы эмит сыл буолар да бүппэт киинэлэргэ булабыт. Бириэмэбитин төлөппүөнүнэн чаас аҥардыыта күнүс көрсүбүт атаспытыгар аныыбыт. Утуйарбытын умнан туран, интернет нөҥүө биллибэт, көстүбэт дьоннуун мөккүһэбит… Онтон  чугас дьоммутун истэр, өйүүр, сүбэлиир бириэмэбит тиийбэт.

Дьону кытары алтыһарга, өйдөөн иһиттэххэ, үксүгэр бэлэм эппиэти этэллэр, тутталлар: оннук буолуохтаах этэ, итини эрдэттэн билбитим, ол иһин да кыыһырыахтаах этэ … 

Дьиҥинэн, чараас эйгэҕэ сыһыаннаах ис им, мин санаабар, киһиэхэ барытыгар баар. Ол гынан баран маны бутуйар киһи элбэх.

«Сэрэйбитим курдук эрим итирик кэллэ» диэччи биттэнэн билбит дуо?

«Куһаҕан буолуохтааҕын билэн, сүрэҕим ол иһин ыалдьыбыт эбит» диир киһи Айыыһыта, көмөлөһөөччү кута, Таҥара (ким хайдах өйдүүрүнэн) эрдэттэн эппиэттээччигэ эрэйи элбэтэн, ыарыыны ыҥыран, сүрэҕин соруйан сордуур дуо?

«Дьэ, ол иһин, наар хараҕа тэстэринэн айанныыра итинник буолуохтаах этэ» диэн суолга буолбут быһылааны быһаараллар.  Холобурдары аҕаллахха баһаам.

Сэрэтэр кыһаллыыттан тахсар. Атын өттүттэн ыллахха, суруллубут курдук хабааннаах холобурдары ылан ырыттахха, наһаа кыһаллааһын, эбиитин саҥа таһааран куһаҕаны күтүрээһин – санаа тиийэн туолуута эбит диэн толкуйдуубун. Уопсайынан, биһиги хас биирдиибит олохпут оҥкула санааттан тутулуктаах эбит диэн түмүккэ кэлбитим.

«Мин мөссүөммүн көрөн куһаҕаннык саҥарбыт киһиэхэ сэрэхтээх буолуо…» диэн Харатаала  эппитин дьиһигийэ истибитим. Онтум баара Харатаала күрүөтэ-хаһаата бүтэй буолан, араҥаччылыыр күүстэрэ куһаҕаннык саҥарааччыга бэйэтин хабыр саҥатын-иҥэтин төттөрү тэйитэлллэр, үтэйэллэр эбит. Саҥарбыт тыла-өһө сэт-сэмэ буолан тиийэн бу киһи олоххо моһуогуруон сөп. Бу маны «тугу биэрэҕин да оннугу ылаҕын»  диэн этэн эрдэхтэрэ.

Тымтыктаах тыллаах дьон баарын бааллар. Оннук  киһи анаан-минээн саҥарбыта, оҥорбута кырыыс буолан тиийэрин тиийэр, өскөтө саҥарыллааччы туруга, доруобуйата мөлтөх буоллаҕына.  Кырыыс таһыттан, туораттан дьайыы дии саныыр этим. Онтум баара чугас дьонум эрэ кырыыс ыытар кыахтаахтар эбит. Ыал туспа күрүөлээх-хаһаалаах (ауралаах). Хас эмит сыллар тухары биир ситимҥэ баайылла сылдьаллар. Бу ыалтан ким эрэ (ордук бас-көс киһи) уйулҕата хамсаатаҕына, туруга ыһылыннаҕына атыттар күрүөлэрэ эмиэ эмсэҕэлиир, аһыллар, алдьанар. Айдаан аймалҕана «тыаһа-ууһа» суох биллибэккэ хаалбат, умнуллан быстыбат. Кыыһырыыбыт, быыппастыыбыт, саҥарбыт саҥабыт сөҥөн сөҥүөрэн хаалар. Саҥарыллыбыт өйүгэр-санаатыгар бу чугас киһибит сытыы тыла, эппитэ-тыыммыта суруллан хаалар. Хас эмит сыллар тухары мунньуллан, тоҕоостоох кэмигэр хостонон эппиэтэ-хардата өссө күүһүрэн, сэтэрээн сэт-сэлээн буолан, бүтүн аҕа ууһа эстэр эбит. Баар суох чугас дьоммут дьайыылара кырыыс буоларын билэн баран сөрү диэн сөхпүтүм, сонньуйбутум.

Маннык түбэлтэлэргэ, атаҕастаммыт курдук санаммакка, «туһааннаах киһи бу түгэҥҥэ, бу тиэмэҕэ, тимир-тамыр саҥаран, тугу миэхэ тириэрдэ сатыыра буолла?» диэн өһүргэммэккэ, болҕойон истэр буолуохпуттан, чэпчикитик ылынабын, араас сураҕы-садьыгы таһынан истэбин. 

Хас да сыл анараа өттүгэр «мунаарар боппуруоскар бэйэҕиттэн ыйыт, эппиэти кэтэс, кэлиэҕэ…» диир Күндүүнэҕэ кытаанах соҕустук этэн турабын: «бэриллибит боппуруоска эппиэти билэр эрээригин этиэххин, наадыйан ыйытар буоллаҕым дии». Онтум баара, сырыы ахсын бэлэм эппиэти истээри, атын киһиэхэ кыһалҕатын сыбаан, киһи толкуйдуу сатаабат буолар эбит.

Ыйытыыга, кырдьык, эппиэт кэлэр. Кулгааххар ким да сибис гыммат. Бастакы кэлбит санаа – ол  эппиэт. Маҥнай, өйдөөбөккө өйбүнэн быһаара сатыырым, ылымматаҕым. Билигин сатаан итини олохпор туһанабын. 

Харса суох, саҥаны билбити, көрбүтү, истибити  олоххо боруобалаан истэххэ эрэ киһи бэйэтин өйдөбүлүгэр кэлэр. Кимтэн да тутулуктаммат буолар. Ханнык да «үөрэххэ» баайыллыбат. Суола тэлэллэр. Кыаҕа кэҥиир.  Дьоҕура аһыллар. Баҕата туолар. Санаабыта сатанар. Таптала тыллар. Көҥүл буолар. 

        ***                                                                   

Кыраттан саҕаланар:

 

Хабыр хаппырыыс.

Сээн сэнээһин

Быстах быыппастыы

Кырык кыыһырсыы

Уохтаах уордайыы…

 

Сыһыаны мөлтөтөр:
 

Бааһар балыыр.

Толоос туруорсуу.

Моһуоктаах модьуйуу.

Булгутар бопсуу.

Баайар быраабыла.

Хам хаайар хааччах.

Иирсээннээх ирдэбил.

Биилээх  бирикээс…

 
Кыаллар кыһалҕа:

 
Атаарыллар алҕас.

Булуллар булкуур.

Өйдөнөр өһүргэнии.

Көтүрүллэр күрэстэһии.

Өһүллэр өстөһүү.

Туоратыллар тургутуу.

Көннөрүллэр күрүө…

 
Туругу тупсарар:


Сай санаа.

Уоскуйуу,  налыйыы.

Ааттаһыы, көрдөһүү.

Анаммыт алгыс, арчы.

  ***

Хомпорууна,
"Ис иим этэринэн"
 

 

Комментарии 

#1
Халлаан 11.10.2016 19:13
Дьон да араастаах утары корон олорон чаай иьэ-иьэ эн бэйэц дьиэ5эр сэнэбил тылларын истэр оччото суох.Киирбит киьини кытта хайдах этиьэ охсуьа олоруоххунуй?!К иьини ситэри билбэт эрээри мэнээк тыллаьар дьон син биир хардатын туталлар.

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru