Арыгы туһунан аҕыйах тылы ахтан аастахха

Среда, 07 Августа 2013 02:29
Оцените материал
(0 голосов)
Аан дойдуга араас элбэх алдьархай төрдө буолбут, Аар Айыылартан көҥүллэтиилээх, арыгы ас обургу, эҥинэ бэйэлээх Өркөн өйдөөхтөр үтүө-мааны санааларыгар-оноолоругар, тылларыгар-өстөрүгэр кымаардаан да көрбөккө, оччоттон баччаҕа дылы айдарыллыбыт айыытын, дьайыахтаах дьайыытын оҥоро олордоҕо эбээт, Орто Туруу Дойду кэтит туонатыгар.
Кини баҕайы, туох үчүгэйдээх буолан, суох буолан, сүтэн-оһон, симэлийэн хаалбакка баар буолан бэһирэн, бэйэтин биллэрэн, хас биирдии ыал олоҕор кытыыттан кыттыһан, ойоҕоһуттан орооһон аныаха дылы сылдьан эрэрэ буолла?!
Ол эрэн, айылҕа барахсан анаан айбыт буоллаҕына хайаан да туох эрэ суолталаах буоллаҕа.
Бу орто дойдуга алҕаска баар буолан хаалбыт туох да суох.
Айылҕа улуу тулхадыйбат сокуонун быһыытынан, сирдээҕи олоххор орто суолтан туораатыҥ даҕаны охсуу буолар, онон олоҕуҥ суолугар араас үөрэтиилэр-сыһытыылар кэтэһэн ахан турдахтара.
Олортон биирдэстэрэ арыгы барахсан буоллаҕа.
“Барахсан” диэн тылы ханыытыгар эрэ эппэтим. Ис дьиҥэр киирдэххэ, кини тус бэйэтэ туох да куһаҕана суох, анала – чааһа оннук. Онон кинини абааһы көрөр наадата суох. Хата, киһи олоҕун өйдөөн көрдөххө, кини тугу абааһы көрөр да, ону тардан ылар буолар эбит. “Бэйэҕэр буолбатаҕына, бэдэргэр кэлиэҕэ”, - диэн мээнэҕэ этиллибэтэҕэ чахчы. Арыгыны, арыгыһыттары абааһы көрөр дьон
оҕолоро-ыччаттара, чугас дьонноро иһээччи буолан хаалар түбэлтэлэрэ баар суол.
Сорох киһи үтүө-чэгиэн сылдьар кэмигэр: “Аата оҕолоор, туохтан барытыттан куттанан, хайдах бэйэни хааччахтана сылдьыллыай? Баары-баарынан сылдьыллар буоллаҕа!” – диэччи. Эмиэ да сөп курдук.
 Кутталтан ордук киһиэхэ охсуулаах, алдьатыылаах туох баар буолуой?
Ол эрэн, киһи бу орто дойдуга олоҕу ортотун булан сылдьарга үөрэх бара кэлэр. Ол иһин сыыһа-халты тутуннахха сэрэтиилэр диэн бааллар. Айылҕа сокуонун быһыытынан туох даҕаны эппиэтэ суох хаалбат. Санаабыт санааҥ, саҥарбыт саҥаҥ, тугу эрэ гыммытыҥ барыта эйгэҕэ баар улахан систиэмэттэн эппиэтин ылан иһэллэр. Ол иһин этэллэр: “Үтүө үтүөнэн, мөкү мөкүнэн эргийэр”, - диэннэр.
Киһи диэн тыыннаах буолан сылдьарын тухары таайыллыбат таабырын.
Дьэ, холобура, туга барыта этэҥҥэ буолан баран иһэр-аһыыр киһини дэбигис өйдүү охсор уустуктардаах. Ону тэҥэ ааһан иһэн арыгы ас аналын-чааһын барытын ыраас мууска ууран кэпсээн кэҕийэн кэбиһэр уустук.
Арыгы таабырына үгүс.
Аны төрдүн-төрүөтүн билбит да иһин, аны ону иһэр-аһыыр киһи ылыныа, истиэ биллибэт эбээт. Төһөлөөх элбэх ийэ-аҕа, эдьиий-убай, эр-ойох сырдык санааларын ууран туран санаа-оноо, сыал-сорук оҥостон чугас киһилэрин арыгыттан быыһыырга турууулаһан көрбүттэрэ кыайтарбатаҕа буолуой?!
Арыгы иһии төрдүттэн силиһин түөрэн ыллахха эрэ
букатыннаахтык тохтуур кыахтаах.
Оттон ол төрдө-төрүөтэ ис туругу кытта быстыбат сибээстээх буоларын умнар сатаммат эбит. Саамай киэҥник тарҕаммыт төрүөтүнэн иһэр киһи туһугар долгуйуу (беспокойство) буолар. Дьэ манна кэлэн, киһиэхэ долгуйуу олус куһаҕаннык дьайарын, оттон үтүөнү баҕаран сырдык санаанан, алгыһынан, эрэлинэн сыһыан букатын атын дьайыылааҕын өйдүөххэ наада.
Ким эрэ туһугар долгуйдаххына ол киһиҥ суолун бүөлээн кэбиһэҕин,
ону ааһан туох баар ыарахан санааҕын киниэхэ сүктэрэҕин.
Ону сатаан арааран, долгуйуу – беспокойство, переживание, ону таһынан киһиэхэ үтүөнү баҕарыы, алгыстаах санаа – благословение туох-хайдах дьайыылаахтарын биллэххэ уонна сатаан туһана үөрэннэххэ сатанар. Өскөтүн киһиэхэ дьиҥнээхтик көмөлөһүөххүн баҕардаххына, кыайыаххын сөп.
Ордук ийэ уолугар, ойох эригэр олус долгуйаннар, тус бэйэлэрин да олохторун умнан, наар ол иһэр-аһыыр киһи туһунан эрэ санаанан олорор буолаллар. Онтулара буоллаҕына көмөлөһүөн оннугар, хараҥа тардыылаах буолан харгыс бөҕөтүн оҥорор эбээт!
Оччотугар тугуй, ол иһэр киһи хайдах да буоллун диэн баран
сылдьабыт дуо диэччилэр, сорохтор.
Суох оннук буолбатах, бастаан бэйэ туһунан толкуйдаан, бэйэ туругун бөҕөргөтөн, ол кэннэ, дьэ үөрэ-көтө киһигэр көмөлөстөххө ордук дьайыылаах буолар. Бэйэтэ үөрэр турукка тиийбэтэх киһи атын киһиэхэ дьайара букатын кыаллыбат.
Санаа күүһүнэн, ол аата хара күүһүнэн кыра көмө оҥоруохха сөп, ол гынан баран ол улахан дьайыыта суох буолар. Оттон дьайар буоллаҕына иэстэбиллээх, тардыылаах буолар.
Сырдык күүс диэн – айылҕа күүһэ,
киһи баҕа санаатын күүһэ (сила воли) – хара күүс.
Биллэн туран иһэр киһи бэйэтэ ис туругун көннөрөр туһугар охсуһа сатыахтаах.     Санаарҕыы сытан, тугу да гыммакка эрэ хайдах да туругу уларытара кыаллыбат.
Оҕо сылдьан тапталы билбэтэх, алыс атаахтаабыт (оҕону атаахтатыы таптал буолбат), дьоҥҥо хом санаалаах, өсөһөр о.д.а. түктэри майгылар соҕотохсуйууну үөскэтэн арыгы иһии төрүөтэ буолаллар.
Арыгыта суох сатаан үөрбэт-көппөт (комплекстаах), иэйии туругун билбэт киһи биллэн туран арыгынан эрэ сатаан бэйэтин аралдьыта түһүөн сөп. Ол да иһин, наар тугу эрэ була сатыыр түбүгэр умса түһэн хаалан (деловой киһи) ис туругу күүрдэн кэбистэххэ, ис искиттэн арыгы иһиэххин баҕаран кэлиэххин сөп эбээт!
Түмүктээн эттэххэ,
хас биирдии киһи арыгыга ылларбыт төрүөтэ ураты буолар. Ол гынан баран онно саамай тирэх буолар – куттал уонна кыбыстыы. Үгүс киһи дьонтон ураты буолартан кыбыстар, бэйэтин санаатын кыайан өрө туппат. Ол иһин дьон тэҥэ буола сатыыр.
Норуокка арыгы иһэр киһи мөлтөх диэн өйдөбүл дириҥник иҥэрэ буоллар, үгүс киһи кыбыстан иһиэ суоҕа этэ. Ону баара урукку иитиибит тобоҕо ордон сылдьара мэһэй буолар.
Эр киһи “АҺЫ” сатаан аһыахтаах, кыраҕа хотторуо суохтаах, айылҕаҕа тахсан, бааньыкка тиийэн “расслабись” гынары сатыахтаах, онтон суох буоллаҕына “ХАЙДАХ ЭРЭ КИҺИ” диэн буоллаҕа.
Бастаан төрүөтүн булуохха, ону кыайыахха наада.
Ол иннинэ быстах эмтэтэн, кодировкалатан бэйэни эрэ албыннаныы курдук буолар, төрүөтэ түөрүллэ илик буоллаҕына атынынан диэлийэн тахса туруо буоллаҕа...
Арыгы иһэр киһи ис туруга ситэ уоскуйа, сайда илик диэн өйдөбүлүнэн бэйэ туһугар, үүнэр-сайдар туһугар, атын дьонтон хаалбат туһугар, бэйэ дьонун-сэргэтин туһугар ис туругу сайыннарыы суолугар үктэннэҕэ буолуохтун.
Ол туһугар атын дьон туох дииригэр кыһаллыбакка, дьиҥ эр киһи буолан, бэйэ санаатын өрө тутан хорсуннук кииристэххэ хайан да түмүктээх буолар.  
 
Кулан
"Кистэлэҥ Күүс" сурунаал

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru