Таҥнарыы "холууптара" уонна хомолтолоро

Четверг, 29 Ноября 2012 10:04
Оцените материал
(5 голосов)
Таҥнарыыны ыарыыта суох ылынар тыынар тыыннаах суох. Ол гынан баран, олохпут хайа баҕарар очуруттан киһи күүһүрэн, уопутуран, өйдөнөн тахсыахтаах уонна салгыы сири өтөн барыахтаах. Олох диэн оннук буоллаҕа.


***
Бастаан, таптал диэн тугун-ханныгын ким хайдах өйдүүрүн быһаарыахха.

Кимиэхэ эрэ бу иэйии дьолу аҕалар. Таптыырыттан кынаттанар, санаата көтөҕүллэр, иэйии имэҥин билбитэ киниэхэ күүһүгэр күүс, кыаҕыгар кыах эбэр. Оттон кимиэхэ эрэ таптал сор-муҥ, эрэй, таһаҕас буолар. Манна, аҥардастыы таптал, күнүү, таптыыр киһиэхэ итэҕэйбэт буолуу, бэйэҕэ эрэнии мөлтөҕөр, барытын бэйэ эрэ баҕатынан оҥоро сатааһын, атын киһи санаатын аахсыбат буолуу - көрдүгэн буолар.

Таптал диэн, кырдьык, үлэ. Сыралаах-сылбалаах, туохха эрэ саҥаҕа үөрэтэр, угуйар иэйии. Бу маны элбэх киһи тулуйбата эмиэ баар суол. Ордук эдэр дьон итиннэ "илистэллэр", ар-бур саҥаттан түргэнник сойоллор, иэйиилэрэ буомурар.   Оттон саастаах өттүлэрэ тапталлара - күҥҥэ-дьылга үтүрүллэн уостан хаалар, "привычка" буолар.

- Итинник кэмнэргэ таҥнарыы наада! - диэн биир киһи эппитин өйдөөн кэлэбин.

Баҕар, кини аатырбыт "Любовь и голуби" диэн киинэни этэрэ буолуо. Онно олорон-олорон баран, наар аттыгар сылдьар, ханна да аралдьыйбыт аньыыта суох киһи курорка баран эмискэ көссүүлэнэн хаалан, дьиэлээхтэрин ууга-уокка түһэрэр. Ол мучумааннанан, эрэйдэнэн-муҥнанан баран өр сыл бииргэ олорбут кэргэнин күүскэ таптыырын дьэ билэр. Ойоҕо даҕаны бастаан "кака любовь, когда воздуха не хватат"  диэн баран, эрин дьиҥнээхтик таптыырын билинэригэр тиийэр. Тиһэҕэр ол көссүүгэ өссө  махталлаах хаалар.

Баҕар, кырдьык, иэйиини сөргүтэргэ, таптал холуубун көтүтэргэ  итинник "стресстэр" наадалара буолуо, кимиэхэ эрэ.

***
Сорох эр дьон дьиэтээҕи олохторун "сонурҕатаары" туора-маара хаампыттара эмиэ иһиллитэлээн ылар. Ол гынан баран, мин саныахпар, ити хаҥас хаамааччылар бэйэлэрин "кырдьыктарын таһаара" сатыыр, суобастарын сууна сатыыр ньымалара эмиэ буолуон сөп.

***
- Мин туора күүлэйдиэм этэ да, ыарыы элбэҕиттэн куттанабын, - диир киһи баар. Кырдьык, ыарыы үгүһэ, онтон куттаныы, ордук майгыларынан сиргэмсэх, чэнчис дьону атахтарын кыаһылыыр эбит.    

- Ханна да сырыттын, ол гынан баран дьиэҕэ ыарыыны эрэ аҕалбатын, - диир санаа дьахталларга баар. Дьахтар эр киһитин атын дьахтары кытары "үллэстэригэр" туох санаа анньарый? "Эр киһи бииринэн дуоһуйбат, айылҕата оннук" диэн "учуонай" дьахтар кинигэ бөҕөтүн ааҕан баран санньыардык быһаарбыт. Сорох дьахтар кэргэниттэн кэлэйэн, олорбут олоҕуттан тутулуктаах буолан ханна да барар кыаҕа суоҕун иһин таҥнарыыны бырастыы гынан харах уулаах "көҥүллүүрүгэр" тиийэр.

***
Айар идэлээх дьон таҥнарыыга уонна тапталга атын сыһыаннаахтар.  Холобур, ырыаһыт Муслим Магомаев кэргэнин - опера ырыаһыта Тамара Синявскаяны кытары "көҥүл бракка" олорбут буолан, икки айар киһи бачча өр бииргэ ыал буолан олорбуттарын туһунан этэллэр. Магомаев интервью биэрбитигэр "главное не застать" диэн девизтээхтэрин эппитэ баар. Ол иһин ырыаһыттар гастролтан кэлиэхтэрин иннинэ бэйэ-бэйэлэрин эрдэ сэрэтэр, хаһан да эмискэ дьиэлэригэр көтөн түспэт эбиттэр. 

Айар киһиэхэ кэмиттэн-кэмигэр муза, саҥаттан-саҥа иэйии наада, туора таптыы "охсооһун" кинилэргэ духовнай ас эрэ буоларын айар идэлээх дьон бэйэ икки ардыларыгар өйдөһөр буоллахтарына, "сир дьоно" ону өйдүүрбүт уустуктаах.

***
Таптыыр киһиҥ таҥнарбытын билии, хаһан баҕарар трагедия. 

Сорох уйан дьон ону тулуйбакка суорума суолламмыт да холобурдара бааллар. 

Таҥнарыыны ордук эр дьон ыарыылаахтык ылыналлар. Бэйэлэрэ "хаҥас хардыылыыр" да, бэриниилээх эр дьон да дьахтар таҥнарыытын анаалыстыы  барбаттар. Эр киһи айылҕатынан бас билээччи оруоллаах буоларга дьулуһар. Ол иһин кини "мала" атын эр киһи баһылааһыныгар түбэстэҕинэ иэдэйэр.
Олохпутугар мартриархат көстүүтэ баарыттан эбитэ дуу, дьахталлар эмиэ эр киһини бэйэлэрин "малларын" курдук көрөр майгылара эмиэ элбээтэ. Күнүүлээн эр дьонун тыыннарын быспыттар криминальнай хроникаҕа дэҥҥэ да буоллар көстөн ааһаллар.

***
Киһи барыта таҥнарыыттан куттанар. Сорох-сорохтор ол кутталлара сиэри таһынан диэлийэн тахсар. Кэргэннэрин аньыыга-хараҕа уорбалаан күнүстэри-түүннэри кэтээн-манаан, суустаан, аалан "дүө-даа" ыыталлар эбэтэр, кырдьык кыйытыннаран көссүүлэһэригэр тиэрдэллэр. Дьэ, ол кэнниттэн ким хайдах быһаарарынан бараллар: арахсаллар, эбэтэр ыыстаһа-ыыстаһа бииргэ олоро сатыыллар, эбэтэр "Любовь и голуби" курдук муударайдара киирэн "холууптары" көтүтэллэр.  

***
"Көссүүлэһии" (быстах көрсөн ааһыы) диэн былыр-былыргыттан баар көстүү. Уос номоҕор, норуот фольклоругар ол туһунан ылламмыта-этиллибитэ элбэх. Ол гынан баран өбүгэлэрбит онтон сылтаан олохторун алдьаппат, оҕолорун бырахпат, ойохторун-эрдэрин кырбаабат, өлөрсүбэт этилэр. 
Билигин буоллаҕына, төбөбүт олоруута уларыйан көссүүһэлэһии - "таҥнарыы" диэн ааттанар, онтон таҥнарыахсыты ким да, хаһан да сөбүлээбэтэ, сөбүлүө да суоҕа.  

***
Туора таҕыл ханнарыы "холууп" буолара дуу, ааспат-арахпат дууһа бааһа - хомойуу, кэлэйии буолара дуу киһититтэн бэйэтиттэн тутулуктаах диэн түмүктүүбүн.

Эһиги санааҕытыгар?

***

Марианна ФЕДОРОВА,
"Аартык.ру" "Ытарҕа" рубрикатыгар анаан.

Комментарии 

#1
Мыына 29.11.2012 11:33
ммм, можно и так сказать...
ол гынан баран таптыыр киьим тацнардагына мин кырдьык трагедиялыам этэ.
#2
Даайыс 29.11.2012 21:03
Хайдах эрэ "статистиканы" этэр курдук сууххайдык суруллубут. Дьиҥинэн, ынырык ыарыы буоллаҕа таптыыр киһиҥ таҥнарара диэн. Арааһа Марианна бэйэтэ хаһан да бу бэрэбинэҕэ кэтиллибэтэх быһыылаах... Дьахтар наар "миэнэ атыттар курдук буолбатах, миэнэ эрэллээх" дии саныыр, төһөнөн эрэнэҕин да, соччонон таҥнарыыны ыарыылаахтык ылынаҕын. Бэйэм олохпуттан этэбин. Мин кэргэним күүлэйдиирин билэн баран 1,5 сылы быһа депрессиялаабыт ым. Туох да долгуппат этэ, туох да үөрдүбэт этэ... тула барыта тымныы-хараҥа этэ. Бэл оҕолорбун да умнан кэбиспитим. Онтон хата биир киһини көрсөн ол ыарыыбын аһардыбытым. Кини миэхэ ытыыр-соҥуур "жилетка" буолбута. Кэлин уоскуйбутум, барытын атын хараҕынан көрбүтүм.
#3
Куо 29.11.2012 21:04
эр дьон бары күүлэйимсэхтэр. что с них взять.
#4
Лабык 29.11.2012 21:06
Оттон мин Марианна суруйбутум себулээтим. Объективно кербут. Психолог быьылаах. Собственниктар наһаа элбээтилэр, ол иһин трагедия элбэх.
#5
Дьегуессэ 30.11.2012 10:29
саамай эффективнэй эмп - бириэмэ.
#6
Эр хоһуун 30.11.2012 21:56
Куо барахсаны ханнык эр киһи хомоттоҕой? Дьон араас буолар, санааҕын түһэримэ, эн да дьиҥнээх тапталгын көрсүөҕүҥ.
#7
Мыына 30.11.2012 21:58
Даайыс билигин ол таҥнарыахсыккын кытары олороҕун дуо? эбэтэр жилеткалыын холбоспутуҥ дуу?
#8
Саха эр 01.12.2012 10:07
Дьахталлар сурдээх дьон, эмээхсиним 20 сыл бииргэ олорон 4 о5олонон баран басылык солбуйааччытын кытта керсуулэстэ ээ...
Тутан ылар диэн дьэ ыарахан эбит, о5олорум туса эрэ диэн олоробун. Хайдан эрэ олох билбэт дьукаах кисини кытта олорор курдук баласыанньа. Олох эрэммэт буоллум кими да. туттара-хаптара тириим тасынан. олох иирэн хаалаллар эбит. Барыта кесте сылдьар, ессе хайдах эрэ онон кисиргиир курдук тутталлар, санараллар буолар эбит. Естеехпер да ба5арбаппын.
#9
Д.К. 02.12.2012 19:59
Уоааай... наьаа да ынырык дии!
Ону хайыыгын, Саха эр?
#10
Эр киһи 02.12.2012 20:00
Унту таьыйан биэр!
#11
Дьахтар 02.12.2012 20:01
Ыал ийэтэ куулэйдииригэр эр киһитэ буруйдаах буолуон сеп. Хал буолан дьахтар баар диэн кербекке-истибэ ккэ, болҕомто уурбакка сылдьыбыта буолуо.... или
#12
Ыарахан 02.12.2012 20:01
балаьыанньа эбит. Дьэ бэйэбэр оннук тирээн кэллэгинэ хайдах гыныахпын билбэппиин...
#13
Зинаида Саха эргэ 03.12.2012 03:56
печаль. главное билигин бэйэн шоктаан иьиэ суоххун наада. причина какая? дьахтарын туох диирий? кэпсэтэгит дуо?
#14
Даайыс 03.12.2012 03:59
Мыына, ол тацнарыахсыппын аан олоробун. Билиццитэ барыта этэццэ курдук. Бириэмэ эмтиир эбит. Ол гынан баран бастакы сылларбар олох кере-кере ньиэрбинэйдиир этим. Чуть что сразу силбиэтэнэн ол дьахтарын санатааччым. Онтон бэйэм хаста да туора хаампытым. Киниэхэ иэстэьэн, хайдагын биллин диэн. Онтон син ейбутун-тейбуту н буллубут быьылаах.
#15
Даайыс 03.12.2012 04:00
Саха эр, эн бастаан туора сылдьыбытын буолуо. ол иьин эмээхсиниц иэстэспитэ буолуо.
#16
эбээ 03.12.2012 08:24
дьэ таннарыы диэн ыарыытын билбэтэргит сэп этэ мин эрим эмиэ иирэн эссэ о5олонон баран сылдьар барбат да кэлбэт да олох о5олорум эрэ тустарыгар эй санаа тусунан этэ да барбаппын ынырык ыарыылаах то5о эр дьон дьиэ5итин о5олоргутун харыстаабаккыт буолуой эр киси дьиэтигэр о5олоругар халын хахха суон дурда буолуохтаах буолла5а дии иэстэсэн таннарар диэн суруйалларын эйдээбэппун сиргэниэх санаам кэлэр огонньорбун кэрэ кэрэ сиргэнэбин асара эр кисини уэсэ тутар сатаммат эбит дуу диэхпин ба5ардым бириэмэ бириэмэттэн оройго биэрэн миэстэтэ ханна баарын биллэриэххэ наада эбит
#17
Саха эр 03.12.2012 08:57
Зинаида5а. Хайдах да гынар кыах суох бысыылаах (Араастаан токкуйдаан кердум) Арахсан кербут киси дуу диибин да эмиэ тохтуубун. уже кэнним усаан, инним кылгаан дии саныыбын, тэриммит хаhаайыстыбабын туппут онорбут диэбин уоппун, оголорбун барытын ысан баран туох буолабын диир санаа хам тутар. Билигин сокуон барыта дьахтар тусугар. Онтон таннарыы тусунан буолла5ына, тыа5а барыта курдат кестен олорор уонна иитиибит олох ону бобор. Табыллыбат буолла5а. Ол гынан баран хайдах эрэ барыта кэлин "тупик" курдук буолла. киси ейе-санаата тууйуллар буолар эбит. То5о ойох ылан о5о теретен олох олорон диэх курдук.

Омук дьахтарынан дииллэр, ол сеп, онтон олоххо дьахталларбыт бэрт кэбэ5эстик омуктарын, дьоннорун-сэргэ лэрин тусэн биэрэр буоллулар. Атын олох кэлбитинэн (капитализм)сок уоннары тупсаран онорор кэм кэллэ бысыылаах.
#18
Лаанык_ка 03.12.2012 15:18
эр дьон дьахтары, онтон дьахталлар эр дьону буруйдууллар. ким да билбэт септеех эппиэти... мин наар хайдах эрэ дьону, бабниктары, билиммит со5устары бэйэбэр тардабын. учугэй уолаттар саллан чугаьаабаттар. ол иьин со5отох сылдьабын.
#19
Саха эр 03.12.2012 16:27
Даайыс, сэгэртэйиэм, ынах кутуругар хам бааллыбыт саха эр киситигэр насаа оннук ей киирбэт ээ, барыта тыын былдьасыга. Мас, от, кыстык, идэсэ, тутуу, сир куруелээсинэ, кыра холтуура, о5уруот. Биир эмэ кун кус, балык, тэрилтэ5эр улэ. Сыл аайы "как белка в колесе" цикл эргийэ сылдьар. Этэргэ дылы кулуупка, спортзалга сылдьар ахсааннаах. Улэ5эр хойутаатаххына ессе ба5айын кунуулуур ээ, сирэйэ сааппакка.
#20
Тыа олохтоо5о 03.12.2012 22:34
Саха эр, наьаа санаа5ын туьэримэ. Оттон хайдах эмэ гынан умна, бырастыы гына сатыырын буолуо. Сепке этэллэр бириэмэ эмиэ. Дьахтарын иирэн баран оттон тохтуур ини. Кризис среднего возраста диэн итини этэн эрдэхтэрэ.
Кырдьык тустаахха ыарахан. Ейденер. Олохпут да оннук уустук. Наар харчы былдьаьыга, тыага тем более. Аны саатар барыта кестен турар. Куоракка син киьи суеьу элбэ5эр тус олох арыый кестубэтэ буолуо. Ейдеех дьахтар хаьан да дьиэ кэргэнин ологун ыспат. Сепке суруйбуттар былыр ебугэлэрбит кессуулэстим диэн олохторун алдьаппаттар этэ.
Киьи кырдьарын сатаан билиммэт. Ол иьин эдэр саастарын эргитээри туора хаамаллар. Олоххутун аймааман. О5олоргут барахсаттары аьыныц.
#21
Миитэрэй 03.12.2012 22:37
Лааныкка, мин бэйэлэрин билиммит эр дьон ахсааннарыгар киирсибэппин. Оттон эн аьара яркай кыыс буолуон ол иьин оннуктар сысталлар. Чугаьатыма. Аттыгар сылдьар боростой уол сылдьара буолуо ээ, ону таба керууй.
Эр киьи эн да куулэйдээ ээ. Дьахтаргын кунуулэт. Туокка арыгылаама, саамай куьаган быьаарыы ол.
#22
Эр киьиэхэ 03.12.2012 22:40
дьахтаргын аьара маанылаан улэлэппэккэ атаахтаппытын буолуо. Ити Эбээгэ эмиэ сыьыаннаах. Сорох дьон кэргэттэрин "ого" онорон кэбиьэллэр. Отттон ого "улаатан" тереппуттэриттэ н барар угэстээх.
ыал буоллун да эппиэтинэьи сугуехтээххин. ону ейдуеххэ наада. Ол эмээхсинник кессуутэ ойох ылыа уьу дуо. Онтун карьератын туьугар сылдьар киьи наьаа 4 оголоох дьахтары сугуннэрэн илдьэ барбата чуоккай. Ону ойоххор ейдет ээ.
#23
эбээ 04.12.2012 08:24
Эр киси оруобуна сэпкэ эппит тэбэ5э тасааран баран басыыбалара итинник буолар айыылара харалара тиийиэ ээ
#24
Саха эр 04.12.2012 10:20
Дьэ до5оттоор, ыар санаабын уллэстэн чэпчээбиккэ дылы буоллум. Уопсайынан тубэспит, билбит эрэ киси ейдуурэ буолуо, ол да буоллар бары кыттыспыт, ей уллэстибит дьонно махталбын тиэрдэбин. Олох билбэт да дьоннорум буолларгыт. (Хата билэр дьоммун кытта бу боппуруоска олох айах атан кэпсэппэппин, син сэрэйдэллэр, биллэллэр да кинилэр да туох да диэбэттэр.)
Чэ бары этэннэ.
#25
ааныс 05.12.2012 09:18
уhун олох очуостарын олорон баран, ону анализтаатахха туох барыта ааhaр, сааhыланар. Билинни олох ценностара барыта уларыйда.Таптал дии-дии киhи барыта иирэн барда. Таптал уhун уйэтэ суох, эр дьоммут сахалыын-нуучча лыын сааhыран баран иирэн, ол аата "кризис среднего возраста" диэн киэргэтэн ааттаан олорбут олохторун алдьатан, таптаабыт дьахтардарын таннаран олох санаттан олоро бараллар. сиэннэрин саастыы дьахталларга иирэллэр. тоhо да кризистаммыт киhи майгытын-суобаh sн кыратык саныахтаах, туттунуохтаах эбит, да.. Билигин эдэр кыргыттарбыт сиргэммэттэр, кэрэйбэттэр, харчы эрэ баар буоллун. Билинни кэм ологу барытын уларыта тутан, киhигин эрэнимэ, истиэнэгин эрэн диэн принцибынан олоруохха наада. ол аата дьахтар ханных багар уларыйыыга мэлдьи бэлэм буолуохтаах: эн эрэ оголоргун таннарыа суохтааххын. Материальнай да оттулэрэ эйигиттэн тутулуктаах. Бугун медтаах эр киhи тыла сарсын оххо кубулуйуон сеп. Итэгэй, ол гынан баран куруук олоххун халбаннаабат гына оносто сырыт..
#26
Мичийэ 05.12.2012 09:48
аа5ан баран санаам туhэн хаалла. Саха эри аhынным а5ай. Итинник суол баар а5ай. Биир билэр ыалым итинтэн сылтаан ыhылынна. Эмиэ ыал ийэтэ иирэн. Хата о5олоро улаатаннар, туспа барбыт буолан наhара аймамматылар. Ол гынан баран ыал оло5о ыhыллан тус-туспа сыпдьаллар. Дьахтар кессуутэ ылбата, дьээдьэ со5ото5ун олороохтуур, дэлби ырбыт инин, дьахтар улэтэ суох куораккак кеhен кэлэн балтыгар сытар айах ада5ата буолан, ханна да улэлээбэт, прописката суох ылбаттар да5аны, аны хара улэни сирэр быhыылаах.Учугэ й улэтин, дьиэтин уотун ыhан баран кэмсинэрэ буолуо дуо?
Саха эр - киhи эрэ буолларгын тулуй, бу ыаллар кэптэрин кэтимэн. Главное, олох арыгылаама, арыгы туохха да кемелеспет
#27
эбээ 05.12.2012 13:27
арыгы эрэ исимэ чахчы ничего эн да ууулусса5ар быраасынньык буолуо мин ол "быраасынньыкпы н " куутэн олоробун о5олор эрэ этэннэ сырыттыннар
#28
Лоокуут 06.12.2012 01:16
Эр киьи кырдьык айылҕатынан собственник. ол иьин дьахтара куулэйдиирин биллэгинэ иэдээн трагедия буолар. Мин идеальнай киьи буолбатахпын хаста да кессуулжьж сылдьыбытым. Онтон ойогум куулэйдээбитин билэн баран олох иирэ сыспытым. Хотя бииргэ олоробут, ол гынан баран кыайан бырастыы гыммаппын. Сиргэнэбин. Харахпын симнэхпинэ атын киһини кытары хайдах туттан-хаптан уураспытын, хоонньоспутун представляю и прямо задушить готов.
Бэйэтэ буоллагына олох билиммэт. Эмиэ да итэгэйиэхпин наьаа багарабын, эмиэ да дьиннээхтик кырдьык таннарбытын билэбин.
#29
Оҕонньор 06.12.2012 01:19
Барыта ааьар доготтоор. сурэх бааьа да оьор. кырыйдаххытына итини таах мэник санаа курдук керуеххут. Дьиэ кэргэн аата дьиэ кэргэн, ойох аата ойох, кессуу аата кессуу. онон бутэр. икки дьахтар тэннэ ууга тустэгинэ ойоххун быыьыыгын.
#30
Иэйэхсит 06.12.2012 12:07
Бу хаьан да чуолкай эппиэтэ быьаарыллыбат тема.Маны хас биирдии киьи бэйэтэ хайдах иитиилээ5инэн,м айгылаа5ынан керен ылынар,быьаарын ар.Мин эмиэ маны барытын эт хааммынан ааспытым,билбит им.Оннук эрэ киьи ейдуур бу кыьал5аны.Ол иьин сепке этэллэр:ескетун дьахтар эр киьини ере тутар,кининэн эрэ олорор буолла5ына эр киьи ону син биир сыаналаабат.То5 о диэтэххэ киниэхэ СИЭРТИБЭ буолбакка,СИЭМЭ Х наада.
#31
tooto 07.12.2012 09:58
Er kihi oyo5un hara mannaigittan ubaastiirin kordoruohtaah a ne begat po babam dokazivaya chto on muzhik uonna oioh onno-manna sirittagina olbut-bistibit ata5astammit-ba ttammit ehi buola5it barita erten sahalanar
#32
Баайа 09.12.2012 00:45
Дьэ, буолан иьиэхпит. Сорогор кыьыйабын ээ, наьаа учугэй эр дьонно сэлээрчэх багайылар тубэьэллэр, оттон учугэй багайы дьахталларга куьаган багайы эр дьон тиксэр.
Кондаков этэринэн, хас биирдии киьи ойого(эрэ) син биир бэйэтигэр дьуерэ буолар диэн. Киһи урукку аньыыта-харата, ебугэтин куьаган дьайа - кэргэн ылар киьитигэр көстөр диэн. Туох да аньыын-харан суох буоллагына үтүе киьиэхэ тубэьэҕин, оттон аньыылаах буоллаххына :-*
#33
Эр бэрдэ 01.05.2013 18:12
Баайа баалаама, аньыыны туеьумэ...

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru