Дания уонна Саха сирэ тугунан майгыннаһалларый? Эбэтэр госчиновниктар бюджет суотугар омук сиригэр тахсаллара төһө көдьүүстээҕий?

Четверг, 19 Июля 2012 14:14
Оцените материал
(1 Голосовать)
Дьикти тутуллаах, бэрээдэктээх дойдуга олоробут. 50 кыраадыска тиийэр томороон тымныылаах кыһыннаах олорон, муҥутаан  +0 +6 кыраадыс тымныыга үөрэммит Бельгия ынаҕын бас быстар сыанаҕа сөмөлүөтүнэн көһөрөн аҕалабыт. Калмыкияҕа куурусса сымыытын баттыы сатаан баран ынахтарын атыылаһабыт.
Аны быйыл правительство солбуйар бэрэссэдээтэлэ Алексей Стручков курурузаҕа үөрэммит Канада сүөһүтүн аҕалыах буолан омуктары кытары илии тутуста. Тыа хаһаайыстыбатын “сайыннарарга” хас эмэ сыл устата уларыйбат састааптаах ТХМ делегацията Германияҕа, Кытайга баран кэлэрэ. Баҕар, киһи өйдүөх этэ, өскөтүн ол сүүһүнэн тыһыынча солкуобайынан эргийэр командировкалар түмүктэригэр биһиги да хороҕор муостаахпыт омук сүөһүтүнүү төлөһүйэн турара эбитэ буоллар. Ону баара сылтан-сыл ахсын сүөһүбүт ахсаана аччыы турар. 20-с үйэ саҕаланыытыгар Саха сиригэр 700 000 ыанар ынах баар эбит буоллаҕына, билигин 100 000 да тиийбэт. Бу өрөбөлүүссүйэ иннинэ аам-даам тымныыны тулуйар, кэлии боруода курдук ыарыыга дөбөҥнүк бэриммэт саха ынаҕын боруодата мөлүйүөнтэн тахса ахсааннаах буоллаҕына, билигин саха сүөһүтүн боруодата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1200 эрэ хаалла.
 
“Уопут атастаһа”
Бу соторутааҕыта эмиэ  “уопут атастаһа” диэн ааттаан Үөрэх министиэристибэтэ делегация тэринэн Данияҕа бара сырытта. Тугу билбитий-көрбүтүй? Дьыссааттары...
Судургу типовой да дьыссааты туппакка олорон, Дания курдук Европа биир сайдыылаах государствотын батыһан “инновационнай” дьыссааты тутар кыаллыа дуо? Данияҕа кыра оҕо 98%-на дьыссаакка хабыллар, оттон биһиэхэ 20-30%.
Миниистир Афанасий Владимиров солбуйааччыта Василий Петров салалталаах делегация стажировката “Саха өрөспүүбүлүкэтин оскуола иннинээҕи үөрэтии инновационнай сайдыытын бырайыагын бэлэмнээһинин чэрчитинэн” ыытыллыбыт.
Министиэристибэ үлэһиттэрэ, бастатан туран, тугу сэргээбиттэрий? Дьыссаат-оскуола тутуутун уонна оҥорор өҥө сыанатын, оҕону иитии ньыматын.
Дания, биһиэхэ холоотоххо, олоҕун укулаатынан, менталитетынан, айылҕатынан уонна олоҕун таһымынан букатын сир-халлаан курдук атын дойду. Европаҕа саамай үрдүк орто хамнас Данияҕа төлөнөр. Россияҕа холоотоххо, биһиги хамнаспыт датчаннар орто хамнастарын 4%-ныгар эрэ тэҥнэһэр. Датчаннар дьыссааттарын төлөбүрдэрэ ортотунан 15 000 солкуобай. Кинилэргэ ити суума дьиэ кэргэн бюджетыгар биллибэт эбит буоллаҕына, биһиги орто дохуоттаах ыалларга киһи кыаммат сыаната. Чиновниктар “сайдыылаах омук уопутун батыһан” сыананы үрдэттэхтэринэ иэдэйэбит.
***
Сылаас дойдуга тутуу технологията бэрт судургу – хомуллар чэпчэки конструкциялаах дьиэлэри дөбөҥнүк кэчигирэтиэхтэрин сөп. Оттон Саха сиригэр “хортуон” дьиэ төһө үйэлээх буолуой? Омуктар уоттара күн сырдыгынан оҥоһуллар. Оттон манна тоҕус ыйдаах кыһыннаах кылайар күннээх дьоҥҥо ол технология табыллара саарбаҕын ааһан, саҥа технологияны олоххо киллэрэр сыаната ыарахана сыттаҕа.  Датчаннар айылҕаны харыстаан экологияҕа содула суох технологияны туттар эбит буоллахтарына, биһиэхэ орускуота эрэ кыратынан көрөн барыс быүыллар.
Олохтоох Үөрэхпит министиэристибэтэ үлэһит ахсаанын сэргии көрбүт – логопедтара, атын куруһуоктары ыытар учууталлара суох диэн. Учууталлар дьыссаат сакааһынан кэлэн дьарыктаан бараллар эбит. Өскөтүн омуктары батыһан туох баар дьыссаакка үлэлиир логопедтары, национальнай култуура учууталларын, музыкальнай, физкультурнай салайааччылары о.д.а. специалистары уураттахпытына, онто да суох кыра хамнастаах лэһиттэр өссө үлэлэриттэн маталлар дуо? “Кинилэри уураталаан баран, хамнастарын иитээччилэргэ биэриэххэ” диэн делегация чилиэттэ этии киллэрбиттэр. Биһиэхэ хамнас үрдээтэҕинэ булгуччу ким эрэ суотугар оҥоһуллар буоллаҕа.
***
Россияҕа дьыссааттары тутуу санитарнай нуормата инньэ 1980 сыллаахтан уларыйбакка турар. Делегаттар датчаннар моделларын сэргээбиттэр: туспа оонньуур, утуйар хостор, спорт саалата, музыкальнай, онтон да атын анал хостор ирдэммэт эбиттэр. “Онон, кыра да дьыссааттары тутуохха, санитарнай ирдэбили уларытыахха” диэбиттэр. Дьокуускай  дьыссааттарыгар биир группаҕа 46-50 тиийэ оҕо сылдьар. Музыка, физкультура учууталларын уураталаан баран кинилэр хосторугар эбии группалары тэрийиэххэ диэн  этии киллэрии быһыылаах.
 
Тоҕо эбитэ буолла, куорат дьыссааттара киһи тыыммат сиэри таһынан итиилэр. Саҥа тутуллубут оскуолаларга эмиэ салгын хамсаабат. Дьыссаакка да, оскуолаларга да оҕо нуорманы таһынан элбэх. Буһурук куйаас салгынтан тымныы салгыҥҥа тахсыбыт оҕо сыыстарара элбэх. Министиэристибэ үлэһиттэрэ кыра датчаннар “салгыҥҥа утуйалларын” олус сэҥээрбиттэр. Сэргээ да сэҥээр, ити биһиэхэ хайдах кыаллыай? Кыһын – тымныы, сайын -  бырдах...
***
Үөрэх министиэристибэтин делегацията Данияҕа сырыытыттан дьиҥнээхтик туһалааҕы аҕалара эбитэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Биир кыраайтан биир кыраайга түспэккэ, Саха сирин айылҕатын, дьонун-сэргэтин, олоҕун таһымын учуоттаан туран “датскай этиилэри” киллэриэх этэ.
 
Ирина МАКАРОВА.

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru